06.03.2021 | 15:44

Сылаас тохтобул ахсаана 100-кэ тиийиэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021-2022 сылларга Дьокуускайга 20 сылаас тохтобул тутуллуоҕа. Былаан быһыытынан, сылаас тохтобул уопсай ахсаана 100-кэ тиийиэхтээх.

Билигин 3 сылаас тохтобул тутуллан бүтэн эрэр – “Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын Департамена”, “Сельхозтехникум” уонна “Воинская”. Тохтобуллар бары биир истииллээх, тэҥ моһуоннаах буолуохтара. Эһиилги сылга өссө 20 сылаас тохтобул тутуллуоҕа.

Киин куоракка билиҥҥитэ 32 сылаас тохтобул үлэлиир – барыларын “ЯПАК” МУТ бас билиитигэр биэрэр туһунан быһаарыы 2020 сыллаахха ылыллыбыта. Тохтобулларга үлэлиир предпринимателлэр арыанда быраабылатын толороллоро кытаанахтык ирдэниэҕэ, кэмигэр ыраастааһын, сууйуу-сотуу ыытыллар гына үлэлэрэ сааһыланыаҕа, атыылыыр табаардарыгар кытта кэккэ ирдэбиллэр туруоруллуохтара. Сорох тохтобулларга туалеттар аһыллаллара былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...