07.05.2020 | 17:31

Сулустар карантиннара хайдах ааһарый?

Сулустар карантиннара хайдах ааһарый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга COVID-19 кэлиэҕиттэн кыралыын-улаханныын түөрт истиэнэҕэ хаайтаран олоробут. Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр дьоно харантыыны хайдах атааралларын, дьонноругар-сэргэлэригэр тугу  сүбэлииллэрин сырдатыахпыт.

Александр Бурнашов, пародист, ырыаһыт:

- Коронавирус барыбытын араастаан сааһылаата, туох да үчүгэйэ суох эпидемия диэн көрөбүн. Биһиэхэ, дьон ортотугар сылдьыбыт дьоҥҥо, биллэн турар, ыарахан. Артыыс көрөөччүтэ суох артыыс буолбатах. Атын да эйгэҕэ үлэлиир дьон эрэйдэннилэр. Этиллибитин курдук, дьиэҕэ олоробут. Оҕолорбутугар соччото суох, күүлэйдиэхтэрин баҕараллар. Карантиҥҥа олорон дьиэбитин сааһылыыбыт. Дьиэ үлэтэ хаһан даҕаны бүппэт. Дьиэнэн олорон араас минньигэс ырысыаптары боруобалаан көрөбүт. Инникитин олох өссө тупсуо дии саныыбын. Өйдөһүү, бэйэ-бэйэни сыаналаһыы, олоҕу, дойдуну таптыырбыт күүһүрүө. Биллэн турар, элбэх дьон тоҕуоруһа мустар тэрээһиннэригэр сылдьыбатах ордук. Сотору ааһыа, оннубутугар киириэхпит.

Виталий Очиров, алгысчыт, ырыаһыт:

- Коронавирус туһунан киһини соһутар этиим суох. Ол эрэн кэлбит ааһыа диэн бигэтик эрэнэбин. Карантин бириэмэтигэр бука бары дьиэбитигэр олоробут, YouТubе-тан көрөн, араас аһы астанабыт, бэйэ икки ардыгар сыһыаны бөҕөргөтөбүт. Ону тэҥэ дьиэ ис-тас үлэтэ элбэх. Хата, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, тиэргэн иһин  күүстээхтик өрө тардыы буолла. Олохпут инникитин үчүгэй өттүгэр тосту уларыйыа дии саныыбын. Киһи барахсан кыратык да куттанан ыллаҕына, олоҕу көрүүтэ уларыйар, олоҕу сыаналыыр буолар. Эбэн эттэххэ, сааһыланыы уонна хомунуу үлэтэ күүскэ барда. Сууммат да киһи суунар буолбут буолуохтаах. Түмүккэ вирус диэн тугун биллибит. Ол эбэтэр утары күүһү билэр эбит буоллаххына, күрүөлэнэҕин-хаһааланаҕын.

Ньургуйаана Сыроватская-Нюргуша, тамада:

- Дьиэҕэ хааччахтанан олоруу эрэсиимин тутуһан олоробун. Бүтэһигин кулун тутар 21 күнүгэр сыбаайба ыыппытым, онтон ыла үлэлии иликпин. Чааһынай дьиэлээхпин, онон дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэбин. Биллэн турар, истиэнэни манаан тулуйан-тэһийэн олорор олус сылаалаах. Ким да суох сиригэр тиийэммин айылҕалыын алтыһан кэлэбин, тыын ылабын. Дьааҥы хайаларыгар балыктыы бара сылдьыбытым. Дьиэм аттыгар Мырааҥҥа тахсан сүүрэбин, дьарыктанабын.

Предприниматель буоларым быһыытынан, биһиэхэ олус ыарахан кэмнэр үүннүлэр. Үлэтэ суох олоробут, инники былаан барыта тохтоото. Сылга хаста эмэ дьону соҕуруу сынньатан аҕалар этим, онтукайым эмиэ тохтоото. Бүгүн Крымҥа көппүт буолуохтаах этибит, ол эмиэ сотулунна. Хата, дьиэҕэ олороммун саҥа сынаарый, ырыа оҥордум, онон саҥа репертуардаах үлэлииргэ бэлэммин.

