03.07.2020 | 10:21

Суолбут быстар мөлтөх...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хас сайын ахсын Дьокуускай куоракка суол-иис боппуруоһа сытыытык турар. Быйыл даҕаны «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ көдьүүстээхтик барар. Бу күннэргэ киин куоракка уонна аттынааҕы бөһүөлэктэргэ суол үлэтин хаамыытын, туруктарын уонна хаачыстыбаҕа төһө эппиэттииллэрин Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх тустаах тэрилтэлэр бэрэбиэркэ ыыттылар.

МАРХА ОРОЙУОНА

2019 сылга оҥоһуллубут Марха оройуонугар «Монтаж Сервис» тэрилтэ оҥорбут хапытаалынай өрөмүөнүн көрдүлэр-иһиттилэр. Ол курдук улахан үлэ Газовиктар, Школьная, Эксперементальнай уонна Яков Петерс уулуссаларга тустаах өрөмүөн ыытыллыбыт. Газовиктар уонна Школьная уулуссалар үлэлэрэ көһө сылдьар эбийиэктэринэн буолаллар. Ол эбэтэр 2019 сылтан саҕалаан, 2024 сылга диэри оҥоһуллуоҕа. Ааспыт сылга бэдэрээтчик суолга саҥа аспаал бүрүөһүнүн уурбута. Билилигин «Техсервис» тэрилтэ итэҕэстэри туоратыыга үлэлиир.

«Тустаах тэрилтэлэр ыйыллыбыт болдьоххо мэктиэлиир эбээһинэстэринэн бүтэрбэтэхтэринэ, үп-харчы өттүнэн ирдиир үлэни ыытар санаалаахпыт»,  –  диэн«Главстрой» салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрдэ.

От ыйын 15 күнүгэр диэри Газовиктар уонна Школьная уулуссаларга уу ааһар носуостарын туруоруохтара уонна суол бордюрдарын бөҕөргөтүөхтэрэ.

Эриэйдэ кэмигэр Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Евгений Григорьев эбийиэктэргэ  оҥоһуллар үлэ хаачыстыбатын туһунан кэккэ бэлиэтээһиннэри бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэригэр эттэ. Салгыы Мархинка үрэҕи туоруур муоста тутуутун бэрэбиэркэлээтилэр. Манна билиҥҥи туругунан ууну аһардар лотуоктары уонна хаачыстыбата суохтук ууруллубут бетон плиткаларын уларыталлар.  Санатан эттэххэ, ааспыт сылга бу эбийиэк ыйыллыбыт болдьоҕуттан лаппа хаалыылаах этэ. Бырайыак быһыытынан муоста икки балаһалаах уонна тротуардаах, тимир-бетон бүрүөһүннээх.

Дьон сылдьар суолугар бетон уураллар, кырааскалыыллар, тупсаҕай уонна хаачыстыбалаах гына оҥороллор. Билигин суол бэлиэтин туруораллара уонна тупсаран оҥоруу үлэлэрэ хаалбыттар. Этэҥҥэ буоллаҕына, аны икки нэдиэлэнэн эбийиэк түмүктэнэрэ күүтүллэр.

ПИЛОТОВ УУЛУССА

Дьокуускай куораппыт саамай сырыылаах уонна кыһалҕалаах суолларыттан биирдэстэрэ. Үксүн улахан массыыналар бу суолунан сылдьаллар. Ол иһин  туруга, хаачыстыбата сылтан сыл мөлтөөн иһэр.

Былырыын манна СУ-5 «Дорисс» ПАУо үлэлээбитэ. Бэдэрээтчик иһитиннэриитинэн, Пилотов уулуссатыгар икки суол биригээдэтэ уу ааһар систиэмэтин оҥорууга, бортовой таастары туруорууга уонна бетон лотуоктары элбэтиигэ үлэлиир.  Маны таһынан дьон сылдьар тротуардарын бөҕөргөтөн, тупсаран биэриэхтэрэ.

Бэрэбиэркэ кэмигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы норуодунай фронт актыбыыстара бордюр таастарын туруорууга итэҕэстэри бэлиэтээтилэр. Асфальт уонна бетон бүрүөһүнүгэр бордюр 20-тэн тахса см уһуннаах оҥоһуллубут. Манна «Главстрой»  тэрилтэ суолу тутууга дириэктэри солбуйааччыта Афанасий Александров ону уларытан ууруохпут уонна бетонунан бүрүйүөхпүт диэн хоруйдаата.

ЛАРИОНОВ УОННА  СУОРУН ОМОЛЛООН УУЛУССАЛАРА

Киин куораппытыгар 202-с уонна 203-с оройуоннарыгар олох күөстүү оргуйар. Нэһилиэнньэ Өлүөнэ эбэ кытыытыгар сытар кыбаарталга тардыһа сытар. Манна аҕыйах сыллааҕыта суол туругун хаачыстыбата мөлтөх этэ. Барыта кумах, кир-хох.

Айдааннаах уонна эридьиэстээх Ларионов, Суорун Омоллоон уулуссаларыгар «Сахатрансстрой» тэрилтэ ылсан үлэлии сылдьар. Тустаах хамыыһыйа бу эргин элбэх итэҕэс баарын бэлиэтээн турар. Билигин тротуардар плиткалара табыгаһа уонна хаачыстыбата суохтук ууруллубуттарын хаттаан бөҕөргөтөллөр.

