Субсидия кээмэйэ улаатар
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга куорат дохуотун 52%-на үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, спорка уонна социальнай политикаҕа туһаайыллыаҕа.
“Ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, үөрэхтээһин систиэмэтигэр ороскуоту 707 мөл. солкуобайынан улаатыннаран биэрдибит диэн бэлиэтээн этэбин. Ити үп ааһан эрэр сылга эмиэ киирэр. Маны сэргэ, оскуола үөрэнээччилэрин уонна уһуйаан иитиллээччилэрин астарыгар-үөллэригэр, үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга ороскуоту улаатыннардыбыт”, – диэтэ Евгений Николаевич.
Ону таһынан, эһиилги бүддьүөккэ ОДьКХ салаатыгар ороскуот биллэрдик улаатыаҕа. Итиэннэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн судаарыстыбаннай бүддьүөттэн киин куоракка көрүллэр субсидия улаатыаҕа. Ол “Сырдык киин куорат”, “Мин тиэргэним” бырагыраамалары салгыы ыытарга, хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыыга, уулуссалары уонна уопсастыбаннай эйгэлэри ыраастааһыҥҥа тирэх буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Куорат Дууматын дьокутааттара киин куорат 2023 сылга бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыннылар.