30.12.2020 | 17:38

Сыалын-соругун толорор бырайыак

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

              Ахсынньы аам-даам тымныытын, үүт туманын быыһынан , сайаҕас салгынынан сайар, орто дойду олоҕун хас биирдии күнэ хатыламмат кэрэтин кэрэһилиир үтүөкэн ырыа күрэҕэ буолан ааста. 10 сыл анараа өттүгэр үйэлээҕи толкуйдаан, кэскиллээҕи тэрийэн, дьон-сэргэ санаатын сомоҕолоон, күүһүрдэн, итэҕэтэн, өйгө-санааҕа куруутун чэлгийэ чэчириир чэчик курдук чэбдик, чобуо-чуор баар буоллун диэн, ''Сибэкки биһикки '' диэн аан бастаан Саха сиригэр духуобунас искибиэрэ ырыаҕа тутуллубута. Уонна онон сирэйдэнэн үүнэр көлүөнэ ыччакка иитэр-үөрэтэр эйгэни үөскэтэргэ, айар талааны сайыннарарга, саха буолан сандаарарга, киһи буолан киэркэйэргэ  төрүөт буолан – ол ырыа эйгэтэ буоларын толору мэктиэлээтэ. Бу күннэргэ “Кэрэҕэ аналбыт” ырыа куонкурса, билиҥҥи балаһыанньаҕа сөп түбэһэн, куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Ыраахтан да буоллар, ырыа түмэр күүһүн, сааһыттан тутулуга суох, ырыа ыраас тыынын, ырыа ыҥырарын-угуйарын, долгутарын, уйадытарын толору биллим-көрдүм уонна иһиттим.    

               Бу күрэх ырыа ымыылаах, үтүөкэн дьоннордоох Кэбээйи сириттэн Куокуйтан саҕыллан тахсан ыытылынна. Сүрүн тэрийээччилэр: Куокуй нэһилиэгин администрацията - баһылык Наталья Винокурова, “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулууба - Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй,  “Угуйаан”  культура дьиэтэ, онно кыттыстылар улуус культуратын управленията уонна Куокуй орто оскуолата. Күрэххэ 22 солистар уонна ансаамбыллар Кэбээйи сириттэн эрэ буолбакка, араас улуустан эмиэ кытыннылар.“Сибэкки биһикки” ырыа толоруута чопчу ирдэниллэр буолан, биир ырыаны элбэх киһи толоруутугар иһиттибит, харахха көстүбэт ситиминэн сиэттистибит, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-сэниэ бэристибит, эбиннибит, сырдаатыбыт, сыдьаайдыбыт, сүрэхпитигэр сибэккини тылыннардыбыт.

 Куонкурус кыайыылаахтара:

  • Гран при - Анна Эверстова (Кэбээйи)

-I ст. лауреат - Валентина Иванова (Куокуй)

-II ст. лауреат - Мария Максимова (Кэбээйи)

-III ст. лауреат - Ольга Платонова  (Чагда)

-I ст. дипломант - Татьяна Винокурова (Кэбээйи)

-II ст. дипломант  - Дмитрий Дьяконов (Чагда)

-III ст. дипломант  - Айза Борисова  (Мукучу)

  Ансаамбылларга:

-I ст. Лауреат  “Сардаана” вок. анс.  (Куокуй)

-II ст. Лауреат “Ньидьили уолаттара” нар. вок. анс. (Чагда)

-III ст. Лауреат  “Дьиэрэй”  вок. анс.  (Чагда)

  Анал бириистэри туттулар: Сивцева Матрена (Бүлүү), Айталина Макарова (Мукучу Кэбээйи), Антонина, Иван Прибылыхтар (Балыктаах Мэҥэ Хаҥалас), Сардаана Макарова (Чакыр Чурапчы), Дамир Прокопьев, “Сардаҥалар” квинтет (Майалар Мэҥэ Хаҥаластан).

