16.10.2020 | 13:38

СУОЛ – ТЫЫН БОППУРУОС

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак  олоххо киирэн, Дьокуускайбыт суоллара лаппа тупсан эрэллэр. Быйыл атырдьах ыйыттан олохтоох дьаһалтаҕа суол-иис салаатыгар саҥа салайааччы анаммыта. Бу күннэргэ киин куорат дьаһалтата аспаал ууруута кэмигэр оҥоһуллан бүппүтүн иһитиннэрдэ. Урукку сылларга хаар түспүтүн кэннэ аспаал тэлгэнэр буолара.

ЫСПАРААПКА:

Николай Николаевич Старостин. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын 2007 с.бүтэрбит, идэтинэн автомобильнай уонна аэродромнар суолларын инженерэ. Араас дуоһунастарга тутуу тэрилтэлэригэр үлэлээбит баай уопуттаах. Олохтоох дьаһалтаҕа киириэн иннинэ «Сунтар-автодор” ХЭТ сүрүн инженеринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит.

Биһиги куораппытыгар суол-иис бу сыллар тухары саамай тыын боппуруос буолар. Дьокуускайбыт киин уулуссаларын быйыл хаһааҥҥытааҕар да эрдэ аспааллаан бүттүбүт. Ол курдук, быйыл уопсайа 23,56 км усталаах суол аспаала уурулунна, ол иһигэр 28уулусса. Былаантан хаалыы, болдьохтон хамсааһын диэн быйыл буолбата. Билиҥҥитэ бытархай үлэлэр оҥоһуллаллара хаалла.

“ГИМЕИН” ЭРГИИРЭ

Дьокуускай куоракка уопсайа аҕыс суол эргиирэ баар. Быйылгы сылга “Гимеин” уонна Петр Алексеев-Стадухин-Пирогов уулуссалар эргиирдэрэ былааҥҥа киирэн аспаал дьапталҕатын ууруута түмүктэннэ.

“Гимеин” эргииригэр Сэргэлээх шоссетын, Яков Потапов аатынан уулуссаны уонна Медицина национальнай киинин суолларын кэҥэттилэр. Бэдэрээтчигинэн «СеверДорСтрой” ХЭТ тэрилтэ үлэлээтэ. Бу күннэргэ нэһилиэнньэ хайдах айанныырын билбэккэ, араас хабааннаах видеолары социальнай ситимнэринэн тарҕаттылар. Николай Старостин иһитиннэрбитинэн, бу эргииргэ киһи мунаахсыйара туох даҕаны суох. Атын куораттарга маннык эргиирдэр хардыы аайы бааллара биллэр.

“Суол быраабылатынан киин диэкиттэн кэлэн иһэр суоппар, Птицефабрика оройуонугар айанныыр буоллаҕына, уҥа өттүгэр салайар уонна эргийэн Птицефабрика суолугар тахсар. Өскөтүн, суол быраабылатын тутуспакка эрэ, көнөтүк бара турдаххытына, ол аата утары хайысханан айанныыгыт. Суол быраабылата, хайа диэки айанныыргыт, салайаргыт  барыта бэлиэлэринэн ыйыллан турар. Дьон бастаан,үөрэммиттэринэн булкуллан, сыыһа айаннаабыттара.  Бэлиэлэринэн сирдэтинэн, сырыы барыта быраабыланансалайтарар буолуо диэн эрэнэбит”диир Николай Старостин.

Аны туран, оптуобустары тимир көлөлөөх дьон аһардыбаттар.

-Көлөлөөх дьоноптуобустары аһардыбаттара, түргэн баҕайытык көтүтэн ааһаллара олох табыллыбат. Гимеиҥҥэ билиҥҥитэ оптуобус тохтуур сирэ уларыйбакка турар, онон дьон сылдьарыгар табыгастаах усулуобуйа барыта баар. Хантараак болдьоҕо бу сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри.

Николай Николаевич этэринэн, бу эргииргэ сылаас оптуобус тохтобула оҥоһуллара күүтүллэр.  Билиҥҥитэ 2, 3, 5, 7, 8, 16, 17, 19, 20, 35, 41, 107 №-дээх оптуобустар “Гимеин” эргииринэн сырыыларын сөргүттүлэр.

-Бордюрдары уурталаатыгыт дуо?

-Бүгүҥҥү күн туругунан,50 кв.м бордюр ууруллара хаалла уонна суол быраабылатын сорох бэлиэлэрэ туруоруллуохтаах.

 ПЕТР АЛЕКСЕЕВ – СТАДУХИН - ПИРОГОВ ЭРГИИРЭ

-Бу эбийиэккэ бордюрдар аттыларыгар сатыы сылдьар дьон хаххата  турара хаалла. Стадухин уулуссата түөрт тардыылаах буолар. Билиҥҥитэ аспаалы ууруу үлэтэ 100% түмүктэннэ. Эргиирдэргэ светофор турбат! Тоҕо диэтэххэ түөртэн элбэх суол быһа охсуһар сирдэригэр светофор баар буоллаҕына, айаҥҥа харгыстары үөскэтэр. Петр Алексеев-Стадухин-Пирогов уулуссалар быһа охсуһууларын эргиирин сырдатыыта түмүктэннэ.

