СВО кыттыылаахтарын аймахтарыгар төлөбүрдэр
✅ Байыас суорума суолланнаҕына төлөбүрдэр (федеральнай, страховой, региональнай)
⛔️Бэриллэр төлөбүрдэри дьаһайар – кимиэхэ төлөнөр, кимиэхэ суох – байыас бырааба буолбатах. Барыларыгар аналлаах төлөбүрдэр испииһэктэрэ сокуонунан быһаарыллан турар.
✔️Байыас бэйэтин тус дьыалатыгар уруулартан кими эрэ ыйымыан сөп, Оборона министиэристибэтэ ол аймаҕар биллэрбэт. Бу түгэҥҥэ ол уруута кэлин суут нөҥүө эрэ төлөбүр быраабын төнүннэрэр кыахтанар, онуоха кини төлөбүрү ылбыт дьону кытта сууттаһар.
✅Сураҕа суох сүппүккэ харчынан төлөбүр олохтонор
⛔️ Сокуонунан төлөбүрү ылар бырааптаах аймаҕын байыас сотон кэбиһэрэ көҥүллэммэт.
✔️Байыас статуһа уларыйбытын тус дьыалатыгар баар эрэ дьоҥҥо биллэрэллэр. Кинилэртэн эрэ сайабылыанньа ылаллар. Ыйыллыбатах дьон байыас статуһа уларыйбытын билимиэхтэрин сөп.
✅Сулууспалыыр кэмигэр хамнаһын ылыахтарын сөп
✔️ Байыас итэҕэллээх киһитигэр кимиэхэ баҕарар дэбиэринэс биэрэрэ көҥүл. Каартатын хаалларыан, паролун этиэн сөп. Бэриллибит генеральнай дэбиэринэс, байыас сураҕа суох сүппүт диэн статустаах да буоллаҕына, салгыы үлэлиир кыахтаах, онон ол киһи кини харчытын туттуон сөп. Атын аймахтара ону мөккүһэр кыахтара суох.
✅ Бааһырыы иһин о.д.а. социальнай төлөбүрдэр/компенсациялар
✔️ Бу төлөбүрдэр эр-ойох буолан олорон муспут баайдара буолбатах. Байыас арахсар түгэнигэр, төттөрү модьуйан ылар бырааптаах. Атын нэһилиэнньиктэр бу харчыны уопсай нэһилиэстибэҕэ холбуохтарын сөп.
✅Нэһилиэстибэҕэ киирэр төлөбүрдэр
✔️ Байыас харчытын эбэтэр атын да баайын-дуолун кэриэс суруйан хаалларар бырааптаах. Өскөтүн кэриэс сурук иитимньилэрин быраабын кэһэр гына оҥоһуллубут буоллаҕына – суут бэрээдэгинэн көннөрүүнү ааһыан сөп.
Өлбүт байыас кэргэнин үлэтиттэн устар көҥүллэммэт
Үлэ биэрээччи, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа СВОҕа сылдьан өлбүт буоллаҕына, кини кэргэнин үлэтиттэн ууратар бырааба суох. Көннөрүүлэр Үлэ кодексатын 41 баһыгар киллэриллэн тураллар.
Үлэттэн ууратыы бырааба байыас өлбүтүн кэннэ биир сыл устата үлэлиир, өскөтүн дьахтар хаттаан эргэ барбатаҕына.
Бу нуорма үлэлээбэт түгэнэ: үлэһит эбээһинэһин куруубайдык кэһэр, үлэтигэр кэлбэт, үлэлиир миэстэтигэр куһаҕан дьайыыны оҥорор, сымыйа докумуоннары биэрбит о.д.а. буоллаҕына (п. 1, 5-8, 10 эбэтэр 11 ч бастакы ыст. 81 ТК)
Наадалаах докумуоннар
Байыас баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга баран ыарахан эбэтэр чэпчэки бааһырыыны (эчэйии, контузия) ыллаҕына, страховой суума компенсацията төлөнөрүгэр ханнык докумуон нааданый?
