СУНТААРДАР МЕНТАЛЬНАЙ АРИФМЕТИКАҔА БАСТЫҤНАР
Людмила Тертюхова, Зинаида Иванова салайааччылаах «WISE» оҕону сайыннарар киинтэн 20 оҕолоох бөлөх Москваҕа иккис төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы аһаҕас ментальнай арифметика күрэһэр кыттан кэллилэр. Ол түмүгүнэн 14 мэтээл, 2 кылаан кыайыылаах кубогын ситиһэн, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Ол курдук, СПТЛИ 7 "в" кылааһын үөрэнээччитэ Сабрина Кириллина икки төгүл кыайыылаах (ментальнай счёт, физический счёт), Сунтаардааҕы 2-с №-дээх оскуола 3-с кылааһыттан Бибинури Файрушина эмиэ икки төгүл кыайыылаах (ментальнай счёт, физический счёт), СПТЛИ 5-с "б" кылааһыттан Регина Семенова ментальный счёт кыайыылааҕа; Сунтаардааҕы алын оскуола 3-с "б" кылааһын үөрэнээччитэ Диана Кондакова ментальный счёт кыайыылааҕа; Эмиэ бу оскуола 4-с "г" кылааһыттан Айсен Степанов турнир 4 төгүл кыайыылааҕа (ментальный счёт, физический счёт, флеш-счёт уонна норуоттар икки ардыларынааҕы стандарт көрүҥэ SAMA compitation) кыайыылааҕа; СПТЛ 6-с "б" кылааһын үөрэнээччитэ Альберт Павлов ментальнай счёт, физический счёт; Лаура Тертюхова – турнир физическай ахсааҥҥа абсолютнай кубогын хаһаайката уонна ментальнай счёт кыайыылааҕа; СПТЛ 6-с "а" кылааһыттан Нарияна Петрова турнир ментальный счёкка абсолютнай кубогын хаһаайката уонна физический счёт кыайыылааҕа буолан кэллилэр.
Айталина Сивцева, Милан Алексеев, Костя Николаев, Мичил Архипов, Марк Николаев, Карина Семенова, Лианна Петрова, Нарыйаана Васильева, Валера Константинов, Юлианна Крылова, Джулия Иванова, Айсен Иванов эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарын иһин Туоһу сурук ыллылар.
Ментальнай арифметика (менар) – өйү, айар дьоҕуру сайыннарар өйгө суоттааһын ураты ньымата. Маны баһылаабыт оҕо арифметическай садаачаны өйгө аҕыйах сөкүүндэ иһигэр суоттуур буолар. Бу методика 4-12 саастаах оҕолорго ананар, ол эрэн билиҥҥи үйэҕэ улахан дьон үлүһүйэрэ элбээтэ. Улахан киһи ылынара уустук соҕус, диэн үөрэтээччилэр биэлиэтииллэр.
Ментальнай арифметика 16-ыс үйэҕэ Японияҕа үөдүйбүт. Бастаан баһылыырга абак эбэтэр соробан диэн суот туттуллар.