31.03.2022 | 13:00

«Сыл иитээччитэ – 2022» куонкурус муниципальнай түһүмэҕэ саҕаланна

«Сыл иитээччитэ – 2022» куонкурус муниципальнай түһүмэҕэ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 29 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын Дыбарыаһын кэнсиэртиир саалатыгар «Сыл иитээччитэ – 2022» куонкурус муниципальнай түһүмэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Үөрүүлээх арыллыы тэрийээччитэ – 23-с №-дээх «Цветик-семицветик» оҕо уһуйаана. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта үөрэҕириигэ Управлениета иһитиннэрдэ.
Быйылгы куонкуруска Дьокуускай куорат оскуола иннинээҕи муниципальнай тэрилтэлэриттэн уонна икки чааһынай уһуйаантан 16 педагог кыттар. 
Куонкурус кыттыылаахтарын Олохтоох дьаһалта үөрэҕириигэ Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов эҕэрдэлээтэ уонна бу күрэххэ саамай хорсун уонна айымньылаах педагогтар кытталлар диэн бэлиэтээтэ. 
«Бу күннэргэ эһиэхэ кэтиир, атын оҕо үөрэҕириитин тэрилтэлэрин кытта кэллиэгэлэргитин тэҥнии көрөр сэдэх түгэн бэриллэр», - диэтэ Алексей Семенов.
Быйыл киин куоракка иитээччилэр Кулууптара тэрилиннэ. Ол туһунан оскуола иннинээҕи салаа сүрүн исписэлииһэ Мария Трофимова кэпсээтэ. Кулууп чилиэннэрэ хас биирдии кыттааччыга куонкурус туһунан өйдөбүнньүк матырыйааллары туттардылар.
Кулууп аатыттан кыттааччыларга туһаайан 2014 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх кыайыылааҕа Наталия Алексеева тыл эттэ.
«Эһигини олус уустук, ол эрэн наһаа кэрэхсэбиллээх уонна туһалаах тургутуу күүтэр. «Сыл иитээччитэ» куонкурус – идэлээх олоххут наһаа үчүгэй кэрчигэ, кини тугунан да кээмэйдэммэт уопуту уонна сонун идиэйэлэри бэлэхтиэҕэ», - диэтэ Наталья Алексеева.
2010 сыллааҕы муниципальнай түһүмэх кыайыылааҕа, 5-с №-дээх «Радуга» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Елена Стрыкун уочараттаах түһүмэх бүппүтүн, онно кыттааччылар үрдүкү кылаастаахтарын көрдөрбүттэрин, презентацияларын, үлэлэрин уонна сайтарын билиһиннэрбиттэрин туһунан кэпсээтэ. 
«Куонкурус кыттыылаахтарын аныгыскы түһүмэхтэр – «Мин ситиһиилээх бырайыагым», «Оҕолору кытта педагогическай тэрээһин», маастар-кылаас, төрөппүттэргэ аналлаах семинар, «Идэлээх кэпсэтии» ток-шоу күүтэллэр, - диэн бэлиэтээтэ Елена Стрыкун.
С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕирии сайдыытын уонна квалификация үрдэтиитин институтун аатыттан оскуола иннинээҕи үөрэх кафедратын сэбиэдиссэйэ Надежда Лебедева эҕэрдэлээтэ.
«Педагогическай уопсастыба түмүстэҕинэ Дьокуускай куорат оскуола иннинээҕи үөрэх систиэмэтэ хайдах курдук сайдыылааҕын көрөбүт. Систиэмэҕит наһаа бөҕө, бигэ туруктаах», - диэтэ кини.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...