Коронавирустаах дьон ахсаана күн-түүн элбии турар, мин санаабар, ыһыахтар, сайыҥҥы үтүө кэмнэр барыта буолбаттара буолуо. Этэҥҥэ буоллаҕына, күһүн барыта бүтэр ини. Олохпут инникитин уруккутун курдук буолан бүтэр туруктаах. Эбиитин дойду үрдүнэн кризис ыган, биһиги харчыбыт да уларыйан хаалыан сөп курдук. Хайдах эрэ 90-с сылларга буолбут курдук балаһыанньа. Сахам дьоно, дьон тоҕуоруһа мустар сиригэр сылдьымаҥ! Дьиэҕитигэр олоруҥ!

Олимпия, ырыаһыт:

- Бу ыарыы хас биирдии киһини күүскэ аймаата, долгутта. Биһиги ыаллар мэдиссиинэ ирдэбилин толору тутуһабыт. Карантиммын дьиэ-уот күннээҕи түбүгэр атаарабын. Биллэн турар, сааскы сибиэһэй салгын тиийбэт, ордук оҕолорго. Ол эрэн маннык соһуччу, халбаҥ түгэҥҥэ эппиэтинэстээх уонна харыстабыллаах соҕус буолуохтаахпыт. Инникититин олохпут биллэ уларыйыаҕа. Аҕам саастаах дьон доруобуйалара чөл буолалларыгар, биһиги эдэр дьон сабыдыалбыт сүрдээх улахан. Кинилэри харыстыахха наада, ыарыы дьайыыта, эппиттэрин курдук, олус күүстээх. Пандемия барытын биирдэ сотон ааһара туох үчүгэйдээх буолуой! Манна баран эттэххэ, алдьархай ааҥнаатаҕына, эрэлбит – быраастарга! Түгэнинэн туһанан утуйар ууну умнан быыһыы-абырыы сылдьар үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар махталбын тиэрдэбин.

Дария Лаврова, ырыаһыт, коуч-тренер:

- Пандемия туох-баар эйгэбин, дохуоппун барытын сапта. Мин ырыабынан уонна «вокальнай фитнес” хайысхабынан хамнастанан олорбутум. Ол иһин, санаабын түһэрбэккэ, аҕыйах хонуктааҕыта  кыра бэкээринэ уонна онлайн үөрэх кууруһун арыйдым. Онон кыралаан да буоллар, дохуот киирэр. Икки кыра оҕону кытта онлайн үөрэнэ-үөрэнэ, ыраас салгынынан тыыммакка олорортон туох үчүгэйэ кэлиэй. Бэйэм ытыы-сонуу сылдьыбат киһи буоламмын, ону-маны толкуйдаан, үлэлии сатыыбын. Карантин сотору бүтэрэ буоллар диэн баҕалаахпын.

Клим Федоров, тамада, биллэр-көстөр шоумен:

