Сымыйа декларацияны оҥоруу иһин — холуобунай эппиэтинэс
Ахсынньы 4 күнүттэн саҕалаан нолуок уорганыгар эбэтэр табаары батарыыга сыыһатын өйдөөн туран, сымыйа (подложнай) счет-фактураны уонна нолуок декларациятын (оросчуоту) толоруунан дьарыктаныы иһин холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр буолла. Бу манна табаары тиэйии, толоруллубут үлэ, өҥө, баайы-дуолу биэрии туһунан сымыйа сибидиэнньэлээх докумуоннар тустарынан этиллэр.
Холуобунай сааҥсыйа быһыытынан 100-тэн 300 тыһ. солк. диэри кээмэйдээх ыстараап, күһэлэҥ үлэ, түөрт сылга диэри көҥүлү быһыы туттуллар буолбут.
Бу туһунан сиһилии уонна ким итинник эппиэтинэстэн босхолонуон сөбүн "О внесении изменений в Уголовный кодекс Российской Федерации и статьи 28.1 и 151 Уголовно-процессуального кодекса РФ” диэн 2024 сыл сэтинньи 23 к. 406 № ФЗ ааҕыаххытын сөп.