08.07.2024 | 12:49

Сыл биэс бастакы ыйыгар промышленнай оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ

Сыл биэс бастакы ыйыгар промышленнай оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сыл тохсунньу-ыам ыйдарыгар 206,7 туонна ынах арыыта оҥоһулунна, бу көрдөрүү ааспыт сыл бастакы биэс ыйынааҕар 12,6% элбэх.
Үүтү оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ 2,4% үрдээбит, сиикэй үүттэн ураты, – 1242,4 туонна, чөчөгөйү оҥорон таһаарыы 2,6% үрдээбит – 377,0 туонна, иэдьэгэйи оҥорон таһаарыы 3,0% үрдээбит – 248,7 туонна.
Килиэп бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кээмэйэ 6,7% намтаабыт – 10068,6 туонна, кондитерскай оҥоһук – 3,9%-нан намтаабыт,  1035,9 туонна, аһытыллыбыт үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, сүөгэйтэн ураты, 1,3% намтаабыт – 1699,9 туонна. 
32243,6 тыһыынча саахара уонна атын эбилигэ суох лиитэрэ аҥаара иэннээх иһиттээх минеральнай уонна иһэр уу оҥоһуллан тахсыбыт, бу көрдөрүү ааспыт сыл бу кэмиттэн 2,8% үрдүк.
272,2 мөл. суумалаах кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн ювелирнай оҥоһук оҥоһуллан тахсыбыт, бу ааспыт сыл биэс ыйынааҕар 4,0% элбэх.
Сыл биэс ыйыгар 16342,2 тыһ. туонна таас уонна алын суортаах бороҥ чох хостоммут, кураанах боруоданы аахпатахха, ол ааспыт сыл көрдөрүүтүттэн 136,9% үрдүк. 1,9 төгүл элбэх щебень хостоммут – 1228,7 тыһ. м3.
Этиллэр болдьоххо 5102,0 мөл. кВт.ч электроэнергия уонна 8367,3 тыһ. Гкал паар, итии уу оҥоһуллан тахсыбыт, ол эбэтэр 2023 сыл биэс ыйынааҕар туһааннааҕынан 2,8% уонна 0,4% аҕыйах. Ол туһунан Судаарыстыбаннай статистика федеральнай сулууспатын СӨ территориальнай уоргана иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...