12.12.2024 | 17:00 | Просмотров: 255

СВО-ҕа кыттыы уонна... иэстэн босхолонуу

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 1 күнүттэн саҕалаан, биир сылтан уһун болдьоххо контракт түһэрсэн, анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы барар дьон бэйэлэрэ уонна  кинилэр дьиэ кэргэттэрин дьоно бу иннинэ ылбыт иэстэрин суут төлүүргэ уураахтаабыт түгэнигэр, онтулара сотуллуон сөп буолбут. Онуоха иэс муҥутуур улахан кээмэйэ 10 мөл. солк.  тахсыа суохтааҕа быһаарыллыбыт.

*Ону тэҥэ СВО-ҕа барааччы бу сыл бүтүөр диэри кирэдьиит каникулун көрдөөтөҕүнэ, ол каникула сулууспаттан кэлбитин кэннэ урукку курдук 30 эрэ күҥҥэ буолбакка, 180 күҥҥэ диэри уһатыллыан сөп.

*Анал дьайыы кыттыылаахтара исполнительнай хомуур төлөбүрүттэн босхолонор төрүөттэрэ да эбиллэн биэрбит. Бу туһунан 2024 сыл сэтинньи 23 күнүгэр уларыйбыт барыйаана бигэргэммит, ахсынньы 1 күнүттэн олоххо күүһүгэр киирбит, 391-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа этиллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Дьон | 09.09.2026 | 11:00
"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Быйыл “Уус Буотама” ойуур бизоннарын питомнига 20 сылын туолар. Ол сыллар устата питомнигы иилээн-саҕалаан үлэлэппит киһинэн Семен Семенович Егоров буолар.
ОҔО ИДЭТИН СӨПКӨ ТАЛАРЫН ТУҺУГАР. Профориентолог – Арассыыйаҕа сэдэх идэ
Дьон | 11.09.2026 | 08:30
ОҔО ИДЭТИН СӨПКӨ ТАЛАРЫН ТУҺУГАР. Профориентолог – Арассыыйаҕа сэдэх идэ
Урут оҕо идэтин талара судургу этэ. Этэргэ дылы, быраас эбэтэр учуутал буолуон баҕарара... Билиҥҥи үйэҕэ идэ арааһа олус элбэх.
Дмитрий Михайлов: «Дьокуускай куоракка «Бермудский треугольник» курдук баар...»
Дьон | 10.09.2026 | 08:30
Дмитрий Михайлов: «Дьокуускай куоракка «Бермудский треугольник» курдук баар...»
«Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта – Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрин, куорат абааһылаах сирдэрин ааҕа билэр, мунньар, түмэр суруналыыс, суруйааччы, блогер, гид Дмитрий Михайлов.
Бүгүҥҥү гороскоп
Сонуннар | 12.09.2026 | 09:43
Бүгүҥҥү гороскоп
Сулустар тугу сүбэлииллэрий?