 Куонкуруска көмө-бириистэри туруордулар: Павел Соловьев ыччаттара, Дмитрий, Агафья Соловьевтар, Виталий Андросов кэргэнэ Октябрина Ильинична, Куокуйтан Алена, Семеновтар, Анастасия, Аркадий Игнатьевтар дьиэ кэргэттэрэ уо.д. а. 

           Күрэх кэннэ туох санаалар үөскээтилэр? Бастатан туран үөрүү, астыныы, дуоһуйуу. Кырдьыга даҕаны хайдах астыныаҥ суоҕай, саха дьонун тулууруттан-дьулууруттан, хайдах дуоһуйуоҥ суоҕай, уу долгураҥҥа киллэрэр үтүөкэн, үйэлээх кэрэ ырыалартан, хайдах сөҕүөҥ суоҕай, мэһэйтэн иҥнибэт, моһолтон тостубат дьулууру-тулууру. Ырыа барахсан көстүбэт ситиминэн куйаар нөҥүө ырыа сылаас эйгэтинэн ытыспыт сылааһын, дууһабыт ырааһын билэрбит ама дьол буолбатах дуо... Дьол дии саныыбын ырыа нөҥүө чугас аймаххын көрсүбүттүү  истиҥ эйгэҕэ билсиһиини, көрсүһүүнү. Дьол дии саныыбын оҕоҥ курдук санаан төрөтөн таһаарбыт айымньыҥ кэнники диэн анньыллыбыт кэм-кэрдиис долбууруттан хостонон тахсан, куйаар нөҥүө иһирэх, эйэҕэс эйгэни үөскэтэрин. Мин тус бэйэм бу тэрээһиҥҥэ оҕо эрдэхпиттэн дууһабар-сүрэхпэр илдьэ сылдьыбыт ырыабын ытыктыыр-убаастыыр олохпор (ырыаҕа эрэ буолбатах)  учууталым, салайааччым Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөй үөрэтэн, көмөлөһөн анал фонограмма оҥотторон, студияҕа уһуллан “Сибэкки биһикки”(П.Соловьев тылларыгар В.Андросов мелодията) ырыаны киэҥ киэлигэ таһаарбыппыттан. Бу ырыанан сиэттэрэн дьикти кэрэ куоластары иһиттим, сахабыт дьонун талааннарын сөҕө-махтайа, астына. Наһаа үчүгэй дии итии үүттээх чэй курдук итиинэн илгийэн, иһиттэх аайы минньийэн, суолтата дириҥээн-үрдээн, тыла-өһө сааһыланан-наарданан ийэ дойдуга бэриниини, киэн туттууну үөскэтэрэ. Ырыа мелодията Виталий Андросов бэйэтин курдук ис иһиттэн холку-наҕыл, сэмэй буолууну кытта  өрүс уутунуу тохтообокко устар, дэлэй-холой, кыахтаах-күүстээх, дириҥ буолууну сатабыллаахтык алтыһыннаран үйэ тухары куруутун кэм-кэрдии хардыытын кытта бииргэ буолуо турдаҕа.

             Биир ырыаны күрэх балаһыанньатын быһыытынан Кэбээйи улууһуттан төрүттээх мелодистар ырыалара  ылланнылар.  Бу эмиэ кэскиллээҕи санаан туран  ааптардарга болҕомтону ууруу биир көстүүтэ буолла.

          Бу тэрээһини ырыа күрэҕин эрэ курдук сыаналыыр тутах буолара буолуо, уон сыллаах үлэ чэрчитинэн элбэх кэпсэтиини-ырытыыны, ситиһиилэри-кыайыылары кытта туолбуту-туолбатаҕы анааран-быһааран, инники былааннары оҥорорго тирэх буолара саарбаҕа суох.

                        “Дьүһүй” ырыа кулуубуттан, дьүүллүүр Сүбэттэн

                                              Наталья Руфова. Хатас.  27.12.20 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....