- Вирус барыбытын дьиэҕэ олорто, элбэх киһини толкуйга киллэрдэ, өйүн-санаатын сааһылаата. Нэһилиэнньэ бэйэтигэр түмүк оҥостон олорор буолуохтаах диэн эрэнбин. Биир бэйэм ыһыллыбыт мэйиини сааһылыыр, ыһыллыбыт киһини миэстэтигэр булларар түгэн курдук саныыбын. Урут куруук: “Айуу айа! Сарсын эмиэ үлэ! Хаһан уоппуска буолар? Сылайдым! Эһинним!” - диир буолаллара. Дьэ, бу кэннэ, бу санааны тохтотуохтара, үлэ диэн күндүтүн, сиэркилэтин, үлэлээн аһаан олороллорун өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Мин хаһан даҕаны үлэбэр айаккалыы-ойокколуу барбаппын, барытыгар үөрэ-көтө түһүнэбин. Тоҕо диэтэххэ, орто дойдуга саамай баҕарбыт үлэбинэн үлэлии сылдьабын. Артыыс буолар оҕо эрдэхпиттэн ыра санаам. Хаһан даҕаны сылайдым-элэйдим диэбэппин. Күндү ааҕааччылар, эһиги эмиэ бу тылы быраҕыҥ, туттумаҥ, сахаларга барсыбат, ону өйдөөҥ! Бу пандемия икки атахтааҕы бу орто дойдуга кыахтаахтык туттан-хаптан, иннинэн көрбүтү барытын иҥнэри анньан, туора көрбүтүн барытын тоҕута хаһан, үрдүнэн көппүтү өлөрөн, аннынан сүүрбүтү барытын самнаран, киэптээн-хааптаан олорон кэлбитин оннугар түһэрдэ.  Көстүбэт күөммүт олус күүстээх эбит. Дьиэ иһигэр олорор, мааска кэннигэр саһар диэни эппитинэн-хааммытынан биллибит. Онон мөлтөх дьон сынтарыйар чэпчэкитэ суох кэмнэрэ үүннүлэр. Инникигэ эрэлэ, олоххо дьулуура, дьүккүөрэ суох киһи таҥнары түһүөн сөп. Билигин киһи бэйэтин иһиллээн көрүөхтээх уонна чумпуруохтаах. Биир бэйэм үс күн саҥата суох олордум. Дьонум соһуйуохтарыгар, куттаныахтарыгар диэри. Ол сыттахпына, иннэ үүтүн курдук үүт хайаҕаһынан  күн сырдыга тыкта. Ону кытта мин дьону дьиэҕэ сытан хайдах аралдьытары, кинилэр сүрэхтэрин бэйэм диэки хайдах гынан  хайыһыннарары биллим. Социальнай ситимим билигин өрөспүүбүлүкэ талааннаах дьонун киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах үлэлии турар.  Дьаҥ кэллэ, куттал буолла диэн санааҕа баттаппакка, карантиҥҥа дьиэҕэ таах олорбокко, социальнай күрэһи тэрийдим. Манна тыа сирин ансаамбыллара, үҥкүүһүттэрэ, ырыаһыттара, хоһоонньуттара бары кытталлар. Бастыҥ үҥкүүлэрин устан ыыталлар...

Күрэс, бастатан туран, нэһилиэнньэни сомоҕолуур, доҕордоһуннарар, санаа атастаһар, үллэстэр уонна, саамай сүрүнэ, сэһэргэһэр кыаҕы уунар.

Аны күн аайы инстаграммар үс чаастаан артыыстары, ырыаһыттары ыҥыран аһаҕас эпииргэ кэнсиэр көрдөрөбүт. Манна эстрада ырыаһыттара  бары кэриэтэ кэллилэр уонна кэлээри тураллар. Киһи бөҕөтө киирэн көрөр, кэрэхсиир, сынньанар. Мин санаабар, хас биирдии эйгэҕэ үлэлиир киһи маннык хабааннаах тэрээһини ыытара буоллар, нэһилиэнньэбит олус да сэргэхсийиэ этэ. Олохпут инникитин чөлүгэр түһүө, бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаах буолуохпут. Бу бэриллибит олох кэрчигин  сиэрдээхтик, дьоһуннаахтык, киһи быһыытынан олороргутугар ыҥырабын.

Саарын, артыыс:

- Вирус баар да диэбэппин, суох да диэбэппин. Ол эрэн бу үөскээбит балаһыанньа түргэнник бүтэн, үлэбитигэр тахсан, артыыстар формабытыгар киирэ охсон, үлэлээбиппит, үөрбүппүт-көппүппүт курдук  сылдьыахпын баҕарабын. Пандемия саҕаланыаҕыттан киһи аймах барыта моральнай, психологическай өттүнэн тосту уларыйда. Наһаа үлүннэрбэккэ олордоххо, карантин түргэнник бүтүө этэ.

Далаана, ырыаһыт:

- Биһиги дьиэ кэргэн карантин биллэриллэ илигиттэн дьиэбитигэр олоробут, бүгүн оруобуна балтараа ый буолла. Чааһынай дьиэҕэ олорор, сааскы сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар буоламмыт, тэһийэбит. Оҕолорум олбуор иһигэр оонньууллар. Биллэрин курдук, таас дьиэтээҕэр мас дьиэ элбэх үлэни, сыраны эрэйэр, онон карантин биһиэхэ олус туһалаахтык ааһан иһэр. Коронавирус киһи аймахха кытаанах сэрэтии буолар, ыарахан кэми бииргэ түмсэн, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһан, этэҥҥэ туоруоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...