03.10.2020 | 10:57

Суһал көмө наада!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин Светлана Александровна Львова диэммин, Сунтаар улууһун Күндэйэтиттэн төрүттээхпин. Кырачаан кыыһым Лиана Салиева 2016 сыллаахха атырдьах ыйын 2 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Оҕом ыалдьыан иннинэ биһиги Сунтаарга олорбуппут, онтон Дьокуускайга көһөн кэлэргэ күһэллибиппит.

Оҕом бастаан 2019 сыл кулун тутарыгар ыалдьыбыта. Муннун хаана кэлэр буолбута, дэлби тиритэр этэ, сөп буола-буола температурата тахсара. Улуус стационарыгар киирэн рентген түспүппүтүгэр сэбиргэхтэппит (пневмония) диэн буолбута. Антибиотигынан эмтэммиппит, туруга улам мөлтөөн барбыта, дэлби ырбыта...

Муус устар ортотугар Медицинэ киинигэр кэлэн киирбиппит. Уһун чинчийии, анаалыс түмүгүн кэтэһии кэнниттэн “Нейробластома правого надпочечника с метастазами в лимфоузлы, костный мозг, в кожу, в кости скелета, 4 стадия, группа высокого рискадиэн ынырык диагноһы истибиппит. Онтон ыла мин олоҕум тосту уларыйбыта.

Ийэҕэ саамай улахан дьоло – төрөппүт оҕото этэҥҥэ улаатара. Оттон мин оҕом кып-кыра сааһыттан куһаҕан ыарыыны утары охсуһа сылдьар.

Кыракый кыысчааным сылтан ордук ынырык ыарыыны утары хорсуннук кииристэ:

- биопсия ылыытын эпэрээссийэтин этэҥҥэ ааста;

- 6 блок күүстээх, немецкэй протоколунанан бэриллэр, химимотерапияны ааста;

- искэнин ылан бырахтылар;

- үрдүк дозалаах химиотерапияны ылла;

- сэлии трансплантациятын ааста (пересадка костного мозга).

Маны барытын Москва куоракка Д.Рогачев аатынан Оҕо гематологиятын, онкологиятын, иммунологиятын чинчийэр медицинэ киинигэр босхо, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин квотатынан аастыбыт.

Билигин мин оҕом доруобай буоларыгар суһаллык “Иммунотерапия GD2 антителами” (динутуксимаб бета) диэни ааһыан наада. Бу терапияҕа киирэр олус ыарахан сыаналаах эмтэр Арассыыйаҕа регистрацията суохтар, ол эрэн Европаҕа уонна Америкаҕа искэн ыарыылаахтары эмтээһиҥҥэ киэҥник туттуллаллар. Урут маннык эмтэниини омук сиригэр эрэ ааһыахха сөбө, быйылгыттан Д.Рогачев аатынан кииҥҥэ, эми бэйэбит атыыластахпытына, эмтэнэр кыахтанныбыт.

Мин оҕом олоҕун салҕыыр эмп 15 000 000 (уон биэс мөлүйүөн) солкуобай сыаналаах.

Сэтинньи 1 күнүгэр диэри бу сууманы булуохтаахпыт.

Биһиэхэ хас биирдии салгынынан тыынар сөкүүндэбит күндү буолла. Ыарыыта салҕыы хайдах буолуо биллибэт, хаһан баҕарар уһуктан кэлиэн сөп.

Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс! Ким төһө кыахтааҕынан көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүн.

Мин оҕом үҥкүүлүүрүн таптыыр, оҕо-оҕо курдук оонньуон-көрүлүөн баҕарар, оҕо саадыгар талаһар, оскуолаҕа үөрэниэн баҕарар.

Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан туран, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран, бар дьоммуттан, хас биирдиигититтэн, көмө харчы көрдөһөбүн.

Резкизиттэрим:

Мобильный банк

+7 964 429-87-43

? Сбербанк

Львова Светлана Александровна

4276 7616 4810 5936

?Алмазэргиэнбанк

4278 4300 0075 4925

? Тинькофф: 5536 9138 0537 7385

?ВТБ: 2200 2407 1993 2044

?АТБ: 5329 4758 9620 2790

?Яндекс кошелек: 4100 1157 1651 8537

Сбербанк для юр.лиц: Якутское отделение #8603 ПАО Сбербанк

БИК 049805609

к/с 30101810400000000609

р/c 40817810676000427600

Инстаграм страница : @salievaliana

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....