Сылайбакка кэллэ
Кыра уҥуохтаах Изабелла Борисова 100 км сүүрүүгэ, бэйэтиттэн быдан киэҥ хардыылаах, уһун атахтаах дьахталлартан бастакынан кэллэ. Кини аан дойдутааҕы таһымнаах маастар нуорматын толордо! Сорохтор 42 км 195 м, оннооҕор орто сүүрүүлэргэ олох быстан кэлээччилэр. Изабелла, икки кыыс ийэтэ, бачча уһун дистанцияны холкутук кэлэн, тренерэ Татьяна Жиркова бастакынан эҕэрдэлии көрсүбүтүгэр үөрэ-көтө бара турдулар.
Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх спортсменкабыт бириэмэтэ — быйылгы сезоҥҥа аан дойдуга бастыҥ – 7 чаас, 32 мүнүүтэ! Онон Жиркова быйылгы сылга Арассыыйа-21 чемпионкалара Сардаана Трофимованы, Изабелла Борисованы уонна Арассыыйа-21 үрүҥ көмүс призера Надежда Гоголеваны бэлэмнээн, ити дойду саамай улахан түһүлгэлэриттэн үөрэнээччилэринэн аҕыйах ый иһигэр үс мэтээли өрөспүүбүлүкэҕэ аҕалтарда. Урут мэтээлтэн ыраах сырытталлар да, маастар нуорматын толордохторуна үөрүү буолара.
Кырджагасов кыһаллыыта
Аан дойдутааҕы таһымнаах маастар Надежда Гоголеваны соторутааҥҥы кыайыытынан чиэстээһин буолла. Ааспыт сылларга Арассыыйа чемпионаттарыгар 100 км иккитэ биэтэккэ кэрэ аҥаардартан инникинэн лиэнтэни быһан турар. Быйыл ыам ыйын 16 күнүгэр суукка устата сырсыыга 245,5 км баран, Арассыыйа үрүҥ көмүс призера буолбута. Итинэн өрөспүүбүлүкэ абсолютнай рекордун тупсарбыта.
Чиэстээһиҥҥэ Саха сирин сүүрүүнү сөбүлээччилэрин уонна чэпчэки атлетика федерациятын аатыттан ити уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Анатолий Кырджагасов эҕэрдэлээтэ, спорка, тус олоҕор ситиһиилэри баҕаран туран, 150 000 солкуобай суумалаах сертификаты туттарда.
Тренер Татьяна Жиркова тохсунньуттан ыла бу спортсменканы кытта үлэлээн эрэрэ тута ситиһии биэрдэ. Киниэхэ ол иһин 50 000 солкуобайдаах бириэмийэ ананна.