Сунтаарга сайылык түбүгэ саҕаланна
Сахабыт сиригэр Сайылык күнэ 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан ылыллыбыта. Онон ыам ыйын 22 күнэ Сайылык күнүнэн биллэриллибитэ.
Тыа сирин олохтоохторо иккис сылын бу күнү уратытык бэлиэтииллэр. Мин бүгүн Сунтаар улууһун Күндэйэ нэһилиэгэр сатабыллаахтык үлэлии олорор “Таас” сайылык бүгүҥҥү олоҕун туһунан сырдатыам. Күндэйэ олохтоохторуттан хас да дьиэ кэргэн бары бииргэ сайылык тэринэн, хас сайын аайы тахсан, кэтэх хаһаайыстыбаларын маннык көрүнэн, дьаһанан олороллорун сэргии иһиттим.
Бааһынай хаһаайыстыба олоҕун-дьаһаҕын Күндэйэ олохтооҕо, “Сырдык Аартык” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай хаһаайыстыбатын бэтэринээр бырааһа Мария Николаевна Терентьева кэпсиир.
“Таас” быыһык кэмин сэгэттэххэ
– 1960 сыл бүтүүтүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Р.С. Иванова Күндэйэ отделениетыгар управляющайдаан олордоҕуна, култуурунай мэччирэҥнээх “Таас” сайылыгын дьиэтэ-уота, титиигэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу тутууга сэрии бэтэрээнэ, бойобуой уордьан кавалера Ф.Н. Макаров биригээдэтэ үлэлээбитэ. Ыанньыксыттарынан Ленин уордьаннаах Е.Г. Степанова, Бочуот знага уордьаннаах Т.И. Васильева, Үлэ Кыһыл знамята уордьаннаах М.И. Егорова үлэлээбиттэрэ. Мэччирэҥ ньүөлсүтүүтүгэр Бочуот знага уордьан кавалера, механизатор О.В. Иванов, бостуугунан Ф.И. Андреев үлэлээбиттэрэ. Ленин уордьаннаах “Элгээйи” сопхуос сайдарыгар элбэх кылааты киллэрбиттэрэ. Бу сайылыкка 80-с сыллар бүтүүлэригэр Н.Н. Макаров салайааччылаах кэлэктиибинэй бэдэрээт үлэлээн үтүө түмүктэри көрдөрбүтэ. 1993 сыллаахха дойду үрдүнэн ыһыллыы буолан, бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрэ. Ол курдук, Р.П. Елисеев салайааччылаах “Арыы”, В.И. Кюндяйцева салайааччылаах “Боотулуу” бааһынай хаһаайыстыбалар сайылыктара буолбута. Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут.
Киэн туттар дьоммут
– 20-тэн тахса сыл биһиги дьиэ кэргэн бу сайылыгы дойду оҥостон олоробут. Билигин “Сырдык Аартык” ТХПК сайылыгар 14 хаһаайыстыба уонна Күндэйэ агрооскуолатын ыанньык ынахтара сайылыыллар. Ыанньыксыттарынан “Күнчээн” уһуйаан үлэһиттэрэ В.Н. Иванова, О.Н. Степанова уоппускаларын кэмигэр, В.С. Елисеева, бэтэринээр быраас М.Н. Терентьева, оскуола производственнай маастара Ю.С. Дьяконова бэйэлэрин ынахтарыгар эбии ыалтан кэтэх сүөһү ылан көрөллөр. Үүт эрийээччинэн оскуола маастара В.В. Евсеева, бостуугунан А.М. Степанов үлэлии сылдьаллар. Сайылыкка 70-ча ньирэй сайылыыр. Балартан ороһу төрөөбүт ньирэйдэри В.С. Иванова кыра оҕолуу бүөбэйдиир. Сайылыкпыт биир саамай тутаах киһитэ Р.П. Елисеев электрикпит, наладчикпыт буолар.
Оҕолору тыа үлэтигэр сыһыарабыт
“Таас” сайылыкка 5-с кылаас оҕотуттан саҕалаан, үөрэнээччилэр ыанньыксыты солбуйааччынан, үүт эрийээччинэн, бостуук көмөлөһөөччүтүнэн сылдьаллар, үлэҕэ уһуйуллаллар.
– Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ агрооскуолатын кытта ыкса сибээстээхтик шефтэһэн үлэлиибит. Сайын саҕаланыыта 10 кылаас үөрэнээччилэрэ үгэс курдук, биир күн тахсан субуотунньуктаан, өрөмүөн-тутуу үлэтигэр көмөлөһөллөр. Сайылыкпыт оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар араас чинчийэр үлэлэри оскуола маастардара В.В. Евсеева, Ю.С. Дьяконова салайан ыыталлар. Ол түмүгэр оҕолорбут күһүҥҥүттэн дакылааттары суруйан, араас таһымнаах научнай конференцияларга кытталлар. 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Даниил Дьяконов “Сравнение органов кузнечика и бабочки” дакылаатынан улууска бастаабыта. Лилиана Уарова “Экономическая эффективность свиноводства” дакылаатынан улуустааҕы, региональнай, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттан, “Сосновый Бор” лааҕырга сынньанар путевканы ылбыта. Валерия Петрова “Влияние кормовых добавок на молочную продуктивность КРС” диэн дакылаатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр чинчийээччилэр күрэхтэригэр кыттан, Саха сириттэн 4 оҕо кыттыбытыттан соҕотоҕун дипломант буоларын ситиспитэ. Сылын аайы сайылыкпыт аатыттан оскуола меценатствотыгар кыттыһан, оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит үөрэнээччигэ анал бириэмийэ туттарабыт.
Айылҕаттан күүс-уох ылынан
Ааспыт сыл сайыныгар Францияттан саха төрүт аһын үөрэтэр учуонайдар кэлэн ыалдьыттаан барбыттар. Ону тэҥэ атын улуустартан уопут атастаһа кэлэн бараллар эбит. “Дьол тааһа” шоу-биэрии сорох түгэнэ бу сайылыкка уһуллубут.
– Сайылыкка көһүөхпүт иннинэ ыраастаныы, күрүө-хаһаа өрөмүөнүн үлэтигэр субуотунньукка тахсабыт. Дьэ, ол кэнниттэн ахтылҕаннаах сайылыкпытыгар сүөһүлэрбитин үүрэн, малы-салы тиэйэн, бары көһөн кэлэн, Тааспыт оҕо аймах күлүүтүнэн, сүөһү маҥырааһынынан, тиэхиньикэ тыаһынан, дьон саҥатынан туола түһэр. Сайыҥҥы түбүк саҕаланар. Олохтоох миэстэбитин булан, сиэннэрбит-оҕолорбут ыраахтан чугастан муһуннахтарына, биир күн бары ким тыраахтырга тиэллэн, ким массыынаҕа олорсон, чугастааҕы сирдэринэн айылҕа кэрэтин көрөн, сынньанан кэлэбит. Сайылыкпытыгар сайын аайы бары бииргэ көмөлөөн сибэкки, оҕуруот аһа олордобут, тэлгэһэбитин симиибит. Сүөһү туттарбыт хаһаайыстыбаларбытын, урукку сайылыкка бииргэ үлэлээбит доҕотторбутун ыҥыран, сайылык ыһыаҕын тэрийэбит. От үлэтэ саҕаланыан иннинэ сүөһү идэһэлэнэн, сайылыкпытыгар эт миинин минньигэс сыта дыргыйар анал күннээхпит.
Дьэ, ол кэнниттэн бары оттоон күн солото суох буолабыт. От бүттэҕинэ түүҥҥү тугунуокка, балыктааһыҥҥа тахсан минньигэс, сибиэһэй аһы амсайабыт. Сир аһыгар оҕолуун-кырдьаҕастыын бары чугастааҕы ойуурбутугар күн аайы отонноон, бэйэтэ биир умнуллубат түгэн буолар. Кус көҥүллэннэҕинэ кустаан, күөлбүтүгэр балыктаан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн буола түһэбит. Үлэбит быыһыгар эһиил сайыҥҥы оттор маспытын саһааннаан, сайылыкпытын чөкөтөн көһөргө бэлэмнэнэбит. Көһөр күммүтүгэр сарсыардааҥҥы ыам кэннэ малы-салы тиэйэн, дьиэни-уоту хомуйан баран, ынахтарбытын бастатан, ньирэйдэри үүрэн бары бииргэ көһөн кэлэбит.
Сайылыкпыт үтүө үгэһэ:
- Сайылык күнүгэр бары сайылыкпытыгар тахсан хомуйан, чөкөтөн ыраастаан, көһөргө бэлэмниибит.
- Бэс ыйын 1-кы күнүгэр көһөн тахсыы буолар.
- Кэллибит да, тэлгэһэбитин кэрэ көстүүлээн, араас сибэккини, үүнээйилэри олордобут.
- Окко киириэх иннинэ сайылыкка көһүү ыһыаҕын бары сүөһүлээх хаһаайыттар, үлэһиттэр мустан ыһабыт.
- Куораттан оҕолорбут, сиэннэрбит кэллэхтэринэ сайын устата айылҕаҕа сынньатан, сир астатан, сахалыы сиэргэ-туомҥа үөрэтэбит.