Суол өрөмүөнүгэр хонтуруол күүһүрүөҕэ
Быйыл Дьокуускайга 23,5 км асфальт суол тэлгэниэхтээх. Ол туһунан баһылык Сардаана Авксентьева инстаграм страницатыгар суруйда.
“Суол тутуута, өрөмүөнэ барыта олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр, ол аата эһиги биһикки харчыбытыгар, ол иһин бэдэрээччиктэртэн үрдүк хаачыстыбалаах үлэни ирдиибит”, - диэн баһылык тоһоҕолоон суруйар.
Быйыл суол тутуутугар техничеескэй уонна уопсастыбаннай хонтуруол күүһүрүөҕэ. Суол тутуутун боппуруостарын быһаарсар мунньах хайдах буолан ааспытын, туох-ханнык кэпсэтии барбытын сиһилии бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп:
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



