Сурук-бичик
Оскуолаҕа субу киирбит кырачаан сүһүөхтэри холбоон, тылы таһааран ааҕа үөрэнэригэр көмө буолар бэртээхэй кинигэ таҕыста. “Сурук-бичик” ааптара уруккуттан биллэр, өр сылларга оскуолаҕа үлэлээбит, элбэх оҕону сурукка уһуйбут, ааҕарга үөрэппит ытык учуутал Михаил Степанович Аввакумов. Хомойуох иһин, кинигэтэ тахсыбытын илиитигэр ылар дьылҕаламматаҕа хомолтолоох.
Кинигэ кээмэйэ табыгастаах, тып курдук лиистэрдээх. Ойуута-уруһуйа өҥнөөх, саҥа билсэр дорҕоонноро кыһылынан бэлиэтэммит, сүһүөхтэринэн араарыллыбыт буолан оҕо бэйэтэ көрөн аахпытынан барыахтаах. Тиэкистэр ис хоһоонноро сонун. Кэнники сокуон быһыытынан сахатытыллыбыт нууччалыы тыллар киирбэтилэр. Холобур цирк диэни билигин тылдьыт ирдэбилинэн сыырка, театр диэни тыйаатыр, врач диэни быраас диибит. Онон нууччалыы буукубалар киириилэригэр урут туттуллубут тиэкистэр уһуллан, барыта саҥалыы сурулунна.
Хоһооннордоох, таабырыннардаах уонна өс хоһооннордоох буолан оҕону сынньата таарыйа толкуйдуурга эмиэ үөрэтэр. Олоҥхону кэрчигинэн билиһиннэрии нойосуус үөрэтиигэ киириигэ бэлэмниир.
“Сурук-бичик” анала – оҕо ааҕарга турунуута, аахпытыттан дуоһуйара уонна өйүгэр хатыы үөрэнэрэ.
Маннык талба-талым кинигэни, кыра киһи буукубаарын үөрэтэн бүтэриитэ, “Айар” кинигэ кыһата анаан таһаарбыта махталлаах, үөрүүлээх. Төрөппүттэр уонна кыра кылаас учууталлара көмө гынарга болҕойуҥ, туһаныҥ. Кыра кыымтан уот саҕылларыныы, судургу буукубаары салгыы чиҥэтэн, билии диэки кимэн киирэн иһиҥ.