28.11.2022 | 17:26

Сунтаардар хотугу дьүкээбил "анныгар"

Бу күннэргэ улууспут киинигэр араас култуурунай тэрээһиннэр тиһигин быспакка бииртэн биир ыытылла аҕай тураллар.
Сунтаардар хотугу дьүкээбил "анныгар"
Ааптар: Борис Николаев
Бөлөххө киир

Олортон биир сонуннарынан, дьон биһирэбилин ылбыт тэрээһининэн С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр сэтинньи 26 күнүгэр буолбут " Тус Хоту" диэн ааттаммыт кэнсиэр буолла.

Улахан тэрээһини Бордоҥнооҕу "Айыллаан" култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, кэргэннии Мария, Василий Спиридоновтар анал бырайыактарынан тэрийбиттэр.

Кэнсиэркэ Олоҥхо дойдута Сунтаар сиригэр кэрэ кийиит, күндү күтүөт буолан олорор киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин уон биир хоту улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Инньэ гынан биһиги, көрөөччүлэр биир үтүө киэһэ инньэ силлиэлээх-буурҕалаах Булуҥунан, тоһуттар тымныылаах Үөһээ Дьааҥынан, кырса кыыл баайдаах Халымаларынан, аргыардаах Абыйынан, Анаабырынан. Эбээн Бытантайынан о.д.а билигин күн көстүбэт күнүстээх, сэттэ араас өҥүнэн күлүмнүүр дьүкээбил уоттаах туруу үлэһит дьонноох-сэргэлээх дойдуларга тамайа сүүрэр туундара туллуга таба көлөнөн тиийтэлии, сээдьэлээн ойо сылдьыбыт тэҥэ сананныбыт ээ.



Мин бу кылгас бэлиэтээһиммэр кими да ааттаан-суоллаан чопчу чорботон хайгыы- хайыы сатаабаппын. Арай хас биирдии кыттааччыга бука барыларыгар номоххо киирбит Сунтаар курдук кытаанах, дьиппиэ көрөөччүлэр бу сырыыга хотуларга уҕараабат ытыстарын тыаһын харса суох бэлэхтээбиттэрэ кэнсиэр хайдаҕын туоһулуур эрэ диибин.

Уолаттарбыт, кыргыттарбыт хоту дойду бэртээхэй да ырыаһыттарын, араас талааннаахтарын аҕалбыттар эбит ээ диэн астынаҕын эрэ. Бу киэһээҥҥи тэрээһин биир уратытынан, хотулар араас эгэлгэ элбэх сүүйүүлээх лотерея оонньоппуттара буолла.

Бултаах-алтаах хоту сир кыһыл саһыла, араас күндү балыга, мас көтөрө, чэ, туох суоҕуй диэххэ айылаах. Онно эбии тэрээһин тэрийээччитэ, күндү күтүөппүт, Абыйтан хааннаах Василий Спиридонов-Байанайдаах Баһылай бэйэтэ бултаабыт куһа-хааһа, балыга. Сүүйүү элбэҕэ кими баҕарар сөхтөрдө курдук. Кэнсиэркэ кыттыбыт хотулары сэргэ Сунтаарга өр сылларга олохсуйбут хоту сиртэн төрүттээх дьон лотерея бирииһигэр эмиэ кыттыспыттара хайҕаллаах дьыала. Ол аата кинилэр дойдуларын аатын-суолун өрө туталларын, түмсүүлээхтэрин бэлиэтэ буоллаҕа.



СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Мария, Василий Спиридоновтар тэрийбит бу "Тус Хоту" кэнсиэртэрэ дьон биһирэбилин ылыан ылла. Инникитин маннык сонун программанан ханна баҕарар тиийиэххэ сөп эбит дии санаатым.

Биир көрөөччү быһыытынан, айар куттаах Спиридоновтар өрөспүүблүкэ бит 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар дьоһун бэлэх оҥордулар диибин. Өссө кырачаан кыргыттар кэнсиэр устатын тухары дьоннорун кытары тэҥҥэ "үлэлэһэн" сцена олоҕун бэрт кыраларыттан билэ туруохтара буоллаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...