20.10.2021 | 10:00

Суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин чиэстээтилэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 19 күнүгэр Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатыгар суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин Күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Суол үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев, Дьокуускайдааҕы куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Евдокия Евсикова, Уокуруктааҕы дьаһалта структурнай салааларын үлэһиттэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар. 
Санатар буоллахха, 2021 сыл куорат суолун салаатыгар ураты сылынан буолла,  «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах» суоллар национальнай бырайыак чэрчитинэн куоракка 58 км уопсай уһуннаах суол тутуллар уонна өрөмүөннэнэр. 
Куорат баһылыга Евгений Григорьев суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр эҕэрдэ тылыгар суол тутуута куорат инфраструктуратын сайдыытыгар дьоһун суолталааҕын уонна суол үлэһиттэрэ күн ахсын киэҥ хабааннаах уонна уустук үлэҥи оҥороллорун бэлиэтээтэ. 
«Төһө да пандемиянан сибээстээн уустук усулуобуйа буолбутун иһин, суолу, тырааныспар инфраструктуратын эбийиэктэрин тутуу уонна өрөмүөннээһин биир да күҥҥэ тохтообото. Бары тэрилтэлэр,  «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах» суоллар национальнай бырайыак олоххо киирэр соругун ситиһээри, штатнай эрэсииминэн үлэлииллэр. Хас биирдии тутуллубут эбийиэк – бу эйгэ үлэһиттэрин күннээҕи түбүктэрин түмүгэ», – диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ. «Аҥардас быйылгы сылга куорат суолун үлэһиттэрэ 58 км суолу өрөмүөннүүллэр. Кэнники сылларга Дьокуускайга 100 км тахса суол өрөмүөннэннэ. Куорат уокуругун устуоруйатыгар маннык көрдөрүү кэнники уон сылга суоҕа. Инники өттүгэр эмиэ маннык улахан кэриҥнээх үлэ күүтэр», – диэтэ  Владимир Сивцев.
Миниистир «Суол хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ» түөскэ анньынар бэлиэни суол хаһаайыстыбатын эйгэтигэр өҥөтүн иһин «Главстрой» МХТ дириэктэригэр Алексей Варламовка туттарда. 
Дьокуускайдааҕы куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Евдокия Евсикова суол эйгэтэ Арассыыйа тырааныспарын систиэмэтин уонна экономикатын сүрүн чааһынан буоларын бэлиэтээтэ. «Бүгүн ханнык баҕарар нэһилиэнньэлээх пуун олоҕун таһымын суолларын туругуттан көрөн быһаараллар. Үчүгэй суоллардаах буоллахтарына, дьон үөрүүнү кытта итинник куораттарга сылдьар. Суол хаһаайыстыбатын үлэтин түмүгэ тута харахха быраҕыллар. Куораппытыгар сылын аайы суолларбыт тупсан иһэллэр. Ити эһиги түбүктээх үлэҕит түмүгэ. Куорат олохтоохторун,  Дьокуускайдааҕы куорат Дууматын уонна тус бэйэм ааппыттан үчүгэй, хаачыстыбалаах суолларбыт иһин махтанабын», – диэтэ  Евдокия Евсикова.
СӨ киин куоратын социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин уонна идэлээх Күннэринэн суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга куорат баһылыгын грамоталарын, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын Бочуоттаах грамоталарын уонна куорат Дууматын уонна Уокуруктааҕы дьаһалта махтал суруктарын туттардылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...