Суол хаачыстыбата кытаанахтык хонтуруолланар
Дьокуускайга 2019 сылтан “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан суол бөҕөтө тутуллар, инникитин үтүмэн үлэ ыытыллара күүтүллэр.
Былырыын тутуллубут суолларбыт төһө өр туруохтарай? Үлэ хаачыстыбатын ким бэрэбиэркэлиирий?
Бу туһунан «Главстрой» тэрилтэ суол тутуутун отделын начальнигын солбуйааччыта Гаврил Иванович Кириллины кытта кэпсэттим.
— 2020 сыл түмүгүнэн Дьокуускайга хас уулусса толору ирдэбилгэ эппиэттиирий?
— 2020 сылга 42 эбийиэк үлэтэ былааннаммыта. Онтон 30 эбийиэк – 2020 сыл эбийиэктэрэ, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак пааспарын көрдөрүүтүнэн суол уһуна – 22,39 км, дьиҥ көрдөрүүнэн ыллахха, 23,558 км оҥоһулунна.
Былырыыҥҥы сылы ыллахха, 27 эбийиэккэ толорулунна уонна үлэҕэ киирдэ.
эбийиэк – 2019 с. хаалбыт эбийиэктэрэ буолаллар, бу мантан 8 эбийиэккэ үлэ толору түмүктэннэ, онтон хаалбыта 2021 сылга былааннаммыттара: Хатыҥ Үрэх шоссе капитальнай өрөмүөнэ, Автодорожнай уулусса өрөмүөнэ, Чайковскай, Красильников уулуссаларын капитальнай өрөмүөнэ.
— Аны туох үлэлэр оҥоһуллаллара хаалла?
— Хантараак быһыытынан тротуардары оҥоруу, уу ааһар турбаларын хаҥатыы.
— Сыл түмүгүнэн ханнык суолларга бэлиэтээһиннэр, сыыһалар баалларый?
— 2020 сыл ахсынньытыгар икки бэдэрээтчиккэ ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин толорботохторунан сибээстээн, муниципальнай хантараактары биир өттүнэн көтүрүү туһунан иһитиннэрии ыытыллыбыта: «АЛААС» тэрилтэҕэ (Петровскай уонна Орджоникидзе, Курашов уулуссалар өрөмүөннэрэ), «ТРАНССТРОЙСАХА» тэрилтэҕэ («Три Сосны» микрооройуоҥҥа киирии суол).
Билигин хантараактар көтүрүллэн тураллар, «АЛААС» тэрилтэ кыһамньыта суохтар реестрдэригэр киирдэ.
— Суол тутуутугар сыллата киһи бөҕөтө үлэлиир, тиэхиньикэ тохтоло суох тырылыыр да, суолбут тупсан кэлбитэ көстүбэт дии! Бу биричиинэтэ туохха сытарый?
— Куорат усулуобуйатыгар суоллары тутуу, өрөмүөннээһин сыһыарыылаах тэрилтэлэри, салаалары кытта элбэх ирдэбили, сомоҕолоһууну ирдиир. Биллэн турар, Саха сирин усулуобуйатыгар суолу тутуу ураты буоллаҕа:
- Ирбэт тоҥ. Тымныы температураттан сылаас температураҕа суол бүрүөһүнэ үллэр, алдьаныыга тиийэр. Маннык түбэлтэ тахсыбатын туһугар суол төрдүн-төбөтүн бигэтик чиҥэтэллэр, тустаах ньымалары тутталлар.
- Кылгас сайын. Суол тутуутугар үлэ үксэ сылаас температураҕа оҥоһуллуон сөп. Инньэ гынан, биһиги кылгас сайыммытыгар хас биирдии күн улахан суолталаах, ардаҕа суох күннэр былдьаһыктар.
- Дьокуускай турар сирэ. Бадарааннаах, элбэх уулаах, сииктээх сирдэр суол тутуутугар элбэх мэһэйи үөскэтэллэр.
- Суол оҥоһуутугар сөптөөх буор суох. Бу улахан кыһалҕаны үөскэтэр, билигин даҕаны куорат киинигэр сииктээх, бадарааннаах, оннооҕор болуоталар кытта бааллар.
— Суол хаачыстыбатын, туругун хайдах бэрэбиэркэлиигит?
— Кэлиҥҥи сылларга биһиэхэ суол тутуутугар тымныы уонна итии ресурсалары бигэтитии технологията туттуллар. Ол ресайклинг технологията диэн буолар. Онно бүтүн туох баар үлэ көрүҥэ барыта ыытыллар.
Суол урукку үрдүн халҕаһын матырыйаал, саппаас чаас курдук тутталлар. Манна аналлаах ресайклер диэн тиэхиньикэ суол үрдүн, үөһэ сытар дьапталҕатын бэйэтэ кыһыйан уонна хомуйан ылар. Ону үнтү мэһийэллэр уонна цемени эбэтэр битуму (эмульсия) кытта булкуйан, суолга кутаннар төттөрү аспаал курдук бүрүйэллэр.
Бу ньыма үлэ болдьоҕун түргэтэтэр, кылгас сайын усулуобуйатыгар тутуу тэрилтэлэрин оҥорон таһаарар кыамталарын лаппа улаатыннарар.
