22.12.2021 | 12:00

Сыл түмүгүнэн куорат баһылыгын пресс-конференцията ыытылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 21 күнүгэр Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы искусство Киинигэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев үгэс буолбут улахан пресс-конференцияны ыытан сыл түмүктэригэр уонна былааннарга сыһыаннаах суруналыыстар ыйытыктарыгар хоруйдаата. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Пресс-конференция «Эхо столицы» муниципальнай хаһыат суруналыыһын ыйытыгыттан саҕаламмыт. Саҥа хомунаалынай тиэхиньикэни атыылаһыы туһунан хоруйугар Евгений Григорьев быйыл 29 устуука тиэхиньикэ, онтон 2022 сылга 90  ыллыллыахтааҕын бэлиэтээбит. 
«Хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыыны хас биирдии куорат олохтооҕо бэйэтинэн билиэҕэ. Куорат ыраас уонна олорорго бары өттүнэн табыгастаах буолуоҕа диэн эрэнэбин», – диэбит  куорат баһылыга.
Кэлэр сылга 34 км куорат суолун өрөмүөннүүр былааннаммыт. «Ити үлэҕэ уустук эбийиэктэр бааллар – Ленин проспега, Можайскай уулуссатын кэҥэтии, Ильменскай уонна Пирогов уулуссаларын өрөмүөнэ. Биллэн турар, саамай элбэх хапытаалы ирдиир эбийиэгинэн Ленин проспега буолар», – диэн бэлиэтээбит   Евгений Григорьев.
Итини сэргэ Евгений Николаевич өрөспүүбүлүкэ киинигэр сылаас тохтобуллар арыллар болдьохторун туһунан информацияны биэрбит. 
«Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан Дьокуускай куорат территориятыгар 42 сылаас тохтобул тутулунна, билигин сорохторо уота суох тураллар. Ресурсанан хааччыйар тэрилтэни кытта былааннаах үлэ ыытыллар. Бу нэдиэлэҕэ сэттэ тохтобул аһыллыаҕа уонна сыл бүтүөр диэри бары сылаас  тохтобуллар үлэҕэ киириэхтэрэ. Ити олохтоох дьаһалта туппут бастакы тохтобуллара буолалларыгар болҕомтону ууруохпун баҕарабын», – диэн бэлиэтээбит  куорат баһылыга.
Бэлиэтээн эттэххэ, суруналыыстар ыйытыктара үксүн куораты тупсарыыга, тутууга, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ, суол өрөмүөнүгэр, социальнай гаастааһын бырагырааматыгар, сылаас тохтобуллар арыллар болдьохторугар, куорат баанньыгын тутуутугар, уопсастыбаннай тырааныспар бырайыаһын үрдээһинигэр уонна пааркатын саҥардыыга уонна марштруттары уларытыыга сыһыаннаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...