14.09.2021 | 14:30

Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылын көрсө айымньытын онлайн көрдөрүүтэ буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат кииннэммит библиотекатын систиэмэтэ бэйэтин сайтыгар Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон «Аанчык» айымньытынан испэктээкил онлайн-көрдөрүүтүн тэрийдэ.  
Айымньы былыргы саха дьахтара революция иннинээҕи олоҕун көрдөрөр. Испэктээкилгэ Smart Библиотека 2.0.3 култуура киинин режиссера Саргылана Горохова туруоруутугар Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай театр артыыстара оонньообуттар.  
Балаҕан ыйын 14 сентября күнүгэр Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон  төрөөбүтэ 115 сылын туолла. Бүгүн Дьокуускайдааҕы духуобунай семинария Улахан саалатыгар Социалистическай үлэ Геройа,  П. А. Ойуунускай уонна А. Е. Кулаковскай ааттарынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреатын өйдөбүнньүк киэһэтэ буолар. 
Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 1 (14) күнүгэр Таатта улууһун 3-с Дьохсоҕон (Чөркөөх) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бастакы «Өлүөнэ өрүс» кэпсээнэ 1926 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитэ. «Чолбон» сурунаалга «Охоноон», «Аанчык» уонна «Сордоох суха» кэпсээннэрин «Тыа уола» уонна «Суорун Омоллоон» псевдонимнарынан таһааран биллэн барбыт. 
1928 сыллаахха Дьокуускай театрын сыанатыгар «Күөх көппө» пьесата турбута. Суорун Омоллоон суруйбут «Күкүр уус», «Айаал», «Сайсары», «Ньургун Боотур» уонна да атын айымньылара саха драматургиятын классиката буолбуттара. 
Суорун Омоллоон – «Кыһыл ойуун» либреттоны, «Лоокуут уонна Ньургуһун», «Дьол тааһа», «Күн Куо» балеттары суруйбута, саха тылын уонна литературатын учебниктарын уонна үөрэх босуобуйаларын ааптара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...