Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара.
Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар.
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа, Максим Кирович Аммосов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолуоҕа.
Дьокуускайга Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа «Якутия: прошлое, настоящее, будущее в свете достижений Михаила Ефимовича Николаева» быыстапка арыллыаҕа.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Хаҥалас улууһугар бастакы бэрэсидьиэн пааматынньыгын үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Бу күн Михаил Николаев төрөөбүт дойдутугар Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах мунньах буолуоҕа.
Маны таһынан, Судаарыстыбаннас күнүн бырагырааматыгар култуурунай тэрээһиннэр эмиэ киирэллэр. Ол иһигэр – 14-с төгүлүн ыытыллар «Северное сияние» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл кэнсиэрэ.