Суол өрөмүөнэ күннэри-түүннэри салҕанар
Дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар суол тутуутугар саҥа соруктары туруорбута. Ол курдук, 2023-2027 сылларга биэс сыллаах былаан оҥоһуллуохтаах. Ол түмүгэр дойдубут суолларын 85 бырыһыана тупсарыллыахтаах. Маныаха саҥа технологиялары, учуонайдарбыт саҥа айымньыларын, ураты ньымалары туһаныы былааннанар. Суолу кытта балысхан сайдыы кэлиэхтээх – туох баар инфраструктура барыта саҥаттан тардыллыахтаах.
Оттон “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак Арассыыйа 84 регионугар үлэлиир.
Бу бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга 85 суол өрөмүөннэннэ уонна оҥоһулунна, тротуардар, газоннар тутулуннулар. Бырайыагы олоххо киллэриигэ 2022 сылга 2,2 млрд солк. көрүлүннэ. Онон быйыл 28 саҥа уонна 2 ааспыт сыллартан хаалбыт эбийиэк оҥоһуллар. Бу эбийиэктэр уопсай усталара 34 км 615 м тэҥнэһэр. Эһиил “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” бырайыагынан киин куоракка 34.16 км усталаах 31 суол оҥоһуллуоҕа.
2022 сылга ыытыллыахтаах суол өрөмүөнүн, саҥардан оҥоруу, тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн былааныгар Ленин проспегын, Каландаришвили, Федор Попов, Поярков, Ильменскэй уонна Щорс күөлүн таһынааҕы улахан ноҕуруускалаах куорат суоллара бааллар.
Үлэ тэтимирэр
Суол үлэлэрин сүрүн сакаасчытынан “Главстрой” Муниципальнай казеннай тэрилтэ буолар. Тэрилтэ салалтата иһитиннэрбитинэн, суолу тутааччылар атырдьах ыйыгар куоракка Каландаришвили, Авиатордар, Билибин уулуссаларын, Пригороднайга Центральнай уулуссаны, Хатаска Октябрьскай уонна Ленин уулуссаларын, Табаҕа суолларын түмүктээн үктэннилэр. Ону кытта суол бары үлэтэ Авиатордар уулуссаларыгар түмүктэннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, суол өрөмүөнүгэр аспаал бүрүөһүнэ эрэ уларыйбат, туох баар уу, уот ситимэ, тротуар, бордюр уо.д.а. барыта саҥардыллар.
Бу күннэргэ Труд, Очиченко, Хатаска Ленин уул., Өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай интэринээт-оскуола таһынааҕы суолга, Кардиология киинин таһынан Мерзлотнай уулуссаҕа аспаал ууруллар.
10 эбийиэккэ аспаалы тэлгииргэ суол аллараа дьапталҕата бэлэмнэнэр: Нагорнай, Каландаришвили уул. Ойуунускайтан Лермонтовка диэри учаастага, Ильменскай, Пирогов, Маяковскай, Три сосны, Птицевод, Уваровскай уулуссалара уонна Хатаска Октябрьскай уонна Мархаҕа Мархинская уулуссаларга.
Бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар: Глухой, Энергетиктэр переулоктарыгар, Яков Потапов, Мерзлотнай, Федор Попов, Тимирязев уулуссаларыгар, Хатаска элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирии суолларга.
Суол бэлиэлэрин, хаххаларын туруоруу уонна сурааһыннарын оҥоруу киин куоракка Билибин, Табаҕаҕа Каландаришвили уул., Пригороднайга Центральнай уул. ыытыллар.
Күһүн түмүктэнэллэр
Атырдьах ыйын бүтүүтэ түмүктэнэр суоллар: Федор Попов, Три сосны уулуссалар, Энергетиктэр переулоктара, Коррекционнай оскуола-интэринээт суола, Табаҕаҕа Каландаришвили уул., Хатаска Ленин, Уваровскай, Октябрьскай уулуссалар, Кардиология киинигэр тиийэр Мерзлотнай уулуссаҕа.
Балаҕан ыйыгар Щорс күөлүн таһынааҕы суол, Нагорнай, Труд, Билибин, Тимирязев, Мархинскай уулуссалар, Глухой переулок, Уустаах-Избеков, Мерзлотнай уулуссалар оҥоһуллан бүтүөхтэрэ.
Алтынньыга Ильменьскай, Пирогов, Каландаришвили, Яков Потапов, Маяковскай, Очиченко, Хатаска элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирэр суоллар, Птицевод уулусса түмүктүөхтэрэ.
Дьокуускай суолларын оҥорууга бэдэрээтчиттэринэн «РИК Автодор» АУо, «Сахатрасстрой» ХЭТ, «Дорстрой» ХЭТ, «Сэттэ» ДРСУ, «Альянс-2005» ХЭТ, «Дороги Саха» САУо буолаллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куорат суоллары тупсарар сыаллаах национальнай бырайыакка 2019 сыллаахтан кыттар.