13.02.2021 | 11:22

“Сыаны уулларар” ырыаттан “сайдаарыскай” буолуохпут дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ылбаҕай тыллаах ырыа сүргэни көтөҕөр, санааны кынаттыыр, оннооҕор эмтиир сүдү күүстээх. Ис сүрэхтэн тахсыбыт, бары өттүнэн табыллыбыт ырыа уһун олохтонор, үйэлэри уҥуордуур, дьон уоһуттан түспэт, өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт, умнуллубат. Саха норуодунай поэттара Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Данилов, Леонид Попов, о.д.а. тылларыгар айыллыбыт ырыалар хайа баҕарар киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэллэр.

«Норуот сүрэҕин таарыйбыт ырыа, тустаах кэмэ да аастар, сүппэт аналлаах».

Софрон Данилов, саха норуодунай суруйааччыта

Бу матырыйаал суруллан тахсарыгар хас да күн анаан-минээн араадьыйа иһиттим, ютубка килиип эгэлгэтин көрдүм. Ол курдук, сыал-сорук оҥостон, харыбын ньыппарынан баран аныгы ырыа тылларын ырытарга ылыстым. Ырыаһыттары ыстыыр ыас, күлүү-элэк оҥостоору буолбатах. Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах нүөмэргэ сорудахпын үтүө суобастаахтык толороору.    

Хомойуох иһин, билигин ырыа тыла-өһө төһө хомоҕойо улаханнык сыаналаммат курдук. Ол оннугар “бардым, кэллим”, “таптаатым, астынным”, “кэлэйдим, хомойдум” диэн судургу тыллаах ырыалар ордук биһирэнэллэр, көрүөх бэтэрээ өттүгэр хит буолаллар. Оттон дирбиэн-дарбаан муусукалаах ырыалар өссө “былааһы ылаллар”. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ тыыннаах муусука, эт куолаһынан дьиэрэтии тоҕо эрэ сэҥээриллибэт.

Ыччат тэтимнээх ырыаны сэргиирэ сэрэйиллэр. Аныгы үйэ дьоно айаҕы муҥунан ыыра барыыны, хабарҕа хайдарынан хаһыыны ордук биһирииллэр быһыылаах.

«Саҥа таһым» үһү дуо?

KitJah “Барда, барда” ырыатын сайын таксинан айаннаан иһэн истибитим. Суоппар араадьыйаны улаатыннарбыта. Тимир көлөбүт иһэ өрө ньиргийэ түспүтэ. Аттыгар олорор аргыһа тохтоло суох күл да күл буолбута. Туохтан күлэрин бастаан өйдөөбөтөхпүт. Арай хобдох үлүгүнэйии быыһыгар кулгааҕым уһугунан “тараһа” уонна “сыа”  диэн тыллары арааран истибитим. Онтон чочумча буолаат, аны олох даҕаны биир кэм “барда, барда” диэн мээрилээбитэ.

Ол өйбөр хатанан хаалбыт тыллардаах ырыаны санаан кэлэн хос иһиттим, өссө килиибин көрдүм. Ютубка эдэр толорооччуну “у вас большое будущее”, “новый уровень” диэн үрдүктүк сыаналаабыттар. Ыччат тылынан “чоккай”, “респект”, “огонь” диэн сиртэн халлааҥҥа диэри хайҕаабыттар. Дьэ, буоллаҕа. “Саҥа таһыммыт” татыма сүрдээх. 

Өйдөөн-төйдөөн иһиттэххэ, эмис дьону санааҕыт самныбатын, кыбыстымаҥ диэн уоскутар, санааларын көтөҕөр ис хоһоонноох эбит. Килииби 100 412 киһи көрбүт.

Тараһа, тараһа, тараһа, сыа,

Ууллар тиритэн-хорутан сыа.

Тараһа, тараһа, тараһа, сыа,

Ууллар тиритэн-хорутан сыа.

Бу аайы килиипкэ үөрбүт-көппүт бэйэлээх өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр үскэл дьоно үҥкүүлээн битийэллэр. Оттон ырыаһыт, үрүҥүнэн-харанан көрө-көрө, харса суох баһын булкуйар. Кырдьык, “тиритэ-хорута” ыһыллаҥныырга ааттаах үчүгэй быһыылаах. Барда, барда, барда...

