Суукка иһигэр 263 киһи ыалдьыбыта билиннэ
Ааспыт суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ территориятыгар коронавирус дьаҥынан 263 ыалдьыбыт киһи регистрацияламмыт. Бу туһунан брифиҥҥэ регионнааҕы суһал штаб салайааччытын солобуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
«Дьокуускайга кыра намтааһын баар – 142 түбэлтэ», – диэтэ кини.
Мэҥэ-Хаҥалас уонна Нам оройуоннарыгар – 11-дии, Алдан уонна Уус-Алдан оройуоннарыгар – 9-туу ыалдьыбыт киһи регистрацияламмыт.
Ленскэй оройуонугар – 8, Аммаҕа – 7 киһи.
Мирнэй, Нерюнгри, Томпо, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарыгар – 6-лыы,Аллараа Халымаҕа – 5 киһи.
Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Таатта оройуоннарыгар – 4-түү, Булуҥ, Бүлүү, Эдьигээн, Кэбээйи оройуоннарыгар – 3-түү киһи.
Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар – 2-лии, Аллайыаха оройуонугар – 1 киһи.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар коронавирус инфекциятыгар 5 300 чинчийии оҥоһуллубут.