Суукка иһигэр 9 ойуур баһаара умуруорулунна
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ 94 148 га иэннээх сиригэр 9 ойуур баһаара умуруорулунна. Ол туһунан регионнааҕы суһал штаб биллэрдэ.
Баһаар көрдүгэннэрин умуруорууга 2158 киһи уонна 288 тиэхиньикэ үлэлээбит. Ураты хонтуруолга нэһилиэнньэлээх пууннартан 5 км кэриҥэ тэйиччи сытар биэс ойуур баһаара сылдьар – Өймөкөөн улууһун Хара-Тумулун, Өрт, Диикимдэ, Маҥарас уонна Горнай улууһун Күөрэлээх сэлиэнньэтин таһыгар.
Итини сэргэ, Горнай улууһун Орто-Сурт уонна Кэптин, Сунтаар оройуонун Кэмпэндээйи, Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэнньэлээх пууннарыттан 10 км кэриҥэ тэйиччи сытар сиргэ 4 ойуур баһаара баар.
Ойуур харыстабылын Департаменын салайааччыта Владимир Иванов эппитинэн, киин уонна илин эҥээр улуустарын баһаардарыгар тоҕо авиация туттуллубатын туһунан элбэх ыйытык киирэр эбит.
«Дьокуускай аэропорда, саҥалыы уларытыллан оҥоһулларынан сибээстээн, БЕ-200 уонна ИЛ-76 сөмөлүөттэри кыайан түһэрбэт. Ол иһин ити сөмөлүөттэр Мирнэй аэропордугар баазаланан тураллар. Биллэн турар, көтөн кэлиэхтэрин сөп, ол эрээри аҕыйахта ууну кутаат төннөргө күһэллиэхтэрэ. Итинэн сибээстээн, суһал штаб сөмөлүөттэр арҕаа оройуоннарга үлэлииллэрин курдук быһаарыыны ылыммыта», - диир Владимир Иванов.