09.12.2023 | 10:00

Сылаас тыыннаах өбүгэ таҥаһа

Ахсынньы 2 күнүгэр, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн «Сылаас тыыннаах өбүгэ таҥаһа» сахалыы кыһыҥҥы таҥас күрэһэ уран тарбахтаах иистэнньэҥнэри, норуот маастардарын уонна өбүгэ таҥаһын сэҥээрээччилэри Арчы дьиэтигэр түмтэ.
Сылаас тыыннаах өбүгэ таҥаһа
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Күрэс 3 көрүҥүнэн ыытылынна: Үгэс буолбут кыһыҥҥы саха танаһа; Аныгылыы тигиллибит күннэтэ кэтиллэр кыһыҥҥы саха таҥаһа; Хаттык таҥастар. Күрэскэ Саха сирин араас улуустарыттан 32 маастар кыттыыны ылла.

Күрэс кыайыылаахтарын уонна анал аат хаһаайыттарын дьүүллүүр сүбэ быһаарда. Онон “Кылаан чыпчаал” кыайыы аатын Хаҥалас улууһун “Дьэр утума” түмсүү ылла. Кинилэр былыргылыы сиэринэн-туомунан тигиллибит эр киһи симэҕин саҥыйаҕыттан саҕалаан, кымньыытыгар диэри сөргүтэн, подиумҥа кэтэрдэн, көрөөччүлэр, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ыллылар.

Розалия Мордовская, “Дьэр утума” түмсүү салайааччытын солбуйааччы:

— Биһиги биир дойдулаахпыт Маһары Баһыыкап 1676-1679 сылларга Москуобаҕа алта ыйынан атынан айаннаан, саха норуотун кэскилин түстэспитэ. Ол саҕана казактар саха норуотуттан наһаа улахан түһээннэри (нолуоктары) ылаллара, сахалар оннооҕор урут өлбүт ийэлэригэр, аҕаларыгар кытары төлүүллэр эбит. Ону Маһары Баһыыкап саха омуга эстэрэ бу кэллэ диэн ыраахтааҕыга туруорсубут уонна уурааҕы көтүттэрбит.

Онон биир дойдулаахпытын үйэтитээри, 390 сааһыгар анаан бу симэҕи тиктибит. 1920-с сылларга Ксенофонтовтар уҥуоҕун хостообуттара, ол онтон булуллубут матырыйааллары үөрэтэн, моһуонун таһын, өҥүн-дьүһүнүн быһааран, сөргүтэн тиктибит. 10-тан тахса киһи буолан 4 ыйы быһа дьиэни-уоту умнан, ньиргиччи иистэннибит. Билиҥҥи кэмҥэ түүлээх олох көстүбэт, онон спонсордары була сатаан, урут төрөппүттэрбит туттубут таҥастарын туттан, толору кэмпилиэк оҥордубут. Мин, холобура, түөрт ыйы быһа этэрбэһин тикпитим. Онуоха билиҥҥи киһи көрүүтүнэн наһаа мындыр оҥоһуулаах диэн толкуйга кэллибит. Этэрбэстэрэ төбөтө барыта хайаҕастардаах, ол хайаҕастара барыта илиинэн төгүрүччү тигиллэр, таҥаска сириллэр. Онтуката сайыҥҥы этэрбэскэ салгыны киллэрэр соруктаах эбит. Аны саха этэрбэһэ быата уруккуга 2 миэтэрэ кэриҥэ  уһун эбит, сөллүбэт гына баайыллардыы. Ону кини Москуобаҕа бара сылдьан тиэрбэстээх, кэннигэр бирээскилээх  саппыкылары көрөн, ол оннук курдук этэрбэстэри оҥотторбут. Саамай уустук таҥаһын, бөрө саҥыйаҕын, салайааччыбыт Мария Николаева саҕаланыаҕыттан бүтүүтүгэр диэри тикпитэ. Барыта илиинэн тигии, кэннитэ сиэгэн тириититтэн тигиллибит хотой уруһуйдаах. Бу күрэскэ бырайыакпытын дьоҥҥо көрдөрөөрү бастакыбытын кытынныбыт. Бүгүҥҥү күрэһи үчүгэйдик тэрийбиттэр, маннык күрэстэр салгыы буола турдуннар, дьон талаана арылыннын. Саха таҥаһа былыргылыы сиэринэн тигилиннэҕинэ олус үчүгйэдик көстөр, “Мин — сахабын!”—диир курдук.

