02.04.2021 | 14:13

Суруйааччылар айаннара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 31 күнүгэр уйгу сирэ Уус Алдан киинигэр – Бороҕоҥҥо, Тойон Мүрү туонатыгар Дьокуускайтан айаннаан тиийбит суруйааччылары киин бибилэтиэкэҕэ арыылаах алаадьынан, кырылыы кыынньар кымыһынан, сиэри-туому тутуһан көрүстүлэр.

Галина Владимировна Аммосова салайааччылаах Уус Алдан улууһун литературнай түмсүүтүн чилиэннэрэ тоҕуоруһа мустубуттара сүргэбитин көтөхтө. Күүтүүлээх ыалдьыттарыгар Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениетын, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин, улуустааҕы литературнай түмсүү аатыттан "Эҕэрдэ суруктары", "Уус Алдан албан ааттаахтара" уо.д.а. кинигэлэрин үөрүүлээх түгэҥҥэ бэлэх туттардылар.

 Салгыы Галина Аммосова кылгастык түмсүүлэрин үлэтин, инники былаанын билиһиннэрдэ. Ол кэннэ тылы биһиэхэ, ыалдьыттарыгар, салайда.

Биирдиилээн тураммыт айар абылаҥҥа хайдах, хаһан ылларбыппытын кэпсээтибит, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин билиһиннэрдибит, долгуйан тураммыт хоһооннорбутун аахтыбыт.

Айар-суруйар аартыкка үктэммит доҕотторбут кэккэ ыйытыктарыгар хоруйдаатыбыт, бэйэбит кинигэлэрбитин бэлэх ууннубут.

 Эҕэрдэ ырыа кэһиилээх кэлбит суруйааччыларбыт Семен Ильич Черноградскай уонна Алексей Михайлович Татаринов - Удьурҕай ымыылаах ырыаларын ыллаатылар.

 Бороҕон орто оскуолатын муусука учуутала, олохтоох мелодист Станислав Николаевич Луковцев баяҥҥа доҕуһуоллаан Уус Алдан улууһун култуура управлениетын сүрүн специалистара Анна Егоровна Федорова, Матрена Николаевна Герасимова эйээрэр куоластарынан ыллаан сүрэхпитин манньыттылар. Винокурова Татьяна Михайловна - Кустук Таана тылларыгар, Станислав  Николаевич Луковцев мелодиятыгар "Уһуктуу" лит.түмсүү гимн ырыатын бары өрө күүрэн тураннар ыллаатылар.Олус долгутуулаах түгэн буолла.

 Салгыы тэрээһиммит иккис чааһыгар сахалыы аһынан томточчу туолбут сандалы тула олороммут литературнай түмсүүлэрин чилиэннэрэ хоһооннорун ааҕалларын, ырыаларын ыллыылларын иһиттибит.

  Бурнашева Ульяна Ивановна - Уйана, биһиги Сойууспут чилиэнэ, хааһахтан хостуур курдук төрөөбүт тылбыт сүмэтин имигэстик туттан этэрин-тыынарын бары сөхтүбүт, эҕэрдэтигэр үөрдүбүт. Салгыы биһиги Сойууспут чилиэнэ Иванова Акулина Михайловна - Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына бэйэтин үлэтин-хамнаһын кэпсээтэ, "Саҥа хаар" ырыаны ыллаан барыбыт санаабытын көнньүөртэ.

 Галина Аммосова этэринэн, урут "Уһуктуу" лит.түмсүүлэригэр барыта Саха Далбар Хотуттара эрэ  чилиэн эбит буоллахтарына, аны түмсүүлэрэ кэҥээн суруйар-айар саха уоланнара түмсүүгэ киирбиттэр. Онон аат толкуйдуур үлэҕэ тиксибиттэр. Борис Лугинов диэн эдэр уол бэйэтин билиһиннэрдэ, СӨ иһинэн ыытыллар күрэхтэргэ бириистээх миэстэни ылбытын туһунан кэпсээтэ,"Саха санаата" хоһоонун аахпытын болҕойон иһиттибит. Кэскиллээх эдэр уол хоһоонноро түмүллэн кинигэ буолан күн сирин көрүөхтэрин сөбүн эппитин олус сэргээтибит.

 Бары да талааннарынан сөхтөрдүлэр. Ол курдук Мария Михайловна Петухова ыллыырын тыыммакка иһиттибит.

Кэскиллээх эдэр уол Гаврил Пухов, эҕэрдэ тыл этээт, ыллаан барыбытын үөртэ. Татьяна Михайловна Винокурова - Кустук Таана олоҕуттан кэрчик кэмнэрин кэпсээн күлсэн да ыллыбыт, ырыатын болҕойон иһиттибит. Сэргэх көрсүһүүгэ кэлбит доҕотторбут бары эҕэрдэ тылын эттилэр, долгуттулар. Биһиэхэ анаабыт эйэҕэс тылларгыт, баҕа санааҕыт биһигини кынаттыыр, салгыы айа-тута сылдьарбытыгар күүс эбэр.

Онон Валентина Николаевна Шадрина эппитинии, Тойон Мүрү алаастара биһигини айхаллаан көрсүбүттэрэ, чаҕылхай сааскы күн күлүмнүү тыкпыта барыбытыгар өйбүтүгэр-санаабытыгар сүппэт өйдөбүл буолан сүрэхпитин сылаанньыта сылдьыа диэн эрэннэрэбит.

 Тойон Мүрү туонатыгар улааппыт, сайдыбыт биир санаалаах айар-суруйар доҕотторбутугар бары үтүөнү, үчүгэйи, үтүмэн үгүс үөрүүнү баҕарабыт. Айар аартыкка үктэнэн айымньыларгыт күн сирин көрөн истиннэр!

 Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт СР култууратын туйгунугар, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор, С.С.Васильев - Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйигэр Галина Владимировна Аммосоваҕа барҕа махталбытын этэбит.

Көрсүөххэ диэри!!!

Галина Григорьевна Басылайканова - Кэнтик кыыһа,

СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна,

РИК "Офсет" менеджерэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...