15.12.2021 | 12:00

Сыл бүтүөр диэри сылаас тохтобуллар үлэҕэ киириэхтэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сакаасчык «Главстрой» МХТ информациятынан, 2021 сыл ахсынньы ыйа бүтүөр диэри  14 сылаас тохтобул бары «Якутскэнерго»  ПАУо ситимнэригэр холбонор уонна үлэҕэ киирэр буолбут. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан «Воинскай», «Жилищнай департамент», «Сельскохозяйственнай техникум», «Площадь Победы», «Силуэт», Хабаров уулуссатыгар «Алмазэргиэнбанк» сылаас тохтобуллар арыллан «ЯПАК» МУТ үлэлэтэригэр бэриллибиттэр. 
Ахсынньы 23 күнүгэр диэри Мерзлотнай уул., «Институт мерзлотоведения», Кальвица уул., «Школа №10», Стадухин уул., «Областная больница», Советскай Армия 50 сыла уул., «Авиагруппа», Маҥан сэлиэнньэтин Алымов уул., «Магазин» уонна Маҥанныыр тракка «Аэропорт», Хатас сэлиэнньэтин Центральнай уул., «Агрогородок» уонна  Каландаришвили уул., «Больница» сылаас тохтобуллар арыллыахтара.
Ахсынньы 31 күнүгэр диэри Можайскай уул., «Сквер Гагарина», Дзержинскай уул., «Спортивная школа», Семен Данилов уул., «Новинка», Можайскай уул., «Новопортовской», Курнатовскай уул., «Курнатовского», Кулаковскай уул., «Сквер Аммосова».
Бэлиэтээн эттэххэ, куорат баһылыга Евгений Григорьев саҥа сылаас тохтобуллары туруорар туһунан быһаарыыны ылынан, быйыл олунньу ыйга тутуу блогар 20 тохтобулу Дьокуускай уулусса-суол ситимин саҥардан тутуу былааныгар киллэрэллэригэр сорудахтаабыта. Сылаас тохтобуллар киин куорат үлэтин толорууга анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бэриллибит үбүнэн тутуллаллар. 
Киин куорат былааһа оптуобус тохтобулларыгар сылаас павильоннары үс сыл тухары тутан сүүс ахсааҥҥа тиэрдэр соруктаах. Итини тэҥэ, чугаһынааҕы сылларга куорат оптуобуһун пааркатын саҥардыы уонна уопсастыбаннай тырааныспар аныгы систиэмэтин олоххо киллэрии былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...