16.01.2021 | 17:00

Султан Маразыков: “Олохтоохтор хас сарсыарда аайы дорооболоһоллор”

Султан Маразыков: “Олохтоохтор хас сарсыарда аайы дорооболоһоллор”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Элбэх кыбартыыралаах дьиэ көрүүтэ-истиитэ хара баһаам. Аныгы  тутуулаах дьиэ таһын ыраастык тутуу, төһө даҕаны аспаалынан бүрүллүбүтүн иһин, үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр.

Бу дьон хара сарсыардаттан сиппиир кыбыммытынан кэлэннэр, тымныыттан толлубакка, дьиэ таһын күрдьэ, ыраастыы сылдьар буолаллар. Сүүһүнэн түннүктээх, үрдүк мэндиэмэннээх  олорор дьиэ иһэ-таһа ыраас буоллаҕына, «дьэ, чахчы үчүгэй үлэһиттээхтэр эбит, абыраммыттар!” диэн сыана быһыллар.

Бүгүҥҥү нүөмэргэ үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, оройуон олохтоохторо бары кэриэтэ хайҕыыр киһилэрин, тиэргэни ыраастыыр Султан Маразыковы кытта кэпсэтэбит.

- Султан Керимович, хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

- 2018 сылтан «Якутск» салайар хампаанньаҕа үлэлиибин. Хампаанньа үлэтэ таһаарыылаах, куруук үрдүк көрдөрүүлээх. Үлэбин үтүө суобастаахтык толорорго кыһаллабын. Киһи сааһыран истэҕин ахсын хамсаныылаах үлэҕэ тардыһар эбит, онон бэйэтэ туспа эрчиллии, сэрээккэ да диэххэ сөп.

- Чугас дьонуҥ хайдах сыһыаннаһалларый?

- Дьиэ кэргэним миигин өйдүүр, өйүүр. 4 кыыс оҕолоохпун, 11 сиэннээхпин, онтон 9-һа – уол. Оҕолорум, сиэннэрим туһугар үлэлиибин. Кэргэммин, оҕолорбун наһаа таптыыбын.

Бу иннинэ «Металл Торг” тэрилтэҕэ оробуочайынан, таһаҕаһы тиэйээччинэн үлэлээбитим.

- Эн 203-с микрооройуон дьиэлэрин ыраастыыр, хомуйар эбиккин.  Нэһилиэнньэ хайдах сыһыаннаһар?

- Дьон миигин ытыктыыллар, сыаналыыллар. Хас биирдии киһиэхэ, ханна үлэлиириттэн тутулуга суох,бу саамай улахан хайҕабыл буолар. Дьон сыаналыыр, ытыктыыр, үлэҕин сэҥээрэр буоллахтарына, туох куһаҕана кэлиэй. Олохтоохтор, оннооҕор уһуйаан оҕолоро  хас сарсыарда аайы дорооболоһоллор, ыйыталаһаллар, кэпсэтэллэр. Сорох киһи күрдьэх көрдөөн ыраастаһар да түгэннэрэ баар буолааччы. Маннык сыһыаннаһар дьоҥҥо, ама, ким  үтүөнү оҥоруо суоҕай? (күлэр). Уопсайынан,  203 микрооройуон олохтоохторо  сайаҕастар, эйэҕэстэр уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлээхтэр.

Саҥа дьиэлэргэ үксэ эдэр дьон олохсуйан олорор. Халлаан сылаас кэмигэр дьиэлэринэн араас күрэхтэһиилэр, көрдөөх флешмобтар буолаллар. Биир бэйэм онтон туора турбаппын, кылааппын киллэрэн куруук кыттабын.

