24.03.2021 | 09:40

Суол үлэтигэр 6 хантараак түһэрсилиннэ

Суол үлэтигэр 6 хантараак түһэрсилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта Тулагыга, Табаҕаҕа, Мархаҕа уонна Окружной шоссеҕа суол үлэтин ыытыахтаах бэдэрээтчиттэри кытта хантараак түһэристэ.

Ол курдук, Тулагыга киирэр суоллары уонна Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар “Альянс Строй 2007” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ үлэлиэҕэ. “Дорстрой” ХЭТ Окружной шоссеҕа хапытаалынай өрөмүөнү ыытыаҕа. “Дорисс” ПАУо Тулагыга Николаев уулуссатын, оттон “Инвестдорстрой” ХЭТ Халтурин уул. уонна Мархаҕа Советскай уулуссаны өрөмүөннүөхтэрэ. 

«Главстрой» тэрилтэ суол тутуутугар дириэктэри солбуйааччыта Афанасий Александров иһитиннэрбитинэн, быйылгы былааҥҥа киирбит 43 эбийиэктэн 776 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 6 хантараак (15 км кэриҥэ суол) түһэрсилиннэ. Үлэ салҕанар.

Быйылгы суол үлэтигэр бэлэмнэнии былырыын от ыйыттан саҕаламмыта. “Өрөмүөннэнэр, тутуу барар суол учаастактарыгар чинчийии үлэтэ ыытыллыбыта. Суол бэлиэлэрэ, суолу туоруур сирдэр уонна тротуардар туруктара сыаналаммыта. Онон куонкурус докумуоннара кэмигэр бэлэм буолбута”, – диэн кэпсээтэ Афанасий Александров.

Санатан аастахха, быйылгы суол тутуутун уонна өрөмүөнүн былааныгар 43 эбийиэк киирбитэ. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга суол ситимин сайыннарыыга 2, 2, миллиард солкуобай үп көрүллүбүтэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
Дьон | 09.03.2023 | 09:30
ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
  Бүгүн ааҕааччыларбар Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Константиновна Пермякова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. 42 сыл устата медицинаҕа үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, суоттулар биир мааны кийииттэрэ. Кини мин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим, 7 оҕоттон үһүс оҕо, Бэрииһэптэр бастакы күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыыстара....
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 09.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Үһүс чааһа.
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Дьон | 11.03.2023 | 10:00
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Бүгүн кэпсиир киһибит – Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин «Эрчим» эр дьон түмсүүтүн салайааччыта, сорсуннаах булчут, спортсмен, элбэх оҕолоох ыал аҕата Михаил Егорович Трофимов.
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 10.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Төрдүс чааһа.