Суол сабыллар, үлэ салҕанар
Аныгыскы нэдиэлэҕэ Ленин проспегын учаастага (Орджоникидзе болуоссатыттан Курашов уулуссатыгар диэри) сабыллара былааннанар. Бу Ленин проспегын саҥардан тутуу чэрчитинэн ыытылларын туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
“Билигин уопсастыбаннай тырааныспар сылдьар схемата, массыыналар проспегы кытта сэргэстэһэ сытар уулуссаларынан ааһар маршруттара оҥоһуллар уонна бигэргэтиллэр. Нэһилиэнньэҕэ сиһилии иһитиннэриини биллэриэхпит”, – диэтэ тырааныспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов.
Маны сэргэ, олунньу 15 күнүттэн Чернышевскай уулуссатын учаастага (Гастелло уулуссатыттан Лиза Чайкина уулуссатыгар диэри) сабыллыаҕа. “Водоканал” акционернай уопсастыба куорат 3 №-дээх канализационнай коллекторын тутар үлэни ыытыаҕа.
“Массыыналар тумнан сылдьар схемаларын, уопсастыбаннай тырааныспар сырыытыгар уларыйыылары оҥордубут. Бигэргэтилиннэҕинэ, эбии иһитиннэриэхпит”, – диэтэ Амбросов.