30.11.2021 | 13:00

Сылаас тохтобуллар ахсааннара эбиллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиринээҕи региону салайар Киин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, сотору кэминэн киин куоракка сылаас тохтобуллар ахсааннара эбиллэр. Ол курдук саҥа тохтобуллар испииһэктэрэ таҕыста.
Быйыл Дьокуускайга 20 сылаас тохтобул тутуллубутуттан билиҥҥи туругунан 6-та эрэ үлэлиир. Атыттара уот ситимигэр холбоммокко тураллар. Региону салайар Киин куорат 50 олохтооҕун үҥсүүтүнэн анаалыс оҥорон информацияны олохтоох дьаһалтаҕа тиксэрбит.  
Олохтоох дьаһалта уонна «Якутскэнерго» ити хайысханан үлэлэһэн тохтобуллар үлэҕэ киирэллэрин тэтимирдэн биэрбиттэр. Ол курдук, сэттэ сылаас тохтобулу ахсынньы 19 күнүгэр диэри, өссө сэттэни – ахсынньы 30 күнүгэр диэри арыйыахтара. 
Ахсынньы 19 күнүгэр диэри арыллыахтара:
1. Мерзлотнай уул., (тиһэх тохтобул), «Институт Мерзлотоведения»;
2. Маҥан сэл., Алымов уул., (куорат диэки айанныырга), «Магазин»;
3. Кальвица уул., «Школа №10» (Дзержинскэй уул. өттүгэр айанныырга);
4. Стадухин уул., (Лермонтов уул. диэки айанныырга), «Областная больница»;
5. Хатас сэл., Центральнай уул., (тиһэх тохтобул), «Агрогородок»;
6. Хатас сэл., Каландаришвили уул., (куорат диэки айанныырга), «Больница»;
7. Маҥан сэл., Маҥанныыр тракт (куорат диэки айанныырга), «Аэропорт».
Ахсынньы 30 күнүгэр диэри арыллыахтара диэки айанныырга:
1. Можайскай уул., (куорат диэки айанныырга), «Сквер Гагарина»;
2. Дзержинскэй уул., (Богатырев уул. диэки айанныырга), «Спортивная школа»;
3. Семен Данилов уул., (Петр Алексеев уул. диэки айанныырга), «Новинка»;
4. Можайскай уул., (куорат диэки айанныырга), «Новопортовская»;
5. Курнатовскай уул., (Хатыҥ Үрэх шоссетын диэки айанныырга), «Курнатовского»;
6. Кулаковскай уул., (Ленин просп. диэки айанныырга), «Сквер Аммосова»;
7. Советскай Армия 50 сыла уул., (Богдан Чижик уул. диэки айанныырга) «Авиагруппа».

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...