Маннык саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри үлүбээй биир тылы хос-хос хатылааһын, ама, хайа киһи кулгааҕын сылаанньытар үһү? 

«Дьээбэлэнии» туохха тиэрдиэй?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, композитор Күннэй “мэниктээбитэ” ыраатта. Бастаан “Дьээбэ” ырыатынан куйаар ситимин “хайа тардыбыта”.

Ээй, бары, истээрискэй,

Саҥа дьыл кэлээрискэй,

Дьолу тосхойоорускай,

Тапталы түстээрискэй.

Доҕоттор түмсээриский,

Бииргэ үҥкүүлээрискэй.

Чөл, чэбдик буолаарыскай,

Сайдаарыскай, тупсаарыскай.

Харахпар Күннэй көстөн кэлэр. Ырыабын тохтотон баран, салгыы истэбин.

Дьээбэни ыллаабистим,

Дэлби үҥкүүлээбистим,

Тылбын куоттараабистим.

Хата, маладьыаһыҥ, ырыа тылын-өһүн “улахаҥҥа уурбакка, туран тэҥҥэ үҥкүүлээ” диэн сэрэтэр ээ.

“Бистим” диэн сыыс тыл ыччат ортотугар хойуутук туттулларын бэлиэтии иһиттэххит. “Кэбистим” диэн тылы кэбилээн. “Биһэ” сылдьан саха ырыата “сайдаарыскай”, “тупсаарыскай” буолара биллибэт. Маннык “дьээбэлэнии” саха ырыатын ыырын ыраатыннарбата, далааһынын кэҥэппэтэ чахчы. Арай аныгы истээччи илигирии,  сахсылла түһэригэр үчүгэйэ дуу?

Кэнники кэмҥэ “мэниктиирин” ордорор Күннэй “Тоҥнуҥ даа?” диэн эмиэ биир “дьээбэ” ырыалаах. Килиибин ютубка 231 416 киһи көрбүт. 

Ырыа айыллыбыт сыалын сиппит курдук. Тура-тура эккирииргэ, туора-маары ойорго-тэбэргэ, ыччат тылынан эттэххэ, “чоккай”. Мин курдук кулуупка сылдьар саастарын ааспыт дьон төбөлөрө хайа барыах айылаах. Сынньаныахтааҕар, хата, төттөрүтүн чуумпу сири былдьаһар аатыгар барыыһыбыт.

Анаан-минээн иһиттэххэ...

Бу олорон хой баһа тыллаах ырыа аата-ахсаана биллибэт элбэҕин бэлиэтээтим. Киһи санаата түһүөх, сахалыы сайаҕас, урааҥхайдыы уйаҕас тыллаах ырыалары баһыйар курдуктар.

Ис хоһооннорун ылан көрдөххө, улаханнык уратыласпаттар. Үксүн табыллыбатах таптал, таҥнарыы, кэлэйии. Ол туһунан мэнэрийии.

Үчүгэй ырыа сэдэхтик да буоллар, хам-түм иһиллэр. Оннук айымньылар киһи кутун-сүрүн туталлар, санаабытын долгуталлар. Холобур, Игорь Егоров толорор “Хатыҥнар” диэн ырыатын саха тыллаах барыта сөбүлүү истэр буолуохтаах. Мин өйдүүрбүнэн, Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс суруйбут ырыата. Дьэ, чахчы, намчы тыллаах. Тыа саҕатын киэргэтэ турар хатыҥнар хараххар көстөн кэлэллэр, бэл диэтэр, суугунуур тыастара иһиллэргэ дылы. Оннук “истиҥ иэйии биһигэ буолан күөгэҥнииллэр”. Бу сырыыга даҕаны иэйэ-куойа иһиттим, сылайбыппын таһыччы умна сыстым. 

Виталий Очиров хас да ырыатын эргитэ сылдьан тыаһаттылар. Эмиэ санааны манньытар тыллаахтар. Сиэйэ Уола толорор намыын ырыалара истиҥнэр, этигэннэр.