✔️страховкаламмыт киһи страховой суума компенсациятын ыларын туһугар сайабылыанньа;
✔️гражданин тус бэйэтин бигэргэтэр докумуон;
✔️Арассыыйа Федерациятын оборонатын министиэристибэтин байыаннай-медицинскэй тэрилтэлэринэн бэриллэр байыаннай-врачебнай хамыыһыйа (ВВК) бааһырыы көрүҥүн туһунан ыспыраапката (бааһырыы, эчэйии, контузия).
Байыаннай комиссариакка эбэтэр байыаннай чааска сайабылыанньа биэрэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьан ылбыт бааһырыынан ВВК бааһырыы көрүҥүн туһунан ыспыраапка (бааһырыы, эчэйии, контузия) дьиҥнээҕин (подлинник) сайабылыанньаҕа сыһыарыллыахтаах.
✔️Байыаннай комиссариат сайабылыанньа регистрацияламмытын, докумуоннар сыһыарыллыбыттарын кэннэ 7 күн иһинэн болдьоххо байыаннай чааска ыытыахтаах.
✔️Байыаннай чаас үөһэ ыйыллыбыт докумуоннарга страховой түгэн туһунан ыспыраапка уонна гражданин баҕа өттүнэн формированиеҕа сылдьыбытын туһунан байыаннай чаас хамандыырыттан бирикээс уонна выписка эбии киллэрэн биэрэр.
✔️Байыаннай чаас сөптөөх докумуоннары мунньан страховой хампаанньа аадырыһыгар страховой суума компенсациятын төлүүр туһунан быһаарыыны ылынарыгар ыытар.
Страховой төлөбүр
СВО кыттыылааҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьан бааһырыы, эчэйии ыллаҕына, страховой төлөбүр ылар кыахтаах.
Ыарахан эчэйии – 327 265,73 солк., чэпчэки – 81 816,44 солк. (индексацияланар). “СОГАЗ” АУо төлүүр.
Ыйытыыларгытын бэйэҕит байыаннай чааскыт хамандыырыгар эбэтэр олорор сиргитинэн байыаннай кэмитиэккэ биэриэххитин сөп, “СОГАЗ” АУо төлөпүөнэ: 8-800-333-0-888.
Докумуоннары “СОГАЗ” АУо сүрүн офиһыгар тус бэйэҕит эбэтэр почтанан ыытыаххытын сөп.
✅Тус бэйэҕитин туоһулуур докумуон куоппуйата;
✅Сайабылыанньа (Прил. № 4 РФ оборона министиэристибэтин 755 №-дээх Бирикээһигэр олоҕуран);
✅Страховой түгэн сөп түбэһэригэр быһыы-майгы туһунан ыспыраапка (Прил. № 7 оборона министиэристибэтин 755 №-дээх Бирикээһигэр олоҕуран);
✅Бааһырыы туһунан ВВК ыспыраапката (Прил. № 9 оборона министиэристибэтин Бирикээһигэр олоҕуран)
Бааһырыыга уонна инбэлииккэ страховой төлөбүрү оборона министиэристибэтин кытта сөбүлэһии түһэрсибит “СОГАЗ” страховой хампаанньа төлүүр. 2024 сылга босуобуйа кээмэйэ маннык:
2 454 462 солкуобай 1 группалаах инбэлииттэргэ, ол иһигэр сулууспа кэнниттэн биир сыл иһигэр;
1 636 338 солкуобай 2 группалаах инбэлииттэргэ (усулуобуйата эмиэ биир);
818 164 солкуобай 3 группалааах инбэлииттэргэ (усулуобуйата эмиэ биир);
327 265 солкуобай сулууспалыы сылдьан ыарахан эчэйиини ылбыттарга (бааһырыы, эчэйии, контузия);
81 816 солкуобай сулууспалыы сылдьан чэпчэки эчэйиини ылбыттарга (бааһырыы, эчэйии, контузия);
81 816 солкуобай сулууспалыы сылдьан ыалдьан туораабыт, быстах кэмҥэ тохтообут буоллахтарына.
