Сыана өссө ыарыаҕа
От ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө төлөбүрэ өссө улаатара күүтүллэр.
Ортотунан барыта 6 бырыһыан үрдүөҕэ, ол иһигэр 2,4 бырыаһынан араастаһыы баар буолуон сөп. Ол аата төлөбүр сыаната 6 бырыһыантан кырата суох уларыйыахтаах, сорох өҥөҕө улааппыта 8,4 бырыһыаҥҥа тиийиэхтээх.
Сыана ыарааһына маннык буолар:
• Ититии – 6%;
• Ититии систиэмэтиттэн кэлэр сылаас уу – 6%;
• Аһаҕас ньыманан кэлэр сылаас уу (теплоносительтэн) – 10%;
• Тымныы уу – 7,2%;
• Ууну аһардыы – 5,5%;
• Электричествонан ититии – 7%;
• Электрическэй сылытыы – 6%;
• Кытаанах бөҕү тиэйии – 3,4%;
• Кытаанах уматык – 2,6%.
Тарифтары өңө оҥорооччулар олохтууллар.
Саха сирин олохтооторугар барыларыгар хомунаалынай өңөҕө кэккэ чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Дохуот 15 бырыһыаныттан элбэх төлөбүргэ барар буоллаҕына, субсидиянан көмөнү туһаныахха сөп.