Суол — тыын кыһалҕа
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2019-2024 сылларга Дьокуускайга уопсайа 204,5 км суол оҥоһуллуохтаах. Ол түмүгэр киин куорат суолун 85 бырыһыана ирдэбилгэ хоруйдуур турукка тиийиэхтээх.
Сэтинньи 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куорат Окружной шоссетын суолун хапытаалынай өрөмүөн кэннэ үөрүүлээхтик арыйдылар.
“Окружной шоссе суола кэҥиирин, тупсарын элбэх сыл күүттүбүт. Саҥа оҥоһуллубут эбийиэк бары ирдэбилгэ хоруйдуур. Инфраструктура, таһым өттүнэн хаачыстыбалаах суоллартан биир бастыҥнара буолла. Сатыы дьон суола эмиэ оҥоһуллан, куттал суоһаабат”, - диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан тупсаҕай уонна хаачыстыбалаах суолу оҥоруу өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн тосхоло буоларын бэлиэтээтэ. “Бу хайысхаҕа үлэ салгыы барыаҕа. Окружной шоссе үлэҕэ киириэҕиттэн, куораппыт киин уулуссаларынан улахан кыамталаах массыыналар айанныыллара тохтуо, онон кыһалҕа да намтыа. Биллэн турар, куораппыт суолларын ноҕуруускалара биллэрдик аччыыра күүтүллэр», - диэтэ кини.
Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүү кэмигэр Жорницкай уулуссатыттан Бүлүүлүүр суолга диэри саҥа асфальтобетон бүрүөһүн ууруллубутун, суолу бөҕөргөппүттэрин, бэлисипиэт суола оҥоһуллубутун кэпсээтэ. “Суол хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут. Билигин быйылгы кыстыгы хайдах ааһарын кэтээн көрүөхпүт. Итэҕэстэр баар буоллахтарына, мэктиэлээх эбэһээтэлистибэлэри толоруу чэрчитинэн туоратыллыахтара”, - диэн иһитиннэрдэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Быйылгы үлэ түмүктэннэ
Айсен Николаев уонна Евгений Григорьев суруналыыстарга кытта көрсүһүүлэригэр суол үлэтин-хамнаһан туһунан сиһилии кэпсээтилэр. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн киин куоракка 2021 сылга 48,2 км усталаах суолу өрөмүөннээбиттэр, саҥардан оҥоруу уонна тутуу үлэлэрин түмүктээбиттэр.
«Главстрой» куорат тэрилтэтэ иһитиннэриитинэн, 36 эбийиэккэ асфальтобетон сабыытын сүрүн үлэлэрэ түмүктэммиттэр, ону таһынан сатыы дьон сылдьар сирэ, суол бэлиэлэрэ, уу ааһар систиэмэлэрэ, суол кэрчигин кээмэйин оҥоруу үлэлэрэ түмүктэммиттэр.
Окружной шоссе түөрт балаһаланна!
Саҥа суол түөрт балаһалаах, биир балаһата 3 м 75 см кэтиттээх. Хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн 3,25 м кэтиттээх бэлисипиэт суолун оҥорбуттар уонна 1,25 м кэтиттээх сатыы сылдьар суолу туппуттар. Тротуар уонна бэлисипиэт суолун кытта холбоон суол уопсай иэнэ 17 663 кв/м буолар. Хантараак быһыытынан өрөмүөн үлэтин сыаната 832 мөл. солк. буолбут, онтон күн бүгүн 700 мөл. солк. кэриҥэ төлөммүт.
Жорницкай уулуссатыгар сэтинньи 15 күнүгэр диэри суол бэлиэлэрин, суол дьапталҕатын сөргүттүлэр уонна уот линиятын тардыы үлэтэ ыытыллыбыт. Бу эбийиэк хапытаалынай өрөмүөнүн бэдэрээтчитинэн «Дорстрой» ХЭТ буолар. Жорницкай уулуссатыттан Бүлүүлүүр суолга диэри учаастак хапытаалынай өрөмүөнэ 2020 сылтан ыытыллан, быйыл дьэ түмүктэннэ.
2021 сылга ханнык бэдэрээтчиттэр үлэлээтилэр?
Быйыл куорат 36 уулуссатын нуормаҕа киллэриинэн 8 бэдэрээтчит дьарыктаммыт – «Автодор» РИК АУо, «Инвестдорстрой» ХЭТ, «Дорстрой» ХЭТ, «Дорисс» ПАО, «Сэттэ» ХЭТ, «Сельдорстрой» ХЭТ, «Туймаада» ХЭТ, «Альянс 2007» ХЭТ.
Көһө сылдьар эбийиэктэр
Аҕыс учаастак 2022 уонна 2023 сылларга үлэҕэ киириэхтээхтэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Эһиил Ленин проспегын хапыталыынай өрөмүөнэ, Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастакка, Пирогов уулуссатыттан Петр Алексеев, Жорницкай уулуссаларыгар диэри учаастакка, Ильменскай уулусса Чайковскай уулуссатыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри өрөмүөннэниэ, Федор Попов уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар, Федор Попов уулуссатыттан Богдан Чижик уулуссатыгар диэри учаастакка хапытаалынай өрөмүөн салгыы барыаҕа.
2022 сылга бу эбийиэктэргэ асфальт бүрүөһүнэ, тротуардары, сырдатар уот линияларын туруоруу, суоллары бөҕөргөтүү, көҕөрдүү былааннанар.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат 2019 сылтан “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыакка кыттар. Үс сыл иһигэр куорат суолун агломерацията 100-тэн тахса км тириэрдилиннэ.
2022 сылга ханнык уулуссалары өрөмүөннүүллэр?
Эһиил национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн Дьокуускайга уопсайа 34 км кэриҥэ усталаах суолу өрөмүөннүөхтэрэ. «Быйыл 49 км усталаах суол оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэ суоллары өрөмүөннүүр управлениетын иитинэн киин куоракка 12 км усталаах суол өрөмүөннэннэ. Ол курдук, биир кылгас сайын иһигэр уопсайа 61 км кэриҥэ суолу өрөмүөннээтибит. Дьокуускайга бу туох да холооно суох сыыппаралар», - диэн Евгений Григорьев иһитиннэрдэ.
Ытыктабыллаах киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара!
Дьокуускай куорат дьаһалтата Жорницкай уулуссатыттан Бүлүүлүүр суолга диэри учаастакка 6 №- дээх автобус сырыытын сөргүтэр туһунан иһитиннэрэр.
Куорат олохтоохторун уонна киин куорат ыалдьыттарын түргэн тэтимнээх айантан туттунаргытыгар уонна суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт.
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