14.01.2022 | 12:00

Суруналыыстар куонкурустарын түмүгэ билиннэ

Суруналыыстар куонкурустарын түмүгэ билиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 13 күнүгэр Олохтоох дьаһалтаҕа куорат уокуругун территориятын тупсаран оҥорууну бастыҥ сырдатыыга куонкурус кыайыылаахтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалааһын буолла. Кыайыылаахтарга бириистэри уонна дипломнары куорат баһылыга Евгений Григорьев Арассыыйа бэчээтин Күнүгэр үгэс буолбут суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ туттарда. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Евгений Григорьев суруналыыстары, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна куорат бэчээт уорганнарын, телевидение уонна радио, интернет таһаарыылар кылаабынай эрэдээктэрдэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, саха суруналыыстара уонна таһаарыылара мэлдьи тыл үрдүк маастарыстыбатынан, гражданскай эппиэтинэһинэн уонна дьоҥҥо аламаҕай сыһыанынан биллэллэр. 
«Өрөспүүбүлүкэбит уонна киин куораппыт прессатын күүркэтиитэ суох «төрдүс былааһынан» ааҕыахпытын сөп. Аныгы уопсастыбаҕа эһиги үлэҕит суолтатын сыаналыыр уустук: бары олох оргуйар үөһүгэр сылдьабыт – биһигини күн аайы үчүгэй уонна оччото суох сонуннар арыаллыыллар», – диэтэ  Евгений Григорьев.
Арассыыйа бэчээтин Күнүгэр суруналыыстар ортолоругар куорат куонкуруһун түмүгүн таһаарар үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл суруналыыстар үлэлэрин үс номинациянан бэлиэтээтилэр – бэчээт нөҥүө сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр, телевидение уонна интэриниэт-сонуннар. Куонкурус тиэмэтэ – куорат уокуругун территориятын тупсаран оҥорууну сырдатыы. 
Суруналыыстар куораттааҕы куонкурустарын кыайыылаахтарынан буоллулар:
- «Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ бастыҥ  бэчээккэ таһаарыы» – «Киин Куорат» хаһыат корреспондена  Айыына Ксенофонтова,

- «Бастыҥ телесюжет» номинацияҕа – «Саха» телевидение уонна радио хампаанньатын – «ВГТРК» ФГУП филиалын корреспондена Виталий Прокопьев,
- «Хаартыскалардаах бастыҥ интэриниэт-таһаарыы» – News.Ykt.Ru эрэдээксийэтин суруналыыһа Анна Лебединская.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....