Оксана Тобохова күрэскэ дьэрэкээн көстүүлээх, өҥө, киэргэлэ дьүөрэлэһэр саха дьахтарын аныгылыы кыһыҥҥы симэҕин тикпит. Кини этэринэн, билиҥҥи тымныыга табыгастаах сон буолбут.

Оксана Тобохова, Дьокуускай куорат олохтооҕо, “Аныгылыы тигиллибит күннэтэ кэтиллэр кыһыҥҥы саха таҥаһа” көрүҥ кыайыылааҕа:

— Саха ииһин эйгэтигэр киирбитим 5 сыла буолла. Бастаан утаа суумка тигэн саҕалаабытым, ХИФУга Светлана Петрова саха таҥаһын тигии кууруһугар үөрэммитим, онтон  Людмила Петровна Жиркова “Үктэл” түмсүүтүгэр дьарыктаммытым, 4 сыл буолан баран бүгүҥҥү күрэскэ толору симэх тигинним. Аан бастаан пандемия кэмигэр өттүк симэҕин быысапкалаан, тимири, оҕуруону дьүөрэлээн тикпитим. Онтон дьабака бэргэһэбин уонна бу алтынньы ыйга соммун, сэтинньигэ уостаах үтүлүктэрбин тигэн бүтэрбитим. Тигиибэр араас тиэхиньикэни туттубутум, кыбытыы тигиини, мөһүүрэ сабынан киэргэтиини, мулине сабынан быысапканы. Сонум мельхиор киэргэллээх, кэннигэр “дьайаа” харысхаллаах. Бүгүҥҥү тэрээһини наһаа астынным, быйыл үһүс төгүлүн кыттабын. Арчы Дьиэтигэр маннык үчүгэй тэрээһиннэри ыыталларыгар махталбын тиэрдэбин!

Надежда Тюляхова хара, бороҥ өҥнөөх кыһыҥҥы симэҕи тигэн кыттыыны ылла. Бэйэтэ этэринэн, симэҕэ ситэ илик да буоллар, ыалдьыттар биһирэбиллэрин, эҕэрдэлэрин ылбыт:

— Бэйэм Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин, билигин Хатаска оҕо айымньытын дьиэтигэр эбии үөрэхтээһин уһуйааччытынан үлэлиибин. Үөһээ Бүлүүгэ “Утахчаан” диэн түмсүүгэ кыл-сиэл оҥоһук куруһуогун ыытар этим. Ол сылдьаммыт 2022 сылга Олоҥхо Ыһыаҕар сон тиктиэххэ диэн санаа үөскээбитэ. Биир сыл матырыйаал көрдөөбүппүт, онтон бары бииргэ тикпиппит. Көстүүмүм саамай уустук чааһа — дьабака бэргэһэ. Бу бэргэһэ барыта суолталаах, сүрүнэ — саха көмүлүөгүн ойуулуур (көмүлүөктэн дьиэ олоҕо саҕаланар), онтон көмүлүөккэ мас уматаргар, алгыс эппит тылларыҥ үөһээ салгыҥҥа тахсаллар. Инники чопчуура эр киһини, оттон кэнникитэ дьахтары көрдөрөр, онон толору олох көстөр. Оһуора-мандара барыта илии үлэтэ. Ону таһынан уостаах үтүлүк тикпитим — сахалар мындыр өйдөрүттэн тахсыбыт оҥоһук, ис өттүгэр быыстаах, ол быыс нөҥүө үтүлүктэрин устубакка, түргэнник тарбахтарын таһаараллар эбит. Манна таҥалайдыы уонна иилэҕэс сииктэри туттан, көҕүөр ойуу оҥороллор. Ону таһынан сахалыы соннор сиэбэ суох буолан, анаан хаптардары тигэллэр. Хас даҕаны кыра малы-салы хаалыыр мөһөөччүктэрдээх, кыыска саһыл тумса харысхаллаах, халандаардаах. Таһыттан кыра курдук эрээри, тигэргэ олус уустук үлэ. Бу көстүүмүм өссө ситэ илик, сон иһэ барыта саһыл, тииҥ түүлэниэхтээх.

Бүгүҥҥү тэрээһин наһаа үчүгэйдик ааста, дэгиттэр талааннаах маастардары көрөммүн отой үөрдүм уонна долгуйдум. Норуот маастардара да буоллун, саҥа саҕалаан эрэр тигээччилэр даҕаны бары бэркэ кытыннылар. Саха талаана отой муҥура суоҕун биллим, сэҥээрдим. Барыгытыгар кыһын саҕаламмытынан итии-истиҥ эҕэрдэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...