09.08.2024 | 16:00

Суруйааччылар алаастарынан

Суруйааччылар алаастарынан
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Өй-санаа сайдыытын туһугар сүрэҕин баҕатынан, дууһата этэринэн кэккэ сылларга дьаныһан туран үлэлэһэр Александр Протодьяконов оҥорбут каартатын суолунан «Суруйааччылар алаастарынан» туур бастакы бөлөҕө бу күннэргэ кэллэ.
Александры кытта бу маршрукка сыһыаннаан олоҕу көрүү, өй-санаа күүһүн тула сэһэргэһэбит.

Александр, бу туур ис хоһоонун билиһиннэриэҥ дуо?

– Бу бэйэтинэн олус дьикти, билиҥҥи кэмҥэ уһулуччу суолталаах, дириҥ, дьиҥ өйдөбүллэри биэрэр, тириэрдэр туур-семинар.

Киһини өйүн-санаатын уларытар, атын таһымҥа таһаарар кыахтаах да диэххэ сөп. Бу айан кэнниттэн киһи олоҕу көрүүтэ, олоххо сыһыана, тардыһыыта тосту уларыйар.

Туур олохпут ханнык хайысхаларыгар киирэн дьүөрэлэһиэн сөбүй? Тоҕо итинник күүскэ дьайар кыахтааҕый?

– Бастатан туран, бүгүҥҥү күҥҥэ олохпут сүрүннээн тас эйгэ өйдөбүллэригэр сылдьар – үлэ, урбаан, харчы, материальнай сыаннастары эккирэтиһии. Ол эбэтэр күннээҕи түбүгүнэн эрэ олоруу.  Оттон ис эйгэҕэ эмиэ итинтэн итэҕэһэ суох күүс-сэниэ, бириэмэ, харчы ананыахтаах. Оччоҕо эрэ олохпут тупсар, сайдар кыахтаах. Бу олус судургу, чопчу өйдөбүл, билиҥҥи кэмҥэ ситиһиллэр кыахтаах сорук.

Иккиһинэн, туур-маршрут айанын устата олохпут сүрүн өйдөбүллэрин, тутулун туһунан кэпсэтэбит, быһаарсабыт, анаарабыт. Холобур, “Тыын” диэн олус дириҥ, киэҥ, улахан суолталаах өйдөбүл; “Саха киһитэ – киһи киһитэ” диэн сиэргэ-майгыга, сыһыаҥҥа сыһыаннаах тутаах өйдөбүл, концепция туһунан; “Дьиҥ” диэн билиҥҥи кэмҥэ эмиэ уһулуччу суолталаах өйдөбүлү таарыйабыт, “Философия”, «Олоҕу көрүү» уо.д.а. бэрт дириҥ кэпсэтиилэр, анаарыылар буолаллар.

Онон бу туур семинар дэнэр.

Эһиги бу күннэргэ «Суруйааччылар алаастарынан» айаннаан кэллигит. Бу туһунан сырдат эрэ.

– Ытык Күөлгэ аатырбыт Хадаайы уонна Чөркөөх музейдарын таһынан, суруйааччыларбыт төрөөбүт, олорбут, сүүрбүт-көппүт, улааппыт алаастарынан сылдьан кэллибит.

Улуу убайдарбыт төрөөбүт-үөскээбит алаастара бэйэлэринэн Ытык сир, «энергетическэй портал» буоллахтара, күүс-сэниэ биэрэр сирдэр.

Ити кэрэ, сүдү сирдэринэн сылдьан, улуу дьоммут олохторун-дьаһахтарын, өйдөрүн-санааларын, философияларын кытта билсэҕин. Хас биирдии киһи бэйэтин аналынан, тутулунан булар, көрөр, өйдүүр. Оннук ураты күүстээх тыыннаах, кэрэ айылҕалаах, дьонноох миэстэлэр. Ону бэйэм хаамыыларым түмүктэринэн, сылдьыспыт дьонум туруктарынан көрөммүн, ити санааларбын бигэргэтэбин.

– Итини барытын киһи эт атаҕынан хаамтаҕына, этэргэ дылы, эрэйи көрдөҕүнэ эрэ өйдөөн эрдэҕэ дуу?

– Дьэ, бу – айан. Сатыы хааман, тиритэн-хорутан, көй салгынынан сайа тыынан туран ситиһиллэр айан. Ол кэнниттэн төһөлөөх дуоһуйуу, астыныы туруга кууһара буолуой?! Бэйэҕэ тургутууну ааспыттар кыайыыттан үөрүүлэрэ!

Туур-семинар кэнниттэн бэйэм даҕаны, атын дьон даҕаны куруутун: «Ханнык да соҕуруу, арҕаа дойдуларга айанныы (туристыы) сылдьыбыппынааҕар, быдан элбэх билиини-көрүүнү, дириҥ өйдөбүллэри ыллым»,– диэн соһуйуу үгүс.

Александр, бу айаннарга каартанан сирдэтинэҕит. Маны хайдах, кимнээх туһаныахтарын сөбүй?

– Историяны билиэн-көрүөн баҕалаахха барыларыгар туһалаах буолуо дии саныыбын. Ити каартаны оҥорорбор хас биирдии маршрут пааспарын оҥорбутум. Онно айан уһуна, ол иһигэр массыынанан уонна сатыы сырыы диэн арааран ыйыллар. Биир туочукаттан иккис туочукаҕа тиийии килэмиэтиринэн бэриллэр. Хас биирдии тиийиэхтээх сир туһунан кылгас ыйынньык баар. Хаартысканан бигэргэтиллэр.

Онон бу каартанан сирдэтэн ким баҕарар маршрутун бэйэтэ талан сылдьар, историяны билсэр кыахтаах.

Олус туһалаах, дьоҥҥо наадалаах дьыала эбит. Инники туох   былаан баар?

– Мантан да атын бырайыакпыт элбэх. Оттон бу тууру элбэх киһи сэргээбитэ үөрдэр. Маныаха майгынныыр «Урбаанньыттар  алаастарынан» тууру эмиэ дьон бэркэ ылынна.

Александр Константинович, киэҥ далааһыннаах, кэскиллээх үлэҕэр ситиһиини баҕарабыт. Маннык туурдар өссө кэҥии турдуннар. Махтанабыт!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...