Суол быйылгы үлэтэ түмүктэнэн эрэр
Дьокуускайга 2023 сыллааҕы, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үлэ түмүктэнэн эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 6 суол эбийиэгэр тутар-таҥар үлэ салҕанар. Үлэ бүтэр болдьоҕо – 2023 сыл сэтинньи 30 күнэ диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастагар бэлэмэ – 93%.
Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри учаастакка канализация тоннелэ өрөмүөннэнэр. Сэтинньи 30 күнүгэр диэри Ленин проспегар светофор эбийиэктэрэ холбонуохтара уонна оптуобус тохтобуллара туруохтара.
Кузьмин уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнүн (1 учаастак) бэлэмэ – 92,9%. Севернай кыбаартал суолун хапытаалынай өрөмүөнүн (1-кы уочарат) бэлэмэ – 87,5%. Ити эбийиэктэргэ таһынааҕы сырдатыы ситимин уонна носуос станциятын уот ситимигэр холбооһун ыытыллар.
Табаҕа сэлиэнньэтин Киин уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнүн бэлэмэ – 85,7%. Ити эбийиэккэ сэтинньи 23 күнүгэр диэри оптуобус тохтобулун уотунан ититиигэ, онтон сэтинньи 30 күнүгэр диэри таһынааҕы сырдатыы ситимин холбуохтара.
Табаҕа сэлиэнньэтин Строительнай уонна Комсомольскай уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэрэ чугаһаата, эбийиэктэр бэлэмнэрэ – 90-ча %.
2024 сылга көһөрүллэр эбийиэктэр испииһэктэригэр киирдилэр:
- Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри учаастакка уларытан оҥоруу;
- Көтөр фабрикатын дьоҕус оройуонун Хомустахскай уулуссатыгар баар элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар тиийэр суол хапытаалынай өрөмүөнэ;
- Кангалаас дьоҕус оройуонун Ольховай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ;
- Винокуров уулуссатын Ильменскай уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри учаастакка уларытан оҥоруу;
- Вилюйскай пер. Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри хапытаалынай өрөмүөнэ.