Ханна баҕарар дьиэ ыраас, сырдык буоларыгар баҕарабын. «Чистота – залог здоровья” диэн быраабыла баар.  Оройуоҥҥа, дьиэ таһыгар куруук бэрээдэк баар буоларыгар кыһаллабын. Сайынын 10, 11, 12 куорпустарга сибэккилэри, талахтары олордобун, уу кутабын, сыыс отун ыраастыыбын. Аныгы оройуон тупсаҕай, кыраһыабай уонна, саамай сүрүнэ, ыраас буолара миигиттэн эмиэ улахан тутулуктааҕын өйдүүбүн.

- Үлэҕин ким хонтуруоллууруй?

- Биллэн турар, салайар хампаанньа кылаабынай исписэлииһэ уонна дьиэ ыстаараһыта уонна олохтоохтор. Үлэлээбитим тухары ким даҕаны үҥсүбэтэҕэ, барытын төһө кыайарбынан оҥоро сатыыбын.

- Сууккаҕа хас чаас үлэлиигин?

- Үлэм сарсыарда 8 чааска саҕаланар уонна киэһэ 8 чааска бүтэр. Ардыгар 21.00 чааска тиийэ сылдьыахпын сөп. Электриктэри, сантехниктары кытта бииргэ сүбэлэһэн, өйдөһөн үлэлиибит. Олоххо араас быһыы-майгы буолан хаалыан сөп, онно барытыгар бэлэм сылдьабыт.

- Эһиги үлэҕит-хамнаскыт туох ыарахаттардааҕый?

-  Саамай күргүөмнээх кэм – кыһын. Хаар элбэх буолар. Айылҕаны утары хайдах барыахпытый? Саха сирэ тымныытынан, элбэх хаарынан биллэн, аатыран кэллэ. Киһи үлэтин таптыыр буоллаҕына, ол киниэхэ ыарахан буолуо суохтаах. Мин үлэбин таптыыбын, ол иһин ыарахаттары аахсыбаппын.

- Хамнаскыт хайдаҕый, кэмигэр төлөнөр дуо?

- Хамнас үчүгэй, муҥатыйбаппыт. Ый аайы кэмигэр төлөнөр.

- Сорох дьон ырааһырдыы үлэтин ыытар дьону кириитикэлииллэрэ хайдаҕый?

- Биллэн турар, дьон биһиги үлэбитин кириитикэлииллэр да, кириитикэлиэхтэрэ да. Холобур: билигин хаары ыраастаатыҥ, онтон чаас аҥарынан эмиэ күүстээх тыал түһэн, хаар кыыдамнаабытынан барыаҕа. Биир эмэ олохтоох киһи: «Тугу да хомуйбатах, хаарынан бүрүллэн сытар», – диэн сөп.

- Күһүн сэбирдэхтэри сиппийэр уустук дуу эбэтэр кыһын хаары ыраастыыр дуу?

- Чиэһинэйдик эттэххэ, иккиэн биирдэр. Өскөтүн тыал эн диэки үрэр буоллаҕына, биллэн турар, уустук. Сэбирдэхтэр да, хаар да өрүтэ көтүөккэлииллэр.

- Дьон араас өйдөөх-санаалаах, тус-туспа майгылаах, итириктэр да бааллара буолуо...

- Итириктэр баар буолааччылар, ханнык дьиэҕэ суох буолуохтарай? Ардыгар, олох эдэркээн оҕолор кытта. Мин кинилэри кытта алтыһа, билсиһэ сатаабаппын. Биһиги олохпут сүрдээх кылгас, киһи олох олороору биирдэ кэлэн ааһар. Биир үйэни сиэрдээхтик олоруохха наада.

- Биһиги дьоммут култуураларын туһунан туох дии саныыгын?

- Үчүгэй өттүгэр уларыйыылары көрөбүн. Бөх-сыыс аҕыйаабыт. Урут бөхтөөх мөһөөччүгү подъезка көрүөххэ сөп этэ, билигин оннук суох. Билиҥҥи кэмҥэ саамай сүрүн кыһалҕа табах тобоҕо буолар. Дьиҥэ, дьиэлээх хаһаайыттар бэйэлэрин оройуоннарын киртиппэттэр, ыраастык тута сытыыллар. Манна куортамнаан олорор киһи элбэх, ыалдьыттар да кэлэн бараллар. Кинилэр, дьэ, киртитиэхтэрин сөп, табахтарын тобоҕун  мээнэ быраҕаллар. Бу диэн эттэхэ, табахха харчы эрэ баранар буолбатах дуо?