«Бу эбийиэктэргэ кыһалҕалары туоратар үлэ бэрт эрэйинэн толоруллар. Биһиги көрүүбүтүнэн, бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр өттүлэриттэн эбээһинэһи толоруу  20% толоруллар. Биһиги бу сезоҥҥа суол үлэтин эппиэттинэстээх дьонтон ирдиэхпитин наада», –  диэтэ «Лена» тэрилтэ былаанныыр-техническэй отделын кылаабынай исписэлииһэ Александр Скрипчук.

ГУБИН УОННА ЧИРЯЕВ УУЛУССАЛАРА

Бу уулуссалар оҥоһуллубатахтара олус ыраатта. Хас саас ахсын, хаар уута ууллан, уунан көрөн турааччы. Чуолаан Губин уонна Федор Попов уулуссаларыгар турар дьиэлэр быыстара барыта кумах, киһи сатаан сатыы хаампат дьаабыта. Биир күүстээх ардах тоҕо кэлэн түстэҕинэ, суол аатыттан ааһар.

Хата, нэһилиэнньэ дьолугар, быйылгыттан Губин уонна Федор Попов быһа охсуһууларын өрөмүөннээн саҕалаатылар. Бэдэрээтчигинэн «СельДорСтрой” ХЭТ буолар. Үлэ сүрүннээн Федор Попов уулуссатыттан Чиряев уулуссатыгар диэри 1,122 км тиийэ оҥоһуллуоҕа.

БЕСТУЖЕВ-МАРЛИНСКАЙ УУЛУССАТА

Паромтан түһээт, улуус дьоно куоракка кэллибит диэн, бу уулуссанан аартыктанан, дьоллоох Дьокуускайга киирэллэр. Хомойуох иһин, суолбут туруга быстар мөлтөх.

Быйыл «Альянс Строй 2007» тэрилтэ үлэни ыытар. Билигин суол бордюрун уонна асфальт уура сылдьаллар. Маны таһынан сибээс ситимин уларытыахтара, тротуардары тупсарыахтара уонна көҕөрдүү үлэтин былаанныыллар.

Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара

Санатан эттэххэ, былырыын Дьокуускай куорат «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола» национальнай бырайыакка аан бастакытын кыттыбыта. Бу бырайыак 2019-2024 сылларга диэри үлэлиэхтээх.  Олоххо киириэҕиттэн биэс сыл иһигэр, ол эбэтэр 2019 сылтан 2024 сылга диэри 204,5 км суол тутуллуоҕа, онтон 85%-на – Дьокуускай куорат суолларын тупсарыыга.

2020 сылга национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куоракка 28 эбийиэги тутуу уонна тупсаран оҥоруу 23,5 биэрэстэ усталаах суол ситимин тутуу ыытыллар. 14 эбийиэк – куорат аттынааҕы  сэлиэнньэлэр уулуссалара. Бэлиэтээн эттэххэ, 2020 сылга суол тутуутун ороскуотун уопсай кээмэйэ 1,5 млрд солк. тэҥнэһэр.

НЭҺИЛИЭННЬЭ САНААТА

Алексей Иванов:

Мин бэйэм таксиспын. Дьокуускай куорат атын куораттардааҕар сайдыыта бытаан. Чуолаан суолбут оҥоһуута кыаллыбат. Бачча баай сиргэ-уокка олоробут да, киин уулуссаларбыт туруктара олох мөлтөх. Тимир көлөм илин муоһун куруук 202-с микрооройуон аартыгар алдьатабын. Ол кэннэ массыына өрөмүөннүүр сервискэ барабын, эмиэ харчы бөҕөнү кутабын. Сайыммыт саҕаланыаҕыттан номнуо иккиспин оҥортордум.

Марина Строева:

– Уу! Суол диэ… Хаһан тупсар үһүнүй? Саатар киин уулуссалар дьаамалара оҥоһуллубат дии. Бэйэм Жорницкай уулуссаҕа олоробун. Бу оройуоҥҥа дьэ, киһилии суол тутуллунна диэбитим да, быйыл эмиэ алдьанан эрэр. Уопсайынан, биһиги суолбут хаһан тупсуо үһүнүй!!! Аны туран, Петр Алексеев уонна Лермонтов уулуссаларын быһа охсуһуулара сабыллан турар буолан, дьон кыһалҕаттан кып-кыараҕас КПД дьиэлэр быыстарынан айанныыллар,суол быһылаана бөҕө тахсар. Маны тоҕо хонтуруолга ылбаккытый?!

Василий Борисов:

Мин массыынам суох эрээри, бэлисипиэттээхпин. Тротуарынан сылдьа сатыыбын да, плиткалара барыта оллур-боллур тахсан хаалбыттар. Уопсайынан, табыгаһа суох! Суолга тэбиэхпин массыналар үнтү көтөөрү гыналлар. Эчи, саатар кыараҕаһа диибин диэн!

Быйылгы былаан ыйыллыбыт болдьоҕор барыта оҥоһуллуо, суолларбыт туруктара тубустар ханнык диэн эрэнэ хаалабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...