Тутуу хас биирдии түһүмэҕэр лабораторнай хонтуруол оҥоһуллар. “Главстрой” тэрилтэ оҥоһуллубут үлэни сөптөөхтүк сыаналыыр туһуттан Дьокуускай куорат суолларын ситимин эбийиэктэрин, ирдэбил быһыытынан лабораторнай чинчийиилэри оҥорор кииннэргэ куонкурус ыыппыта. Ол түмүгүнэн «ЯкутПНИИС» АУо Саха сиринээҕи производственнай научнай-инчийэр институтун кытта муниципальнай хантараак түһэрсиллибитэ.
Лабораторнай хонтуруол кэмигэр тустаах нормативтар ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн бэрэбиэркэлиир үлэ ыытыллар.
Лабораторнай хонтуруол – тутуу балаһааккатыгар баар тутуу матырыйаалларын, конструкцияларын, оҥоһуктарын, нормативнай- техническэй ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн быһаарар уонна бэрэбиэркэлиир комплекс.
Хонтуруол чэрчитинэн инерциялаах матырыйааллартан (кумахтан, үлтүркэй таастан, битумтан) сүүмэрдээһин ыытыллар, асфальтобетон булкадаһыга төһө сөп түбэһэрин бэрэбиэркэлииллэр, ону таһынан суол дьапталҕата, халыҥа, арҕаһа транспортнай-эксплуатационнай характеристикаларга хайдах дьайарын көрөллөр.
Кыра да сыыһаны-халтыны лаборатория нөҥүө билиэххэ, көрүөххэ сөп. Ол иһин хаачыстыбаҕа сабыдыаллыыр. Холобур, сабыы үлэтин оҥорон таһаарыы кэнниттэн төһө халыҥаабытын билээри, анал прибор көмөтүнэн (керноотборник) холобурдарын (образцы) ылабыт, матырыйаал састаабын бэрэбиэркэлиибит. Бу диэн эттэххэ, билиҥҥи үйэҕэ лабораторнай хонтуруола суох тутуллар, саҥардыллар, тупсарыллар суоллары сыаналыыр кыаллыбат.
Геометрическай параметрдарга барыларыгар инструментальнай хонтуруол оҥоһуллар. Холобура, ТАХИОМЕТР диэн ааттаах прибор көмөтүнэн сир үлэтин тутуутун, бетон конструкциятын, суол өрүтүн кытта быһаарыахха сөп. Ону таһынан сир үрдүгэр туочукалар координаталарын быһаарар, о.д.а.
— Бэрэбиэркэлээһиҥҥэ, эбийиэктэри тутууга уопсайа хас исписэлиис кыттар, сэрэйдэххэ, 1-2 эрэ киһи үлэни сыаналаабата буолуо.
— “Главстрой” исписэлиистэрэ геометрическай кээмэйдэри уонна лабораторнай боротокуолга олоҕуран операционнай хонтуруолу бэрэбиэркэлииллэр.
Национальнай бырайыак сөптөөхтүк толорулларын ситиһэр сыалтан, техническэй нуормалары тутуһууну уонна тутар-монтажтыыр үлэлэри толорууга эбии хонтуруолу, РФ суол тутуутун эйгэтигэр научнай- чинчийэр института «Росдорнии» исписэлиистэрэ кытталлар.
Ону таһынан «Росдорнии» Уһук Илин филиалын исписэлиистэрэ үлэ-хамнас хаачыстыбатын көрөллөр, мониторинг ыыталлар.
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр «Росавтодор» салайааччытын солбуйааччы Р. В. Новиков салайааччылаах национальнай бырайыак суолларыгар – Губин, Воинскай, Поярков, Курашов, Петр Алексеев ууллуссаларыгар комиссионнай инспекция ыытыллыбыта, манна кини эбийиэктэргэ үлэ хаачыстыбатын бэлиэтээбитэ.
Суолу сатаан туппаттар, сөптөөх бэрэбиэркэ ыыппаттар дииллэрэ олох сыыһа! Хас биирдии үлэһит, куорат олохтооҕо Дьокуускай суоллара тупсарыгар олус баҕарар. Ол эрээри, ирбэт тоҥ сиригэр олорорбутун сорох-сорохтор аахсыбаттара хомолтолоох.
— Күн сарсын биир эмэ саҥа суол быһыннын, алдьаннын... маннык түгэҥҥэ кимнээх буруйдаахтарый уонна кимнээх өрөмүөннүүллэр?
— Үлэ түмүктэммитин уонна эбийиэги (суолу) бигэргэтии кэнниттэн генеральнай бэдэрээтчит үлэни толоруу бырассыаһыгар олохтоммут гарантийнай эбэһээтэлистибэлэрэ бигэргэнэллэр. Холобур, суол бүрүөһүнэ алдьанар түбэлтэтигэр генеральнай бэдэрээтчит бэйэтин суотугар 5 сыл устата дьиэктэри туоратар, онтон сир болотуната 8 сыл гарантиялаах, суол олоҕор 6 сыл, дьапталҕатыгар эмиэ 5 сыл көрүллэр.
— Гаврил Иванович, кэпсээниҥ иһин махтанабын!
Санатан ааһар буоллахха, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» бырайыак чэрчитинэн 2021 сылга Дьокуускайга 48 килэмиэтир кэриҥэ суол өрөмүөннэнэрэ күүтүллэр. Уопсайа 2024 сылга диэри 204,5 килэмиэтир суол оҥоһуллуохтаах.