СЫЛГЫЛААХ ДЬОҤҤО ИРДЭБИЛ КЫТААТАР
Бэйдиэ сылдьар сылгылар хаһаайыттара административнай эппиэтинэскэ тардыллан, 3000 солкуобайынан ыстарааптаналлар..
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, бу кэнники күннэргэ 2 сылгы үөрүн бас билээччилэрэ быһаарыллыбыт. Кинилэри 3000 солкуобайга ыстарааптаабыттар.
Дьокуускайга билигин 8-10 үөр сылгы бэйдиэ сылдьара биллэр. Үксүлэрэ бэлиэлэрэ суох. Ол иһин хаһаайыттарын булан ылар олус уустук.
СЫЛГЫЛАРГА ЫСТАРААП СТОЯНКА ТЭРИЛЛИЭҔЭ
Урут хаһаайыннара ким буолара биллибэт үөрү куорат таһыгар үүрэн кэбиһии уопута баара. Дьокуускай куоракка көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар дьиэ кыылларын тутар анал балаһаакка тэриллэрэ былааннанарын Тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрэр.
Тулагы уонна Хатас агро хайысхалаах оскуолаларын баазатыгар көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар сылгыларга ыстараап стоянкалары тэрийиэхтэрин сөп. Билигин сылгылары тутан ылыы, тиэйии, аһатыы уонна көрүү-истии бэрээдэгэ торумнанар.
Онон мантан антах сылгылары көрүү-истии иһин административнай эппиэтинэс күүһүрүөҕэ. Хаһаайыттар сылгыларын сөптөөх усулуобуйанан хааччыйбатахтарына, мэччирэҥ сир бэриллиэ суоҕа. Дьоҥҥо суоһуур кутталы аахпатахха, бөхтөн аһааһын сыспай сиэллээхтэргэ бэйэлэригэр олус кутталлаах. Ол иһин эһиилгиттэн сылгыларга булгуччу чип кэтэрдии ирдэниэҕэ диэн Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар былаанныыллар.
МЭЧЧИРЭҤ СИР БЭРИЛЛИЭҔЭ
Дьокуускайга уонна куорат чугаһыгар 3169 төбө сылгы иитиллэр. 2020 сылга 14 хаһаайыстыба сылгы иитиитин сайыннарыыга субсидия ылбыта.
Киин куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ мэччирэҥ сирэ тиийбэтин туһунан урут да суруйан турабыт. Билигин тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин сылгы иитээччилэргэ мэччирэҥ сирин быһыытынан туһаҕа биэрии бэрээдэгин чэпчэтии боппуруоһа көрүүгэ сылдьар. Быһаарыы ылыллар түгэнигэр, сылгы иитээччилэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн субсидия ылар кыахтаныахтара.