16.12.2022 | 17:00

Сыл бастыҥ ыалларын чиэстээтилэр

Ахсынньы 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» күрэх кыайыылаахтарын чиэстээһин буолла диэн CӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сыл бастыҥ ыалларын чиэстээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын туоларыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ.

Сыл түмүктэрин туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников иһитиннэрдэ :

«Ийэ сылыгар дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы көмүскүүр кэккэ эбии миэрэлэр киирдилэр.

Элбэх оҕолоох ыаллар култуура уонна спорт судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр чэпчэтиинэн туһанан сылдьар буоллулар, биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарар бырагыраама кэҥээтэ.

93 тыһыынчаттан тахса дьахтар доруобуйаларын бэрэбиэркэлэттэ, 7,5 тыһыынча дьахтар үлэ булуутугар көмөлөһүннэрдэ, тыһыынчаттан тахса идэлэрин таһымын үрдэттилэр уонна бэйэ дьыалатын саҕалыыр кыахтаннылар.

Оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэри күүскэ өйүүр соругу туруордубут, кинилэргэ төлөбүр икки төгүл улаатта».

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан бастыҥ ыаллары эҕэрдэлээтэ уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары туттартаата. «Герой ийэ» бэлиэнэн Сунтаар улууһун Арыылааҕыттан 10 оҕону төрөппүт Светлана Иванова наҕараадаланна. «Ийэ Албан аата» III-с истиэпэннээх мэтээли Хаҥалас Улахан Ааныттан Анжелика Аркадьева уонна Өлүөхүмэ Дабааныттан Мария Сафонова туттулар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкурус 5 номинациятын кыайыылаахтарыгар Ил Дархан бириэмийэтин – 300 тыһыынча солкуобайы туттардылар. Ол курдук, «Бастыҥ эдэр ыал» – 4 оҕолоох Айталина, Дмитрий Петровтар (Дьокуускай), «Элбэх оҕолоох ыал» – 6 оҕолоох Игнатьевтар (Мэҥэ Хаҥалас), «Оҕону иитэр ыал» – 19 оҕону иитэр Татьяна, Николай Петровтар (Өлөөн), «Тыа сирин бастыҥ ыала» – Марина, Спиридон Федоровтар (Мэҥэ Хаҥалас), «Бастыҥ көс ыал» – Юмшановтар-Колесовтар (Эбээн Бытантай), «Үгэстэри илдьэ сылдьар ыал» – Александра, Дмитрий Егоровтар (Амма), «Кыһыл көмүс ыал» – 52 сыл бииргэ олорбут, 8 оҕолоох Светлана, Петр Горбунковтар (Өлүөхүмэ) чиэстэннилэр.  

СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова бэлиэтээбитинэн, куонкурус бастаан муниципальнай таһымҥа, онтон улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар. Быйылгы күрэххэ 108 ыал кыттыбыт. Миниистир «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2022» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус «Үгэстэри илдьэ сылдьар ыал» номинациятын кыайыылаахтарыгар Светлана, Василий Дьячковскайдарга (Чурапчы) туттарда. Дьячковскайдар Арассыыйа «Бочуотун кинигэтигэр-2022» бааллар.

Итини таһынан, Елена Волкова дьиэ кэргэн, демографическай политика сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, бастыҥ үлэлээх улуустар дьаһалталарыгар наҕараадалары туттарда: 1-кы миэстэлээх Ньурба улууһугар – 100 тыһыынча солкуобайы, 2-с миэстэлээх Дьокуускай куоракка – 80 тыһыынча солкуобайы, 3-с миэстэлээх Эдьигээн улууһугар – 60 тыһыынча солкуобайы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....