20.10.2022 | 16:00

Суол өрөмүөнэ түмүктэнэрэ уонча хонук хаалла

Суол өрөмүөнэ түмүктэнэрэ уонча хонук хаалла
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уулуссалары аспааллааһын алтынньы 31 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Тиэргэннэр өрөмүөннэрэ «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан барар. Бэдэрээтчит тэрилтэлэр бу күннэргэ тэтимнээхтик үлэлииллэр.

Быйылгы үлэ кээмэйэ сөҕүмэр далааһыннаах, итини, арай, 20 футбол хонуутун аспааллаабыкка холуохха сөп. Манна 75 устуука тиэргэн, уопсайа 34 км 615 м уһуннаах 28 суол, итиэннэ 2 суол – эһиилги сылга көһөр эбийиэктэр киирэллэр.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

– Бүгүҥҥү күҥҥэ киин куоракка 19 тиэргэни тупсаран оҥоруу түмүктэннэ. Муниципальнай хантыраак быһыытынан, алтынньы 31 күнүгэр диэри 75 тиэргэҥҥэ үлэ барыта түмүктэниэхтээх. Ити болдьоххо диэри аспааллааһын эрэ буолбакка, дьоҕус архитектурнай пуормалары таҥыы (ыскамыайкалары, оҕо уонна спорт балаһааккаларын, күрүөлэри) уонна тупсаран оҥоруу барыта бүтүөхтээх.

Киин куорат нэһилиэнньэтэ, биллэн турар, долгуйар, тоҕо тымныы кэмҥэ суолу оҥороҕут диэн элбэх ыйытыы киирэр. Ол эрэн манна тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, үлэ нормативка олоҕуран ыытыллар. Билигин аспаалы уурары харгыстыыр улахан тымныы түһэ илик. Үлэҕэ туһанар технологиябыт барыта нормативка сөп түбэһэр. Росавтодор этэринэн, аспаалы  -10 кыраадыс тымныыга диэри ууруохха сөп. Онон сиэттэрэн үлэлиибит.

Алтынньы 16 күнүнээҕи туругунан, былааннаммыт 28 эбийиэктэн (34,588 км) аспаал-бетон бүрүөһүннээх суолга – 29,265 км (84,6%), булкаас бүрүөһүннээх эбийиэккэ – 5,323 км (15,4%) үөһээҥҥи дьапталҕаны ууруу уопсайа 32,165 км оҥоһулунна, ити сыллааҕы былаантан 93,0%.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

Барытын пууннарга арааран, наардаан кэпсээтэххэ, хартыына маннык буолар:

1. Аспаал-бетон бүрүөһүннээх суол үөһээҥҥи дьапталҕатын ууруу 100% (29,265 км) түмүктэннэ;

2. Булкаас бүрүөһүннээх (хайыр таас уонна кумах) эбийиэккэ тутар-таҥар үлэни оҥоруу иэнэ – 5,323 км: Хатас сэлиэнньэтин элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар чугаһыыр суолу тутуу бэлэмэ – 92%. Былааннаммыт 5,323 км иэнтэн 2,900 км (54,5%) суол таҥаһа оҥоһулунна;

3. Суол дьапталҕата 100,0% оҥоһулунна (21,986 км уһуннаах 14 эбийиэк);

4. Сыста турар, суолтан түһэр сирдэр уонна парковка балаһааккалара 96,7% оҥоһулуннулар, үлэ 6 эбийиэккэ бара турар: Ильменскэй, Тимирязев, Яков Потапов, Очиченко уулуссаларыгар, Глухой переулокка, Щорс күөлүн кытыыта;

5. Тротуардары, бэлэсипиэт суолларын 90,2% оҥордубут, билигин үлэ 7 эбийиэккэ ыытыллар: Ильменскэй, Яков Потапов, Маяковскай, Очиченко, Птицевод уулуссаларыгар, Глухой переулокка уонна Щорс күөлүн кыйа барар уулуссаларга;

6. Сурааһыннары ойуулааһыны (горизонтальная разметка) 84,8% оҥордубут, 6 эбийиэккэ үлэ ыытыллар: Нагорнай, Ильменскэй, Яков Потапов, Уустаах Избеков уулуссаларыгар, Глухой переулокка уонна Щорс күөлүн кыйа барар уулуссаларга;

7. Уулусса сырдатыытын 78,0% оҥордубут, билигин 10 эбийиэккэ үлэ ыытыллар: Нагорнай, Ильменскэй, Тимирязев, Яков Потапов, Мархинскай, Птицевод, Уваровскай, Уустаах Избеков уулуссаларыгар, Глухой переулокка уонна Щорс күөлүн устун барар уулуссаларга.

Ыйыллыбыт итэҕэстэри туоратыы, уот ситимигэр холбооһун 9 эбийиэккэ оҥоһуллар: Пирогов, Труд, Каландаришвили (Табаҕа), Билибин, Маяковскай, Очиченко, Ленин, Октябрьскай (Хатас), Мерзлотнай уулуссаларга;

8. Булкаас тииптээх бүрүөһүннээх суолларга эбии индикатордар – 1,658 км уһуннаах 5 эбийиэк. Итиннэ олоҕуран ыытыллыбыт тэрээһиннэр: Хатас сэлиэнньэтигэр баар эбийиэктэр уһуннара чопчуланна (Совхознай уулусса – 485,7 м, Молодежнай – 365,7 м, Федоров уулуссата – 304,0 м, Шараборин уулуссата – 202,0 м, Панаев уулуссата – 300 м); итэҕэһи туоратар биэдэмэс оҥоһулунна, симиэтэни ааҕыы төһө сөптөөҕө чуолкайданна (ИП Михайлов 18-ЭММЗ-2022(Д). Эбии индикатордардаах чуолкайдаммыт сыллааҕы былаан 36,246 км тэҥнэһэр, итинтэн аспаал-бетон бүрүөһүннээх эбийиэк уһуна – 29,265 км (80,7%), булкаас тииптээх – 6,981 км (эбии 1,658 км) (19,3%).

