22.10.2022 | 07:00

Сыанабыт хайа диэки халбаҥнаата?

Сыанабыт хайа диэки халбаҥнаата?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кыһын тымныы эрээри... үптээх дьоҥҥо ичигэс... Саха сирин кыһынын, чахчыта да, хаһаастаах, харчылаах эрэ киһи туоруур.
Ааспыт өрөбүл күннэргэ куорат ырыынактарын, маҕаһыыннарын кэрийэн, кыһыҥҥы хаһаас ас, халыҥ таҥас сыанатын үөрэттибит. Ону сэргэ интэриниэт маҕаһыыннары, дьиэҕэ бородууктаны тиэрдэн биэрэр өҥө суулуспаларын өҥөйтөлөөтүбүт.

«Сайсары» ырыынак

Киин куорат бааһынай ырыынага тыа сирин оҥорон таһаарааччыларын бородууксуйаларын батаралларыгар анаммыт сир. Куорат дьоно буолаары турар өрөбүллэргэ хаппыыста тууһаары, сибиэһэй эт, балык атыылаһан уурунаары ырыынакка тоҕо анньан кэлэр буолуохтаахтар дии санаабыппыт, дьон-сэргэ тоҕо эрэ одоҥ-додоҥ көстөр, атыы-тутуу уота-күөһэ суох. Ол да буоллар, сыананы көрө тиийбит дьон быһыытынан, кэрийэн саҕалаатыбыт.

Оҕуруот аһа:

Иһирдьэ киилэнэн атыылааччылар тураллар эбит.

Сыаналара (кг):

Хаппыыста – 50 солк.;

Бытархай хортуоппуй – 50 солк.;

Бөдөҥ уонна кыһыл хортуоппуй – 80 солк.;

Моркуоп – 80 солк.;

Сүбүөкүлэ – 80 солк.;

Помидор – 160-250 солк.;

Минньигэс биэрэс – 160-250 солк.;

Эриэппэ луук – 70 солк.

Кууһунан атыылыыр чааһынайдар сыаналара:

Чурапчыттан, Намтан, Хаҥаластан, Хатастан, Жатайтан кэлэннэр хортуоппуй, моркуоп, хаппыыста атыылыыллар эбит. Холобура, Нам хаппыыстата (1 кг – 35 солк.), Хатас хортуоппуйа (1 кг – 50 солк., кыһыла – 60 солк.), Хаҥалас хортуоппуйа (1 кг – 50 солк.).

 

Эт сыаната:

Сибиэһэй ынах этин сыаната (кг):

Куҥ, уҥуоҕа суох эт – 800 солк.;

Ис – 400 солк.;

Хаан – 600 солк.

“Сыана ыараабыт” дэһэ-дэһэ, дьон син атыылаһар. Дьиҥэр, ынах көрүүтэ, от үлэтэ, сэлээркэ, тиэхиньикэ сыаната барыта ыарыы турар кэмигэр эт сыаната тоҕо оннунан хаалыахтааҕый? Тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбата эрэ баар буолан дьон аһаан-сиэн олорор.

Саба тарыйан эттэххэ, ырыынак сыаната маҕаһыыннааҕар лаппа намыһах эбит. Оттон Орто Азияттан, Приморьеттан кэлэр фрукталарбыт маҕаһыын сыанатын кытта тэҥнэр.

 

Сир аһа:

Сир аһын арааһа атыыланар. Сыаната (кг):

Сугун – 500 солк.;

Отон – 300 солк.;

Кууһунан атыылаһааччыларга кыра да буоллар түһэрэллэр эбит.

Маны таһынан моонньоҕон, ыт тиҥилэҕин барыанньатын кытта булуохха сөп. Атыыһыттар этэллэринэн, быйыл сир аһа өлгөмнүк үүнэн, отон даҕаны, барыанньа даҕаны атыыга барбакка турар эбит.

Маҕаһыын сыаната

«Максмаркет” маҕаһыын сыанатын көрүөххэ.

Оҕуруот аһа (кг):

“Саюри” оҕурсута – 260 солк.;

Луук – 75 солк.;

Моркуоп – 125 солк.;

Хаппыыста (3 кг) – 465 солк.;

Чеснок – 265 солк.;

Хортуоппуй – 80 солк.

Фрукта (кг):

Апельсин – 200 солк.;

Лимон – 220 солк.;

Дьаабылыка – 290 солк.

Мантан көстөрүнэн, ырыынак даҕаны, дьиэҕэ аҕалан биэрэр даҕаны маҕаһыыннар сыаналара улаханнык араастаһара көстүбэт. Ол эрээри бааһынай ырыынагар өрөбүл күннэргэ сыана үрдүүрүн туһунан сурах баар. Ким билэр, кырдьык, киһи элбээтэҕинэ, баҕар, үрдэтэр да буолуохтарын сөп. Ол эрээри бэйэ оҥорон таһаарар олохтоох бородууксуйата хаачыстыба өттүнэн быдан туһалаах буоллаҕа дии.

Дьон барыта тимир көлөлөөх буолбатах. Онуоха аныгы кэмҥэ «доставка” диэн баара олус үчүгэй. Хаһан баҕарар, куорат хайа да муннугар дьиэҕэр аҕалан биэрэллэр. Биллэн турар, дьиэҕэ аҕалан биэрии, кыбартыыраҕа диэри таһаарыы эмиэ туспа төлөбүр.

Маннык сулууспалар «ийэлэрэ-аҕалара» интэриниэт ситимэригэр ыһылла сытар. «2ГИС” сыһыарыы көмөтүнэн дэбигистик булуохха сөп. Бу сулууспалар 1 000-1 500  солк. үөһэ суумаҕа сакаастаатаххына, кыбартыыраҕар диэри босхо тиэрдэн биэрэллэр. Күндү ааҕааччыларбытыгар орто сыананы кэпсиибит.

