02.04.2020 | 10:37

Суохтан баары оҥорор Аскалонидзе уол!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Аскалонидзе” диэн аатынан биллэр Аскалон Барашковы инстаграм “олохтоохторо” эндэппэккэ билэр буолуохтаахтар. Дьиҥэр, Аскалонидзе уол адьас соторутааҕыта эрэ күөрэс гынан эрэрэ. Эдэр киһи, билигин биллэр блогер, элбэх сурутааччылаах, кыаҕын ылла диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.

«ЧУРАПЧИКАНЕЦ»пын

— Аскалон диэн эдьиийдэрим ааттаабыттара. 1994 сыллаахха төрүүрбэр, аатырар Аскалон Павлов ыллыы-туойа, сулустуу умайа сылдьар үһү. Ол иһин ааттаабыттар быһыылаах. Ол иһин эбитэ дуу, оҕо эрдэхпиттэн култуура араас салаатыгар сыста улааппытым. Сиэркилэ иннигэр араастаан туттан ыллыырым, үҥкүүлүүрүм, бэл, уһун-синньигэс кэнсиэртэри көрдөрөрүм.

Чурапчы улууһун Бахсы орто оскуолатын бүтэрэн баран, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтугар артыыс үөрэҕэр туттарсаары гыммытым. Хомойуох иһин, ол сыл абитуриеннары набордаабатахтара. Инньэ гынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тиэхиньиичэскэй институтугар туттарсан киирбитим. Түөрт сыл биллибэккэ ааһан, программист идэтин баһылаабытым. Дьиҥэр, култуура коллеһыгар барыахтаах эбиппин... сороҕор санаарҕаан ылабын ээ. Чэ, ити курдук, үөрэх бүттэ, диплом баар, ол эрээри идэбинэн үлэлиир баҕам букатын суох. Онон аармыйаҕа барарга сананным. Барыта этэҥҥэ ааһан, доруобуйам эппиэттэһэн, биир сыл ытык иэспин төлөөбүтүм. Уссурийскайга тааҥкабай чааска сылдьыбытым.

ОЛОХ СУОЛУН ТОБУЛУУ

Ийэлээх аҕам иккиэн айар куттаах дьон. Аҕам Иннокентий Туйма диэн аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр. “Тулаайах”, “Таптал – хаарты”, “Бэйэбит курдук”о.д.а. киинэлэрдээх. Бокуонньук Аркадий Новиков киинэлэрин эмиэ кини оҥорбута. Киинэни оҥорууну баһыттан-атаҕар диэри билэр диэтэхпинэ, сыыспаппын. Билигин сценарийдары суруйуунан дьарыктанар. Аҕам режиссердаабыт хас даҕаны киинэтигэр уһуллан турабын. Онон киинэ эйгэтигэр оҕо эрдэхпиттэн баарбын ээ (күлэр- аапт.).

— Аҕаҥ мөҕөр-этэр, сэмэлиир дуо?

– Хаһан даҕаны: “Солуута суоҕунан дьарыктана сылдьаҕын”, — диэн сэмэлээбитин өйдөөбөппүн, куруук күүс-көмө, тирэх буолар. Оттон ийэм, харыстыыр санаатттан буо, сороҕор сэмэлээччи. Устудьуоннуур кэмнэрбэр сайын Аллараа Бэстээххэ Руслан Федотов маҕаһыыннарыгар үлэлээн харчылаһарым. Онно элбэххэ үөрэммитим, билбитим-көрбүтүм. “Куруук хайдах маннык сылдьыахпыный, бэйэм суолбун, олохпун оҥостуохпун наада”,- диэн үгүстүк толкуйдуурум. Аҕам сүбэтинэн 2018 сыллаахха Санкт-Петербурга Евгений Малков диэн биллэр режиссерга сыл аҥаара курдук киинэ устар кууруска үөрэнэн кэлбитим. Актер, режиссер уонна оператор корочкалаахпын. Бүтэрэрим саҕана чуут Питерга хаала сыыспытым, кэлимээри сор-муҥ бөҕө...

ВАЙНЕР БЭРДЭ

— Питерга барыам иннинэ инстаграмҥа «вайн” диэн күлүүлээх видеолары устар муода кэлбитэ. Онно “хара уолаттар” диэн ааттанан, табаарыстарбын кытта тэттик видеолары устан саҕалаабыппыт. Алексей Михайлов оччолорго Өттүк Леха уонна Мотор Леха буола илик этэ. Бу аккауммут раскруткаламмыта, киһи бөҕө сэҥээрбитэ эрээри, эмискэ харчы наада буолан, биир билэр киһибэр атыылаан кэбиспитим. Билигин ол страницабыт биллэр-көстөр маҕаһыын.

ӨТТҮК ЛЕХА ОРУОЛА

— Өттүк Леха продюссера эн дуо?

– Эс, суох! Алексей Михайловы 2017 с. КВН-ҥа оонньуурун бэлиэтии көрөн, “видеота устуохха, бииргэ үлэлиэххэ” диэн этии киллэрбитим. Кини оччолорго вайн, видео игин диэни билбэт этэ.

ГУРУУННЬА ДИЭН КИМИЙ?

