11.07.2022 | 20:38

Суол өрөмүөнэ графиктан хаалыыта суох баран иһэр

Суол өрөмүөнэ графиктан хаалыыта суох баран иһэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 4 күнүгэр Евгений Григорьев Дьокуускай куорат суолун-ииһин өрөмүөнүн хаамыытын кытта билистэ. Ол курдук, баһылык Пирогов уонна Ильменскэй уулуссалар хапытаалынай өрөмүөннэрин таһынан Билибин уулуссатыгар ыытылла турар үлэни бэрэбиэркэлээтэ, диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бэдэрээтчит “Сэттэ” ХЭУ бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэҕэ Ильменскэй уулуссатыгар диэри суол бүрүөһүнүн аллараа араҥата ууруллуохтаах.

«Бордюр тааһын туруорабыт, съезтэри оҥоробут. Анараа өттүгэр, ол эбэтэр Сэргэлээхтэн кэлиигэ, 1 километр 100 миэтэрэ усталаах суол бүрүөһүнүн аллараа араҥата тэлгэммитэ. Аспаал үөһээ араҥата ууруллар. Ууну сүүрдэр ханаабалар оҥоһуллар», - диэн бэдэрээтчит бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрдэ.

Дьон үлэлиир кэмигэр мэһэйдээбэт курдук суол сүрүн үлэтэ киэһэ 21.00 чаастан сарсыардааҥҥа диэри ыытыллаллара бэлиэтэнэр. Объекка күн аайы 23 үлэһит уонна 13 тиэхиньикэ үлэлиир. Тутуу бэлэмэ 70 %-ҥа тэҥнэһэр.

Ильменскэй уулусса хапытаалынай өрөмүөнүн Чайковскай уулуссатыттан Билибин уулуссатыгар диэри учаастагын бэдэрээтчитэ – “Сахатрасстрой” ХЭУ. От ыйын 4 күнүнээҕи туругунан эргэ аспаал эрбэммит, ууну ыытар лотуоктары олордуу уонна мөлтөх туруктаах буору уларытыы ыытыллыбыт. Үлэ 25 % бэлэм. 

Бэдэрээтчит иһитиннэриитинэн, аспаал ууруута от - атырдьах ыйдарыгар саҕаланыаҕа. Объекка 19 киһи уонна 9 тиэхиньикэ үлэлиир.

“Сахатрасстрой” ХЭУ маны сэргэ Пирогов уулуссатын Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкай уулуссатыгар диэри учаастагар хапытаалынай өрөмүөнүн оҥорор. Билигин ууну ыытар лотуоктар хорууларын хаһаллар, уот баҕаналарын туруораллар, гаас турбатын тардарга бэлэмнииллэр уонна щебень кутуллар. Суол өрөмүөнэ 16 үлэһит уонна 8 тиэхиньикэ күүһүнэн ыытыллар. Тутуу бэлэмэ 70 %-ҥа тэҥнэһэр. 

Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн бу сылга 28 саҥа уонна 2 ааспыт сыллартан хаалбыт объект оҥоһуллар. Бу объектар уопсай усталара 34 км 615 м тэҥнэһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...