Билигин тутар-таҥар үлэ Совхознай уулуссаҕа ыытыллар, суол олоҕун буора кутуллар. Тутуу бэлэмэ – 20%;

9. Түмүктэммит эбийиэктэр:

Үлэ 4 эбийиэккэ түмүктэннэ: Авиатордар уулуссалара, Кардиологическай диспансерга чугаһыыр суол, Федор Попов уулуссата, Энергетиктэр переулоктара;

10. Түмүк аакталарын бэлэмнээһин, итэҕэстэри туоратыы, эбийиэктэри Үлэни тутар хамыыһыйаҕа көрдөрөргө бэлэмнээһин:

Түмүк аакталарын бэлэмнээһин 12 эбийиэккэ ыытыллар: Пирогов, Труд, Каландаришвили уулуссаларыгар, Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга, Каландаришвили уулуссатыгар (Табаҕа), Центральнай, Билибин, Ленин, Уваровскай, Октябрьскай уулуссаларга (Хатас), итини сэргэ Мерзлотнай, Три сосны уулуссаларга.

Түмүктээн эттэххэ, сэтинньи ыйга, былаан быһыытынан, булкаас тииптээх бүрүөһүннээх эбийиэктэргэ суол таҥаһын үрдүкү дьапталҕатын ууруу 36,246 км тэҥнэһиэҕэ (эбии индикатордары учуоттаан туран) эбэтэр 2022 сыллааҕы былаан 100,0% туолуоҕа.

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэриитинэн, алтынньы 16 күнүнээҕи туругунан, Пирогов уулуссатыгар сатыы дьон суолун хааччахтааһын, 10 м уһуннаах ууну сүүрдэр лотуок оҥоһуллубут. Алтынньы 20 күнүгэр итиннэ ыраастыыр ыстаансыйа туруохтаах, онно эбии лотуоктары оҥоруохтаахтар. Суол күрүөтүн тутар-таҥар үлэ алтынньы 24-25 күннэригэр түмүктэниэхтээх.

Яков Потапов уулуссатыгар 2989 кв. м аспааллыыр хаалбыт – ити  2 парковка, 5 суолтан түһэр сир уонна тротуардар. Маны тэҥэ ууну ыытар лотуоктары оҥороллор, уопсайа 40 м турбаны уонна 10 м лотуогу ууруу хаалбыт. Шевченко уулуссатыттан Гимеин кольцевой суолугар диэри учаастак аҥаарыгар суол бэлиэлэрин оҥорбуттар. Матырыйаал бэлэмнэнэр кэмигэр аспаал үлэтэ күөстүү оргуйар, уулусса сырдатыыгар 21 тирээбил, 17 светильник туруоруллубут.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

Маяковскай уулуссатын тротуарын тэлгииргэ бэлэмниибит,  140 м2 кэриҥэ бэлэм буолла, уу лотуоктарын уһаттыбыт, итини сэргэ суол бэлиэлэрин, сырдатыы тирээбиллэрин уонна светильниктары туруорабыт. Кэккэ сыыһалар бааллар, ону бу нэдиэлэҕэ туоратыахтара.

Нагорнай уулусса суолун бүрүөһүнүн бүтэрдибит, бордюрга ыйыллыбыт сыыһалары туората сылдьаллар, итиэннэ суол кытыытынан хааччахтары туруораллар.

Ильменскэй уулуссаҕа тротуары тэлгииргэ 330 м2 иэннээх сири бэлэмнээтибит; суолтан түһэр сирдэр уонна парковкалар – 4631 м2 (бу түүн 90% бэлэм буолуохтаах); массыына сылдьар суола  – 100 % бэлэм, биир оптуобус «хармаана» уонна Билибин уулуссатын кытта быһа охсуһуу аттыгар биир балаһа хаалла.

Глухой переулок: алтынньы 16 күнүгэр компенсаторга баалка туруордубут, 6 кВ кыамталаах хаабылы тартыбыт, 60 м усталаах тротуары аспааллаатыбыт.

Хаһыат матырыйаала бэлэмнэнэ сырыттаҕына, «Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, Пирогов уулуссатыгар Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкайга диэри учаастакка тырааныспар сырыыта алтынньы 18 күнүттэн көҥүллэннэ.

Манна, хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн, икки дьапталҕа аспаал-бетон бүрүөһүн уурулунна, тротуардар, бэлэсипиэт суоллара оҥоһулунна, оптуобус павильоннара, суол бэлиэлэрэ туруорулуннулар, аспаалга суол бэлиэлэрин – сурааһыннары тартылар. 

«Алтынньы 17 күнүнээҕи туругунан, уулусса уотун холбооһун үлэтэ ыытыллар. Алтынньы 18 күнүттэн суол аһыллар, ол эрээри сатыы дьон сылдьар сиригэр хааччахтааһын туруоруллуоҕа, уу лотуоктара итиэннэ ыраастыыр ыстаансыйалар оҥоһуллуохтара», - диэтилэр «Главстрой» МХТ-гар.

Пирогов уулуссатыгар Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкайга диэри учаастак хапытаалынай өрөмүөнэ эмиэ  «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Өрөмүөннэммит уулусса-суол ситимин уһуна – 368 м. Бэдэрээтчит – «Сахатрасстрой» ХЭТ.

«Главстрой» МХТ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров иһитиннэриитинэн, Ильменскэй уулуссаны аспааллааһын алтынньы 25 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...