Суоппар быраабын ылыы быраабылата уларыйар
Муус устар 1 күнүттэн массыына ыытарга быраабы туттарыы эксээмэнэ уларыйыаҕа — саҕалааччы-суоппардар ГИБДД эксээмэнигэр туспа «балаһаакканы» туттарбаттар.
Уларыйыылар кыра уйуктаах, таһаҕас тиэйэр массыыналарга уонна оптуобус ыытар быраабы ылаары сылдьар дьоҥҥо сыһыаннаахтар. Матасыыкыл ыытар быраап ылыан баҕалаахтарга эксээмэн уруккутунан хаалла. Маны таһынан, кэһиилэр уонна ыстарааптыыр баал ааҕыллар алҕастарын испииһэгэ уларыйда.
Испииһэк биирдии, иккилии уонна үстүү бааллаах бөлөхтөргө араарылынна. Куруубай алҕастар иһин тута эксээмэнтэн устар буоллулар. Куруубай алҕастар испииһэктэригэр эбии, куттал суох буолуутун быатын ииллиммэккэ олоруу уонна айаннаан иһэн төлөпүөнү туттуу киирдилэр. Уруккутун курдук, эксээмэни ситиһиилээхтик туттарарга биэстэн ордук ыстарааптыыр баалы ылыа суохтааххын.
Өссө биир уларыйыынан, эксээмэн кэмигэр, массыынаҕа өссө биир кэтээччи киһи баар буолара көҥүллэнэр. Кэтээччинэн уочаратын кэтэһэр атын эксээмэн туттарааччы, уопсастыбаннай тэрилтэ уонна автошкола бэрэстэбиитэллэрэ буолуохтарын сөп. Мөккүөрдээх балаһыанньаны быһаарарга бу кэтээччилэр көмөлөһүөхтээхтэр.