Суут бириистэптэрин управлениета: «Иэстэри ирдэһии 12,5 % элбээтэ»
Коллегия мунньаҕар Арассыыйа Суут бириистэптэрин сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Н.Н. Григорьева, салайааччыны солбуйааччы П.В. Местникова, отделлар уонна Управление аппараатын араас салааларын начаалынньыктара, куораттар уонна нэһилиэнньэлээх пууннар суут бириистэптэрэ кытыннылар.
Дакылаатчыттар үлэ түмүгүн билиһиннэрдилэр, ону сэргэ итэҕэстэри туоратарга бэйэлэрин көрүүлэрин кэпсээтилэр.
Ол курдук, Исполнительнай производство, ирдэһии, иэстээх дьон бас билиитин батарыы уонна оҕолору көрдөөһүн отделын начаалынньыга Лена Новгородова бэлиэтээбитинэн, Суут бириистэптэрин управлениеларын бары салааларыгар иэстэри ирдэһии дьыалатын ахсаана 12,5 бырыһыанынан элбээбит. Ирдэһиини толору ситиһиинэн 122 тыһыынчаттан тахса дьыала түмүктэммит, уопсайа 3 миллиард солкуобай дьоҥҥо төннөрүллүбүт.
Суут таһаарбыт аакталарын кэмигэр толорорго, дьон уонна тэрилтэлэр кэһиллибит бырааптарын көмүскүүргэ, көҥүллэрин уонна интэриэстэрин араҥаччылыырга сокуоҥҥа олоҕурар эрэ күһэйии ньымалара туттуллаллар. Холобур, иэстээх киһини олорор сиригэр тиийэн ирдэһэллэр, бас билиитин уонна баайын-дуолун бэрэбиэркэлииллэр (сыл аҥаарын устата уопсайа 36381 маннык сырыы оҥоһуллубут); Арассыыйа кыраныыссатын туоруулларын боболлор (47157 киһиэхэ кыраныыссаны туоруур бобуллубут); бас билиилэрин туталлар (3 463 бас билиигэ арест оҥоһуллубут).
Дознание отделын начаалынньыга Антон Закревскай кэпсээбитинэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо туһатыгар элимиэннэри ирдэһии Арассыыйаҕа баар орто көрдөрүүттэн үрдээбит. РФ Холуобунай Кодексатын 157 ыст. («Неуплата средств на содержание детей или нетрудоспособных родителей») олоҕуран, сыл аҥаарын устата элимиэннэрин төлөөбөт төрөппүттэргэ уопсайа 209 холуобунай дьыала тэриллибит.
Олоххо баар холобуртан ылан көрдөххө, Амма улууһугар үс ый устата оҕолоругар суут уураахтаабыт сууматыттан төһө эмэ кыра сууманы – 14 тыһыынча солкуобайы эрэ төлөөбүт төрөппүккэ холуобунай дьыала тэриллибит. Буруйдаах алта ый күһэлэҥ үлэҕэ атаарыллыбыт.
Суут үлэтин тэрийии туһунан Владимир Малиновскай кэпсээбитинэн, Суут үлэтин хааччыйыы 100 бырыһыан толоруллар. 33 тыһыынчаттан тахса суут судьуйаларга, сэтээтэллэргэ уонна да атын суут кыттааччыларыгар куттал суох буолуутун хааччыйда, 1000-тан тахса дьону күһэйэн аҕаллылар, ол иһигэр 978 холуобунай дьыаланан.
Суут дьиэтигэр киирии бэрэбиэркэтигэр 1485 бобуулаах мал-сал (сэрии сэбэ, уһуктаах тэрил о.д.а.) тутуллубут. Ирдэбилгэ сылдьар 14 киһини туттулар.
Арассыыйа федерациятыгар сылдьыы бэрээдэгин кэһии иһин, РФ Административнай кодексатын 18.8 ыст. олоҕуран («Нарушение иностранным гражданином или лицом без гражданства режима пребывания (проживания) в Российской Федерации, выразившееся в отсутствии документов, подтверждающих право на пребывание (проживание) в Российской Федерации»), 32 киһи дойдутугар утаарыллыбыт. Бу үксүгэр Узбекистан, Таджикистан, Кыргызстан, Армения, Казахстан гражданнара буолаллар.
Коллегия түмүгүн таһаарарыгар салайааччы эбээһинэһин толорооччу Н.Н. Григорьева үлэни өссө күүһүрдэргэ, дьон быраабын көмүскүүр, араҥаччылыыр дьыалалар, суут быһаарыылара толоруллан, үтүө түмүктээх буолалларын ситиһэргэ сорук туруорда.