Сыл аҥаарынан оҕолорго коронавирус утары вакцинаны биэриэхтэрин сөп
Улахан дьоҥҥо бэрэбиэркэ этэҥҥэ ааһар түгэнигэр, оҕолорго коронавирус утары вакцина сыл аҥаарынан саҕаланарын туһунан ТАСС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Улахан дьоҥҥо клиническэй бэрэбиэркэ этэҥҥэ аастаҕына эрэ, оҕолорго коронавирус утары вакцина боруобатын ыытарга көҥүл бэриллэр. Бу барыта сокуоҥҥа олоҕурар, мин тус санаам буолбатах», — диэтэ РФ Доруобуйаҕа харыстабылын Н.Ф. Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология национальнай чинчийэр киинин дириэктэрэ Александр Гинцбург.
Кини этэринэн, сыл аҥаарынан улахан дьоҥҥо бэрэбиэркэ этэҥҥэ ааһар түгэнигэр, оҕолорго вакцина боруобатын сааһынан көрөн аттаран ыытар туһунан докумуон бэлэмнэнэр.
Баҕа өттүлэринэн кыттыбыт бастакы бөлөх дьон вакцина боруобатын этэҥҥэ аһарбыттар. Билигин коронавирус утары элбэх вакцина оҥорор сорук турар.
«Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, Минпромторг уонна атын дьаһалталар, тэрилтэлэр икки ардыларыгар вакцина оҥорон таһаарыытын түргэтитэр сыаллаах кэпсэтиһии ыытыллар. Дьон сөбүлэҥин биэрдэҕинэ, уһаабыта биир сылынан, нэһилиэнньэ улахан аҥаара коронавирус утары вакцина ылыаҕа», — диир эксперт.
Ыарыыга хаптарар кутталлаах бөлөххө киирсэр дьону таһынан, учууталлар, аҕам саастаах, биир сиргэ олорор, үлэлиир дьон бастакы уочарат ылыахтара.
Гамалея аатынан киин коронавирус утары вакцинатын атырдьах ыйын 2-4 күннэригэр регистрациялыыр былааннаах, атырдьах ыйын ортото атыыга тахсыан сөп.