24.12.2020 | 14:06 | Просмотров: 620

СЫННЬАЛАҤ КЭМИГЭР УЛУУСКА ТАХСАР ОҔОЛОРУ КЭТЭБИЛГЭ ЫЛЫАХТАРА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥнар кэмнэригэр Дьокуускайтан улуустарга айанныыр оҕо уһуйаанын, оскуола иитиллээччилэрин медицина үлэһиттэрэ кэтэбилгэ ылыахтара.

«Каникул кэмигэр киин куораттан улуустарга айанныыр оҕолор тустарынан медицина хонтуруолугар ылыллыахтара. Кэтэбил сайын ыытыллыбытын курдук барыаҕа», — диэн суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина үгэс буолбут брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

Маны таһынан, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын, Култуура уонна спорт министиэристибэлэрэ интэринээттэртэн оҕолор куттала суох айаннарын хааччыйар бэрээдэгин олохтуохтаахтар.

Санатан эттэххэ, сайыҥҥы сынньалаҥҥа улуустарга айанныыр оҕолор медицинскэй көрдөрүүнү ааспыттара, сорох түгэннэргэ коронавируска анаалыс ирдээбиттэрэ баара.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.