Эт ас (кг):

Чаастарынан үллэриллибит ынах этэ улууһуттан көрөн араас сыаналаах – 700-800 солк.;

Ынах быара – 500 солк.;

Миин набора – 350 солк.;

Эриллибит эт (Новосибирскай)  – 650 солк.

Үрүҥ ас (кг):

Сүөгэй (20% - 25%) – 192-220 солк.;

Суорат – 102 солк.;

Кефир – 102 солк.;

Үүт (3,2%) – 110 солк.

Чурапчы, Амма улуустарын арыылара киилэтэ – 900 солк.

 

Оҕуруот аһа (кг):

Хаппыыста – 100 солк.;

Өлүөхүмэ хортуоппуйа – 85 солк.;

“Саюри” оҕурсута – 240 солк.;

Нам моркуоба – 80 солк.

Бастакы уочарат наадалаах бородуукта:

“Макфа Триколинни” (400 г) –80 солк.;

Бурдук (1 кг) – 110 солк.;

Бурдук (5 кг) – 300 солк.;

Саахар (1 кг) – 115 солк.

Кытай ырыынага

Кытайдар барахсаттар Саха сирин булуохтарыттан элбэх киһини таҥыннаран кэллэхтэрэ. Бээтинсэ күн ырыынак үллэҥнэс киһи. Аарыма кырдьаҕастан саҕалаан уу кыһыл оҕоҕо тиийэ. Биһиги сыалбыт-сорукпут кыһыҥҥы таҥас-сап сыанатын билсии. Эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, Саха сирин тымныытын туоруур халыҥ таҥаска ботуччу соҕус үп наада. Кытай ырыынагар кыһыҥҥы таҥас сыаната төһөнүй?

Туох даҕаны уратыта суох, арай түүтэ эрэ атын аатырбыт “Баск” пуховик сыаната 7 000-9 000 тыһ. солк. тиийэр, “Севера” пуховик – 8 000-10 000 тыһ. солк. Истээх ыстаан сыаната 1 500-3 500 солк. диэри халбаҥныыр. Сылаас бэрчээкки 500 солк. турар. Кыһыҥҥы бачыыҥкалар ортотунан 3 500-7 500 солк. тураллар.

Оҕо боолдьох уллуҥнаах атаҕын таҥаһа 3 000 солк., кыһыҥҥы пуховига – 4 000-6 000 тыһ. солк.

Эр киһи эмиэ боолдьох уллуҥнаах атаҕын таҥаһа – 5 000 тыһ. солк., дьахтар замша матырыйаалтан оҥоһуллубут муодунай атаҕын таҥаһа – 2 500 солк.

Уонча сыллааҕыта үөдүйбүт ыас хара гына кырааскаламмыт тыс этэрбэс сыаната 3 000-5 000 тыһ. солк. тиийэн турар. Атыыһыттар этэллэринэн, «муодаттан тахсыбыт”.

Манна даҕатан эттэххэ, кууһунан атыылаһар дьоҥҥо сыананы түһэрэллэр эбит, о.э. 5 устуукаттан элбэҕи ыллаххына, балайда чэпчэтии тахсыыһы.

Ол эрээри, кистэл буолбатах, кытайдарбыт таҥастара-саптара биир-икки эрэ кыһыҥҥа аналлаах хаачыстыбалаахтар.

Маҕаһыын кыһыҥҥы таҥаһа

Атыы-эргиэн кииннэрэ бары пуховик маҕаһыыныгар кубулуйбуттар диэх айылаах, онно көр – пуховик, манна көр – пуховик. Чахчы, хаачыстыбалаах уонна ичигэс таҥас урут даҕаны сыаналаах этэ, билигин дэлэ дуо? Холобура, дьахтар кыһыҥҥы пуховик соно 35 000-65 000 солк. тиийэ сыанаҕа турар, атах таҥаһа 2 000-6 000 солк. тиийэр, истээх ыстаан 7 000-10 000 солк., унтуу 25 000-50 000 солк.

Маҕаһыын сыаната итиник ... «тос” курдук. Аан дойду саамай тымныы муннугар олорор дьон халыҥ таҥаска харчыны кэрэйиэхтэрэ суоҕа диэн буоллаҕа. Кэрэйдэхпитинэ доруобуйабыт айгырыыра биллэр.

Норка саҕынньах кэтиллибэт «что ли»?

Норка саҕынньах аҕыйах эрэ сыллааҕыта муода үрдүкү үктэлигэр турбута. Дьахтар аймах бука бары, үтүктэһэ-үтүктэһэ, саҕынньаҕа суох кыстыа суох курдук этибит. Кэлиҥҥи кэмҥэ күндү түүлээхтэн сону биирдэ эмэ мааныга эрэ кэтэр буоллубут. Сөп ээ, муода-муоданан, биһиги тымныыбытыттан пух эрэ сон абырыыр.

Интэриниэт маҕаһыыннар

Интэриниэт маҕаһыыннары эмиэ көрүтэлээтибит. Манна пух сон сыаната балайда удамыр – 15 000 - 25 000 солк. эбит. Ол гынан баран бу сылаас кыһыннаах дойдуларга сөптөөх таҥас. “Frompoles», “Канада Гус” курдук биһиэхэ сөптөөх кууркалар сыаналара 100 тыһ. солк. тиийэ бааллар. Ол эрээри, биллэн турар, маннык сыаналаах сону ахсааннаах саха атыылаһан кэтэр буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....