— Ааспыт сайын эмиэ инстаграмы үөрэтэ олорон биир төрүкү билбэт кыыһым муораҕа сынньана сылдьарын көрбүтүм уонна, үөнүм баппакка, дьээбэлэнэммин, үрдүнэн бэйэм саҥабын устан биэрбитим. Кыыспын, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, «Гуруунньа” диэн “сүрэхтээбитим”. Дьиҥэр, бастаан хайдах эрэ күлүүтэ суоҕа, ол да буоллар доҕотторум сэҥээрбиттэрэ уонна: “Жоскай контент”, - диэбиттэрэ. Ол видеобын инстаграммар киллэрбитим уонна утуйан хаалбытым. Сарсыарда уһуктубутум, соһуйуом иһин, ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук лайк, комментарий, подписка бөҕө! Онтон ыла “контент” диэн тугун, ханныгын билэн, Гуруунньабын салҕыы устарга санаммытым.

— Гуруунньаны кэлин укпаккын дии, ахтан ылааччыбыт ээ.

— Ити эмиэ инстаграм кистэлэҥ суола буолар. Соруйан укпаппын. Наһаа чаастатык таһаардахха, дьон сылайан хаалар, ону эмиэ учуоттуохха наада. Подписчиктарбын сүтэриэхпин баҕарбаппын.

— Дьон интэриэһин хайдах тардаҕын?

— Интэриэһинэй контент булуохха наада. Ол аата, дьон сэҥээрэр тэрээһинин, дьонун таба тайанан устуоххун, онно сөптөөх ыйытыылары биэриэххин наада. Маны таһынан, видеоны кырасыабайдык, тупсаҕайдык устуохтааххын, табыгастаахтык таҥыахтааххын. Тыаһа-ууһа, саҥата-иҥэтэ иһиллэр, суруга-бичигэ өйдөнөр буолуохтаах. Дьэ, оччоҕуна эн контеҥҥын булаҕын. Билигин бэйэбин “YouTube-ка” көрөбүн. Сотору ханаалбын арынан, дьоммун-сэргэбин сэргэхситиэм.

КИИНЭ УСТАБЫН

-Ааспыт сайын Өттүк Лехалыын киинэ устан түмүктээтибит. Эрдэ киинэлэргэ үлэлэһэ сылдьыбыт буоламмын, хайдах курдук ыараханын, элбэх үлэни, сыраны-сылбаны эрэйэрин эппинэн-хааммынан билэрим. Барытын ымпыктаан-чымпыктаан, ыйааһыннаан көрөн бараммыт, хамаанда тэринэн, устарга санаммыппыт. Манна биири бэлиэтиэхпин баҕарабын – биир-биэс харчыта суох сылдьан, сүүрэн-көтөн, спонсор була охсон, кэпсэтии бөҕөтүн ыытан, тиһэҕэр тиэрдэр сыаллаах этибит. Сценарийбытын мин аҕам суруйбута. Бэйэм режиссердаабытым. Леха икки оруолу тэҥинэн толорбута. Сотору рекламабыт тахсыаҕа, аһаҕас айах буолбат туһуттан, итинтэн ордугу быктарбаппын.

ТОЛКУЙУ ТОБУЛАН

Билигин бэйэбин суолбун булуммут киһинэн ааҕынабын. Оскуолабын үс токур үстээх бүтэрбитим. Математика, геометрия уонна нуучча тыла этэ. Онон өйдөөх, ситиһиилээх киһинэн ааҕыммаппын. Ол эрээри, мин санаабар, ханнык да үйэҕэ киһи олоҕун бэйэтэ сөбүлүүрүнэн оҥостуон сөп. Ким эрэ эппитинэн буолбакка, сүрэх ханна сытарынан.

КОРОНАВИРУСТАН СЫЛТААН ҮЛЭ ТОХТООТО

Бу вирустан элбэх кэпсэтии, үлэ боппуруоһа атахтанна. Мин санаабар, бу вирус кэннэ дьон бэйэ-бэйэтигэр харыстабыллаахтык, ыраастык сыһыаннаһыа дии саныыбын. Саҥа уураахтар, сокуоннар бөҕө айыллыахтара, сахам дьоно, бары онно бэлэм сылдьыаххайыҥ. Сахабыт дьоно аата-ахсаана да биллэр аҕыйах, онон, бука диэн, былаас тугу этэрин барытын тутуһаргытыгар ыҥырабын. Мин бэйэм ханна да быкпаппын, бэйэбин харыстанан, дьоммун харыстаан, дьиэбэр олоробун.

ЫЧЧАККА

Биһиги курдук мунаахсыйа-тэнээхсийэ сылдьыбакка, хас да сылгытын сүтэрбэккэ, сөбүлүүр үөрэххитигэр киирэҥҥит, талбыт идэҕитин толору баһылааҥ. Дьоҥҥут тугу эппитинэн буолбакка. Урут миэхэ “булгуччу онно үөрэнэҕин” диэтэхтэринэ, мах бэрдэрэн хааларым уонна дьоммун буруйдуу саныырым эҥин. Онон эһиги: «Мин тугу баҕарабын уонна сөбүлүүбүн?” – диэн ыйытыыны куруук бэйэҕитигэр биэрэ сылдьыҥ. Олох олороруҥ тухары син биир эйигин үөҕэр, саҥарар, сиилиир, ырытар дьон баар буолуохтара. Оннук дьону кытта алтыһымаҥ да – бүттэҕэ дии. Иннигит диэки күрдьэн бара туруҥ. Чөл олохтоох буолуҥ, чугас дьоҥҥутун, аймахтаргытын сыаналааҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...