ДЬОКУУСКАЙГА АҔЫС ЭРГИИР

Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куоракка уопсайа аҕыс эргиир баар: Чернышевскай, Жорницкай, Дзержинскэй, ГИМЕИН, Стадухин-Пирогов уонна Пирогов-Жорницкай уулуссаларыгар, Бүлүү уонна Покровскай суолларыгар.

САҤА ТЕХНОЛОГИЯ

-Сахабыт сирэ ирбэт тоҥ үрдүгэр турар, саамай тымныы усулуобуйалаах сиргэ олоробут. Биһиги суолбутун хайдах даҕаны тупсарбыппытын иһин, тымныы мууһа аннынан олдьохтуу сытар. Кэлиҥҥи кэмҥэ суолбутун«ресайклинг” диэн технологиянан оҥоробут. Бу технология биһиги сирбитигэр билиҥҥи кэмҥэ сөптөөҕүнэн ааҕыллар.

Ресайклинг - суол урукку эргэ аспаалын илдьиритэн, ону саппаас чаас курдук туттан, саҥа матырыйаал эбэн сөргүтэн саҥаттан тэлгээһин. Манна аналлаах ресайклер диэн тиэхиньикэ суол үрдүн, үөһэ сытар дьапталҕатын бэйэтэ илдьиритэн, цемени эбэтэр битуму (эмульсия) кытта булкуйар. Саҥардыллыбыт аспаал тэҥнэнэр уонна быраабыланан сөп ыйааһыннаах катогунан кытаатыннарыллар.   Бу технология саамай үтүө өрүтэ –  ууну аһардыбат буолан, уһун үйэлээх. Оҥоһуута судургу, түргэн. Ол иһин сыаната даҕаны, үлэтэ даҕаны лаппа чэпчэки буолар.

ОПТУОБУСТАР ТУРУКТАРА

-Биһиги исписэлиистэрбит күн ахсын оптуобустар санитарнай туруктарын бэрэбиэркэлииллэр.

Бу боппуруоска манныгы бэлиэтиир тоҕоостоох: бастакытынан, биһиги оптуобустарбыт эргэлэр. Иккиһинэн, суоппарбыт ахсаана лаппа аҕыйах. Үсүһүнэн, дьон бэйэтэ ыраастык сыһыаннаһыахтаах. Төрдүһүнэн, нэһилиэнньэ бэйэтэ “оптуобустар бытааннар, кэлбэттэр” диэн үҥсүү суруктары киллэрэр.

Бу диэн эттэххэ, суоппардар бары ирдэнэрмиэрэни тутуһан сылдьаллар. Респиратор, медицина мааскатын бары кэтэллэр, хлорунан дезинфекция үлэтин ыыталлар. Түгэнинэн туһанан, Дьокуускай олохтоохторун уопсастыбаннай тырааныспарга бэйэҕит массыынаҕытыгар курдук сыһыаннаһаргытын ыҥырабын. Ыраастык тутта-хапта сылдьыҥ, бырайыас төлөөн айаннааҥ. Оҥоһуллар өҥө төлөнүөхтээх. Сорох-сорох дьон харчыбыт суох дииллэрэ эбэтэр букатын даҕаны куотан хаалар түгэннэрэ олус элбэх. Киһи атын киһи үлэтин сыаналыахтаах!

МААСКАЛААХ АЙАННААҤ

-Буола турар быһыыга-майгыга бары мааскалаах эрэ айанныыргыт эрэйиллэр. Мааската суох сылдьар дьон тустаах миэрэҕэ тардыллаллар. Бэйэ-бэйэҕититтэн социальнай тэйиччи тутуу быраабылатын умнумаҥ!

ЭҺИИЛГИТТЭН УЛАРЫЙЫЫ КҮҮТЭР

-Билигин оптуобустар бары бириэмэлэрин тутуһан айанныыллар. Киин уулуссаҕа сороҕор наһаа элбэх оптуобус биир бириэмэҕэ түбэһэн хаалар буолан, массыыналаах дьон туран хаалаллар. Оптуобус суоппара ыйыллыбыт бириэмэтин хайаан да тутуһуохтаах. Кэлэр сылтан барыларын наардаан, бириэмэлэрин хааччахтаан айаннатыахпыт. Анал систиэмэ үлэлиэҕэ. Ханна пробка баарын, харсыһыы тахсыбытын, оптуобустар биир тохтобулга мусталларын кэтиэхтэрэ. Оччоҕуна куораппытыгар суолга харыы тахсара аччыаҕа.

Ити курдук, быйылгы сыллааҕы былааннаммыт суол өрөмүөнүн быһаардыбыт. Чопчулаан эттэххэ, суоллар бары тутуһуллар нуормаҕа эппиэттииллэр. Айанньыттар, суолга сэрэхтээх буолуҥ! – диэн Николай Старостин кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....