Күн устата тапталлаах араадьыйабар ньүдьү-балай тыллаах ырыалар үгүстүк тыаһаан ааһаллар. Ардыгар, былыт быыһынан күн тыгарыныы, саха кулгааҕын аалбат ис киирбэх айымньылар дьиэрэйэллэр.  

Байыппат, сайыннарбат

Көрөөччүлэргэ хоту дойду холоругунан биллибит Олимпия  “Сөбүлээ! Таптаа! Суруттар!” диэн ырыатыгар түбэһэ түстүм.

Сөбүлээ! Таптаа! Суруттар!

Дэлби репоста баттаа!

Бары дьону аймааҥҥын

Аҕал элбэх куоласта!

Истибиккит? Аныгы үйэ социальнай ситимнэрин сиэртибэлэрэ ырыабытыгар кытта ахтыллар буолбуттар. Күннээҕи олохпутугар куоластааһынынан үлүһүйбүт үгүс, “репостаа” диэн көрдөһөөччү элбэх.

Бу ырыа эмиэ тэтимнээх, тэбэнэттээх. Ол эрээри чуор кулгаахтаах киһи иҥнэр, атыҥырыыр, сирэр. Сахаҕа олуонатык иһиллэр, биһиги ырыабытын байыппат, сайыннарбат.

Хата, Олимпия ырыатыттан тэптэрэн, түгэнинэн туһанан, инстаграмҥа биһиги хаһыаппыт @kiinkuorat.ru аккаунугар суруйтарыҥ диэн ыҥырабыт. 

Үрдүккэ көтүппэт

Аны ааспыт сыл түмүгүнэн “Үрдэл” национальнай музыкальнай бириэмийэҕэ киирбит ырыалары истэ сатаатым. Киһи иилэн ылара суох. Бары ортоһуор таһымнаахтар. Арай Сиэйэ Уола “Сэбирдэх түһүөн иннинэ” (Сайа тыллара, Григорий Попов мел.), Далаана “Үөр-көт, доҕоччуок” (Далаана тыл., мел.), Байбал Сэмэнэп “Мин аҕам” (Ольга Фролова-Янцен тыл., Б.Сэмэнэп мел.) ырыалара чаҕылхайдар. Тыл-өс өттүнэн.

Бу олорон «Rose Gold» бөлөх “Эй, слышь” (Семен Ченянов тыллара, мелодията) ырыатыгар кэтиллэбин.

Арылхай харахтар

Мин сүрэхпин аймыыллар,

Ол эрээри, сэгэрим,

Бу этэр тылларбын

Эй, слышь...  

 “Иһит” диэн тыл саха тылыгар суох буоллаҕа дуу? Ама да уратытык биллэ-көстө сатаабыт иһин, сахалыы ырыаҕа оруо маһы ортотунан нууччалыы тылы кыбытар оруннааҕын өйүм хоппото диэн аһаҕастык билинэбин.

Ааттыын да үрдүккэ көтүтэр “Үрдэл” национальнай бириэмийэҕэ маннык халы-мааргы тыллаах ырыалар киирбиттэриттэн кэлэйэбит эрэ.  

Түмүккэ

Урут ырыалар тылларын ырытан хас да хаһыакка санаабын суруйбутум, сөбүлэһэр дьон үгүс буолан үөрдүбүтэ. Өһүргэммит да ханна барыай? Бааллара.

Бырастыы гыныҥ, харахтара-кулгаахтара бүөлэммит истээччилэр, баҕар, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт ырыалары сөбүлээн истэллэрэ буолуо. Биир бэйэм саҥата суох хаалар, үөрэ-көтө “сыа уулларан” сахсыллар санаам суох.  

Саха норуодунай суруйааччыта Суорун Омоллоон:  “Ырыа норуот дууһатын көрдөрөр”, – диэбитэ. Оттон итинник ырыалаах омук ханна ыраатыай?

“Кэрэ эйгэтэ” балаһабыт кэрэхсэбиллээҕи эрэ кэпсиирэ. Бу сырыыга, хомойуох иһин, хобдох тыллаах-өстөөх ырыаларга ананна.

Чуор Кулгаах

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....