Байыас бааһырыы ылан сулууспаттан тохтообут буоллаҕына, “О денежном довольствии военнослужащих и предоставлении им отдельных выплат” ФЗ 306 с №-дээх сокуон чэрчитинэн, “выходной” диэн ааттаах босуобуйаны ылар. Өскөтүн СВО кыттыылааҕа бааһырыытыттан сылтаан инникитин сулууспалыыр кыаҕа суох буоллаҕына, биир кэмнээх босуобуйа төлөнөр. Төлөбүр кээмэйэ тохсунньу 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн индексацияламмыт, хантараак баарыттан-суоҕуттан тутулуктаах:
Хантараагынан сулууспалааччыларга — 3 мөл. 272 тыһыынча 657 солкуобай; атыттарга — 1 мөл. 636 тыһыынча 329 солкуобай (ыҥырыынан уонна байыаннай хомуурунан).
Маны таһынан региональнай төлөбүрдэр бааллар. Холобур, Москва мэрин 2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүнээҕи 52-УМ №-дээх ыйааҕынан, мобилизованнай өллөҕүнэ, биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 3 мөлүйүөн солк. тэҥнэһэр, бааһырыы иһин – 1 мөлүйүөн эбэтэр 500 000 солкуобай, эчэйии хайдаҕыттан тутулуктаах. Усулуобуйата биир, бэрэсидьиэн ыйааҕыгар курдук.
Курскай уобаласка бааһырыы иһин 500 000 солкуобайы төлүүллэр, суорума суолланыыга – 1 мөл. солк.
Чукотскай автономнай уокурукка бааһырыы иһин — 500 000 тыһыынча солкуобайтан 1 мөл. солк. диэри.
Ленинградскай уобаласка эмиэ маннык усулуобуйа. Атын регионнарга эмиэ маннык төлөбүрдэр оҥоһуллаллар.
Саха сиригэр оҥоһуллар көмө
Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт, кытта сылдьан бааһырыы ылбыт байыас дьиэ кэргэнигэр көмөлөһөр сыалтан, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр биир кэмнээх харчынан төлөбүр оҥоһуллар:
500 000 (биэс сүүс тыһыынча) солкуобай байыаннай сулууспалаахха, чэпчэки эчэйии ылбыт (бааһырыы, эчэйии, контузия) эбэтэр ылбыт бааһырыытын истиэпэнэ бигэргэммэтэх (бааһырыы, эчэйии, контузия) буоллаҕына;
750 000 (сэттэ сүүс биэс уон тыһыынча) солкуобай байыаннай сулууспалаахха, ыарахан эчэйиини ылбыт буоллаҕына (бааһырыы, эчэйии, контузия). Өскөтүн байыаннай сулууспалаах эмтэнэр кэмигэр (бааһырыы, эчэйии, контузия) ыараханнык эчэйбитин истиэпэнэ бигэргэммэтэх эбэтэр чэпчэки истиэпэнтэн ыарахаҥҥа көспүт буоллаҕына, кини бу олохтоммут биир кэмнээх төлөбүрү ылар бырааптаах;
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор байыаннай сулууспалаах эмтэнэ сытар сиригэр дьиэ кэргэнтэн биир киһи эбэтэр биир чугас уруута барыан сөп. 2024 сылга маннык төлөбүр бигэргэнэн турар: Арктика (хотугу) оройуоннарыгар 54 602 солк., онтон атын оройуоннарга – 45 734 солк.
Байыаннай сулууспалаах анал байыаннай дьайыыга сылдьан олохтон туораатаҕына, 1 000 000 (биир мөлүйүөн) солкуобай дьиэ кэргэн чилиэннэригэр тэҥинэн түҥэтиллэр.