- Иллэҥ кэм көстөр дуо?

- Бэйэбин эрчийэбин, турникка тардынабын. Хас биирдии киһи курдук иллэҥ кэммин дьиэ кэргэммэр, оҕолорбор, сиэннэрбэр аныы сатыыбын.

- Султан Керимович, ааҕааччыларга тугу баҕараҕын?

- Саҥа үүммүт сылынан Дьокуускай куорат олохтоохторун эҕэрдэлиибин. Ааспыт сылбыт хаһааҥҥытааҕар да ыарахан кэм буолла. Пандемия туран, бу олоххо доруобуйабыт туохтааҕар да күндүтүн дакаастаата. Күндү дьонум, доруобай буолуҥ. Чөл олох, ыраас санаа, чэгиэн турук баар буоллаҕына олохпут уһуоҕа.

- Атын үлэҕэ боруобаланан көрүөххүн баҕарбаккын дуо?

- Суох! Оннук санаалар киирбэтэхтэрэ. Мин үлэбин сөбүлүүбүн. Дьонум да, олохтоохтор да, салалта да сыһыаннара үчүгэй. Онон доруобуйам кыалларын, эппиэттиирин тухары бэриниилээхтик үлэлиэм. 

Ахсынньы, тохсунньу, олунньу ыйдарга тымныы күннэр тураллар, бэл, хойуу туман түһэн, хааман иһэр киһи кытта көстүбэт үлүгэрэ буолааччы.

Солбуллубат үлэһиккэ үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьон-сэргэ барҕа махталын мэлдьи ыла тураргар баҕарабын!

Үлэтин сыаналыыбыт

Наталья Луковцева, 203-с микрооройуон ыстаарыһата:

- Үлэтигэр бэриниилээх киһинэн Султан Керимовиһы ааттыахха сөп. Хас сайын ахсын олохтоохтор олордубут сибэккилэрин көрөр, харайар. Киһи быһыытынан олус элэккэй, көрдөөх, куруук үөрэ сылдьар буолар. Тоһуттар тымныыны аахсыбат киһи. Аны туран, үтүө санаалаах буолан кыамматтарга, саастаах дьоҥҥо куруук көмөлөһөр. Хаһан даҕаны кыыһыра, хомойо сылдьарын көрбөппүт. Үлэҕэ-хамнаска биһиги оройуон сэмэй чөмпүйүөнэ буолар. Олохпут тупсарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэ сылдьарын биһиги сыаналыыбыт.

Түгэнинэн туһанан, 203-с түөлбэ ыраас буоларыгар кылааттарын киллэрэ сылдьар бары үлэһиттэргэ олохтоохтор ааттарыттан махталбын тиэрдэбин. Ханнык баҕарар дьыл кэмин аахсыбакка, үлэлэрин  кыһамньылаахтык, бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаргытынан киэн туттабыт. Ылбыт тэтими ыһыктыбат эрчимнээх, киэҥ аартыктары арыйар таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

Николай Афанасьев, оройуон олохтооҕо:

- Сүрдээх үлэһит киһи. Хаһан даҕаны быар куустан олорбот. Аны элэккэйэ, дьону кытта кэпсэтэн-ипсэтэн истиҥ сыһыаны олохтуур. Кини баар буолан дьиэбит истиин-тастыын куруук ыраас буолар, биир да бөҕү хаалларбат. Маннык дьону элбэхтэ сырдатаргыт эбитэ буоллар. Элбэх киһиэхэ холобур. Өскөтүн, куонкурус дуу, анал наҕараада толкуйдууллара буоллар, киниэхэ куоластыам этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...