Суол оҥоһуута салҕанар
Киин куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суоллары оҥоруу тэтимнээхтик барар. Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр, куорат суруналыыстара пресс-турга Пригороднайга уонна куорат уулуссаларыгар сылдьан суол тутуутун хаамыытын кытта билистибит.
Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһуллан үлэҕэ киириэхтээх – 49 км усталаах. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 17 км суол аспаалтааһына бүппүт.
Суоллары көрөр айаҥҥа СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Владимиров, «Главстрой» МКУ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров, «Автодор» РИК генеральнай дириэктэрэ Ариан Сидоров сырыттылар, ыытылла турар үлэ хаамыытын кытта билиһиннэрдилэр.
СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Владимиров иһитиннэрбитинэн, тутуу уонна капитальнай өрөмүөн былааныгар быйыл уулусса-суол ситимин 44 эбийиэгэ киирбит, итиннэ 2,2 млрд солк харчы көрүллүбүт. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, 32 эбийиэккэ 8 бэдэрээччик тэрилтэ үлэлиир. Сүрүн бэдэрээччиктэртэн биирдэстэрэ – Ариан Сидоров салайааччылаах «Автодор» РИК.
Ариан Сидоров эппитинэн, кинилэр билигин 5 учаастакка 12,5 км суолу аспааллаан бүтэрбиттэр. Кини үлэ графикка сөп түбэһэн баран иһэрин бэлиэтээтэ. «Автодор» РИК оҥорбут Пляжнай, Набережнай, Совхознай уулуссаларыгар сылдьан өрөмүөннэммит суол болотунатын көрдүбүт.
Пресс-тур туһунан сиһилии кэпсиир фоторепортаж “Киин куорат” хаһыат аныгыскы нүөмэригэр тахсыаҕа.